Соловьев нэһилиэгэр “Тэйэр Хайа — 2023” сайыҥҥы улуустааҕы ыччат бэстибээлэ үрдүк таһымнаахтык ыытылынна

Василий Хомподоев, Соловьев нэһилиэгин баһылыга:

— Бу тэрээһин дойдубут, улууспут ыытар ыччат бэлиитикэтигэр олоҕуран, тыа сиригэр ыччаты тардыыга  ананна. Бу боппуруоска сыһыаннаах стратегическэй сиэссийэ ыытылынна. Ыччаттартан туһалаах, оруннаах үгүс саҥа идиэйэлэр киирдилэр. Мантан сүрүн этиилэри докумуоҥҥа тиһэн, олоххо киллэрэргэ үлэлэһиэхпит. Онно сөптөөх кыахтар, бырагыраамалар бааллар.

 

Бэстибээл иһинэн «Тыа сиригэр бэйэ дьыалата» бизнес бырайыактар куонкурустара буолла. Ыччаттар сонун, интэриэһинэй үлэлэрин ыҥырыылаах экспертэргэ көмүскээтилэр. Ол курдук, мүөттээх ыҥырыаны иитии уонна онтон оҥоһуллар тахсар бородууксуйалар тустарынан Күннэй Тимофеева, Амма өрүһүнэн туристическай айаны олохтооһун уонна ону сайыннарыы туһунан Денис Третьяков, СӨ төрүт үгэстэрин харыстааһыҥҥа уонна туризмы сайыннарыыга анаммыт этно-глэмпинг туһунан Мария Кампеева, чөл олоҕу тарҕатар «Тэйэр» оҕо лааҕырын  туһунан Илана Никитина кэпсээтилэр.

 

Сүрүн эксперинэн СӨ Урбаан, атыы-эргиэн уонна туризм миниистирэ Тимур Ханды үлэлээн, бэстибээл таһымын үрдэттэ. Кини кыттааччыларга бырайыак суруйарга, бэйэ дьыалатын тэриниигэ, сайыннарыыга туһалаах сүбэлэри биэрдэ, киэҥ билиититтэн, уопутуттан үллэһиннэ. Маны таһынан тыл этиигэ  үлэтин сүнньүнэн улуус ыччатын сэбиэтин кытта ыкса  үлэлэһэргэ эрэннэрдэ.

 

Тимур Ханды, миниистир:

— Мин көрүүбүнэн, бу ыччат форума олус көдьүүстээх, таһымнаах буолла.  Кыттааччыылар Чурапчы эрэ улууһуттан буолбакка, ыраахтан-чугастан, холобур, Муоматтан тиийэ кэлбиттэрэ, СӨХТӨРДӨ. Ыччаттар төрөөбүт дойдуларын, түөлбэлэрин таптыыллара, мантан көһөр санаалара суоҕа киһини үөрдэр. Кинилэр, эдэр дьон тыа сиригэр олохсуйалларыгар анаан үрдүкү салалта, олохтоох дьаһалта туох үлэни ыытыан сөбүн туһунан тус санааларын иһитиннэрдилэр. Саамай сүрүнэ, ыччаттар  олорор нэһилиэктэрин, түөлбэлэрин сайдыыта хас биирдии киһиттэн тутулуктааҕын өйдүүллэр. Онон ыччаты көҕүлүүр сөптөөҕүн бигэргэттилэр.

 

Бу куонкурус түмүгүнэн кыайыылааҕынан Күннэй Тимофеева ааттанан,  50 тыһ. солкуобай уу харчынан наҕараадаланна. Бу бирииһи нэһилиэк биир бастыҥ урбаанньыта Виктор Петров уонна кини дьиэ кэргэнэ туруорда.

 

Маны таһынан Мария Кампеева Урбаан, атыы-эргиэн уонна туризм министиэристибэтигэр стажировкаланар кыаҕы ылла.

 

Күннэй Тимофеева, Мырыла ыччата:

— Бу бизнес-бырайыакпынан эрдэттэн бэлэмнэммитим. Кыайыыбыттан олус үөрдүм, долгуйдум. Бирииспинэн мүөттэн оҥоһуллар бородууксуйаларбын суулуур, угар үчүгэй хаалары ылыаҕым.

Ыҥырыа иитиитинэн элбэх ыччат дьыарыктаныан баҕарабын. Тоҕо диэтэр, бу олус  барыстаах бизнес буолар. Баҕалаах ыччаттарга төһө кыалларынан көмөлөһөбүн. Түгэнинэн туһанан, тэрийээччилэргэ махтанабын. Бу бэстибээл ыччаты түмэн,  туһалаах билиилэри иҥэринэргэ, саҥаны арыйарга саҥа саҕахтары биэрдэ. Холобур, бизнеспин кэҥэтэрбэр миниистир туох бырагыраамалар баалларын, ону хайдах туһанарга сүбэлээтэ. Маны таһынан ыспартыыбынай күрэхтэһиилэргэ кыттан, элбэх үчүгэй настырыанньаны ыллым.

 

Бэстибээл биир сонун хайысхатынан сахалыы медитация буолла. Киһи ис туругун чэпчэтэр, санаатын сааһылыырыгар көмөлөһөр дьарыгы Дьокуускайтан сахалыы куттаах кэрэ аҥаардар Ариадна Винокурова уонна Сайыына Местникова  ыытан, кыттааччылар сэҥээриилэрин ыллылар.

 

Маны таһынан икки күн устата ыччаттар өрүһүнэн устан, сөтүөлээн, балыктаан, мээчиктээн, кутаа тула олорон гитара до5уьуолунан ыллаан-туойан, хамаанданан күрэхтэһэн, сайыҥҥы күннэрин туһалаахтык атаардылар.

 

Сардаана Аржакова, Дьокуускай куорат ыччата:

— Олус интэриэһинэй ыччат бэстибээлэ буолла. 2 күн, 2 түүн кыыс Амма кытылыгар, сибиэһэй салгыҥҥа өйбүнэн-санаабынан, эппинэн-сиимминэн олус сынньанным. Манна кыттан, элбэх саҥаны биллим, элбэх доҕоттордоннум, дуоһуйуохпар диэри сүүрдүм-көттүм, мэниктээтим, сөтүөлээтим. Ол быыһыгар тыа сиригэр олорор ыччат олоххо көрүүлэрин, тыа сирин сайдыытыгар туһуламмыт бырайыактарын истэн, мотивация бөҕө буоллум. Бэстибээли тэрийбит Чурапчы ыччаттыгар махтанабын. Кэлэр сылга эмиэ хайаан да, кыттыыны ыла кэлиэҕим.

Марфа Петрова