Соловьев нэһилиэгин олохтоохторо Чурапчы улууһун дьаһалтатын үлэтин сөптөөҕүнэн сыаналаатылар

Улуус дьаһалтата 2023 сыллаах үлэтин Соловьев нэһилиэгэр отчуоттаата. Сүрүн дакылааты улуус баһылыга Степан Саргыдаев оҥордо.


Мунньахха 50 киһи кыттыыны ылла. Олохтоохтортон сүрүннээн доруобуйа харыстабылыгар сыһыаннаах боппуруостар киирдилэр. Ол курдук, эмп-томп атыытын туһунан, олохтон туораабыт киһини экспертизалыыр өҥө Чурапчыга тоҕо оҥоһуллубатын уо.д.а ыйыттылар. Маны тэҥэ дизельнай ыстаансыйа, Араассыыйа пуочтатын үлэтин туһунан туоһуластылар.

Этиилэргэ тэйиччи сытар нэһилиэккэ «Даайа Амма — Мырыла» суолун оҥоруу, уматыгынан хааччыйыы боппуруостара сытыытык турдулар. Ону таһынан оскуола дириэктэрэ Семен Собакин быйыл оскуола тэриллибитэ 100 сылын туоларынан былааннаах үлэ ыытылларыгар итиэннэ оскуола территориятын өрөмүөнүүргэ үп көрүллэригэр туруоруста.

Дьаһал кыттыылаахтара улуус дьаһалтатын 2023 сыллаах үлэтин сөптөөҕүнэн сыаналаатылар.


Иннокентий Собакин, Мырыла сэлиэнньэтин олохтооҕо:
Отчуоту сэргээн иһиттим. Улууска бары хайысхаҕа киэн хабааннаах үлэ ыытыллыбытын сиһилии сырдаттылар. Ол курдук, 2023 сылга элбэх дьон олорор дьиэтэ тутуллубут. Аны быйыл балыыһабыт иккис уочарата, спортивнай киин, Мындаҕаайы орто оскуолата үлэҕэ киирээри тураллар эбит. Маннык улахан социальнай эбийиэктэр үлэҕэ киириилэрэ улахан үлэттэн, туруорсууттан тахсар дии саныыбын.

Маны таһынан тыа хаһаайыстыбатыгар болҕомто уурбуттарыттан үөрдүм. Тоҕо диэтэххэ, бу эйгэҕэ Соловьев нэһилиэгэ өрөспүүбүлүкэҕэ, улууска биир тарбахха баттанар нэһилиэк буолар. Биһиги курдук Сэбиэскэй былаас саҕаттан элбэх сүөһүнү иитэн, элбэх бурдугу үүннэрэн, элбэх оту оттоон кэлбит нэһилиэк аҕыйах. Ону сыаналаан улуус дьаһалтата приоритетнай нэһилиэктэр ахсааннарыгар киллэрэн, олохтоох оҥорон таһаарыыны өйүүр өрөспүүбүлүкэтээҕи бырагыраамаҕа сайаапкалыылларын туһунан иһитиннэрдилэр.

Биһиги нэһилиэккэ интэриниэт, төлөпүөн сибээһэ киирбитэ. Ону сэргэ олохтоохтор бары кэриэтэ киинтэн ититиигэ холбоннубут. Нэһилиэкпит өссө сайдыаҕын суолбут туруга мэһэйдиир. Онуоха «Даайа Амма-Мырыла» суолу оҥоруу бырайыага оҥоһуллан, үп көрүллэн, үлэ олунньуттан саҕаланарын туһунан үөрэ иһиттим.

Марфа Петрова.