Тыа хаһаайыстыбатын хайысхатыгар биир уустук уонна эппиэтинэстээх үлэ – бэтэринээр идэтэ. Чурапчытааҕы бэтэринээринэй управлениеҕа 36-с сылын үлэлиир Анастасия Попованы билиһиннэрэбит.
Быйыл Ил Дархан Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэҕэ Үлэ сылынан биллэрэн турар. Онон ханнык баҕарар эйгэ үлэһиттэригэр хаһааҥытааҕар да болҕомто ууруллан, кинилэр олохторун, үлэлэрин таһымын үрдэтиигэ, чэпчэтиигэ, хамнаһы үрдэтиигэ, үлэ усулуобуйатын тупсарыыга, кинилэр идиэйэлэрин олоххо киллэриигэ араас хайысхалаах үлэ-хамнас ыытыллар. Оттон биһиги, информацияны киэҥник тарҕатар эйгэ үлэһиттэрэ, биллэн турар, бастыҥ үлэлээх дьоммутун-сэргэбитин сырдатыы – сүрүн сорукпут.
Тыа хаһаайыстыбатын хайысхатыгар биир уустук уонна эппиэтинэстээх үлэ – бэтэринээр идэтэ. Кинилэр өҥүрүк куйааһы, бытарҕан тымныыны аахсыбакка, ардаҕы ардах диэбэккэ, сииктээх, инчэҕэй хотоннору кэрийэн соруктаах үлэлэрин толороллорун, ыҥырыыга сылдьан дьиэ кыылларын эмтииллэрин, ардыгар уустук да эпэрээссийэлэри оҥороллорун үгүспүт санаабытыгар да баттатан көрбөт буолуохтаахпыт. Төһөлөөх элбэх үлэһит бу идэни баһылаан, олохторун тухары “көстүбэт фроҥҥа” бэриниилээхтик үлэлии-хамсыы сылдьаллара буолуой?
Биир оннук киһинэн Чурапчытааҕы бэтэринээринэй управлениеҕа билигин лаборанынан үлэлии сылдьар Анастасия Федоровна Попованы ааттыахха сөп. Кини бу тэрилтэҕэ үлэлээбитэ номнуо 36-с сылыгар барда. Анастасия Федоровна исписэлиис быһыытынан ханнык баҕарар үлэттэн толлон турбакка, салайааччыта ханна аныырынан, туһааннаах үлэтигэр түргэнник ылсан иһэрин, үрдүк көрдөрүүлэри ситиһэрин бииргэ үлэлиир кэллиэгэлэрэ бэлиэтииллэр, эдэр үлэһиттэргэ уопуттаах настаабынньык, эрэллээх кэллиэгэ быһыытынан ылыналлар. Кини ситиһиилээх, өр сыллаах үлэтин “Саха Өрөспүүбүлүкэтин бэтэринээринэй сулууспа туйгуна” аат, Арассыыйа Бырабыыталыстыбатын Махтал суруга уо.д.а. өрөспүүбүлүкэттэн, улуустан анаммыт үрдүк наҕараадалар туоһулууллар.
Бу күннэргэ үлэтин үгэнигэр сылдьар үлэһити көрсөн, кылгастык кэпсэтэ түстүбүт.
Анастасия Федоровна, дорообо! Бастатан туран, ааҕааччыларбытыгар ханна үөрэнэн, бу идэҕин баһылаабыккын, үлэлээбит кэмнэриҥ туһунан сырдата түс эрэ.
- Мин 1980с. Чурапчыга ахсыс кылааһы бүтэрээт, Төҥүлүтээҕи ОПТУга бэтэринээрдэри бэлэмниир отделениеҕа үөрэнэ киирбитим. Онно үс сыл үөрэнэн, ситиһиилээхтик бүтэрэн, Хадаарга осеменатор быһыытынан ананан үлэлээбитим. Икки сыл үлэлээн баран, дьиэ кэргэним балаһыанньатынан, Чурапчыга кэлбитим. Икки сыл идэбинэн буолбакка, атын тэрилтэлэргэ үлэлээн баран, дьэ, олохтоохтук 1987сылтан идэбинэн улуустааҕы бэтэринээринэй управлениеҕа киирэн күн бүгүҥҥэ диэри үлэлии сылдьабын.
- Эн үлэлээбитиҥ тухары, бу тэрилтэҕэ ханнык баҕарар идэттэн чаҕыйбакка, барытыгар ылсан үлэлээн иһэргин бииргэ үлэлиир кэлэктиибиҥ киэн тутта бэлиэтиир. Онон эдэрдэргэ бастыҥ настаабынньык, уопуттаах, солбуллубат үлэһит быһыытынан сыаналанаргын истэбин.
- Бастаан манна, оччолорго ветупуун диэн ааттанара, сантитар быһыытынан үлэбин саҕалаабытым. Оччотооҕуга сибээс диэн мөлтөх этэ – төлөпүөнэ суох дьон сүөһүлэрэ, сылгылара, о.д.а. дьиэ кыыла ыарыйдаҕына, ыалларыгар тахсан эбэтэр манна кэлэн ыҥыраллара. 80-90-с сылларга аҥаардас улуус киинигэр 3000-тан тахса ынах сүөһү баара. Олорго быһыы оҥоруу, хааннааһын, эмтээһин-томтооһун, вызовка сылдьыы үгүс сыраны, түбүгү эрэйэрэ. Аны такси суоҕа, тэрилтэбитигэр массыына да көрүллүбэтэ. Онон кыһыннары-сайыннары Чурапчы биир уһугуттан биир уһугар диэри сатыы сылдьыталыыр түгэн үгүс буолара. Эдэр сылдьан, эйэҕэс сыһыаннаах, уопуттаах үлэһиттэргэ, үтүө салайааччыларга түбэһэн, кинилэр сүбэлэринэн, ыйыыларынан-кэрдиилэринэн, бэтэринээр уустук үлэтин толору баһылаан, баччааҥҥа диэри үлэлээн кэллэҕим. Ол курдук, сэбиэдиссэйбин Валентина Ивановна Сибирякованы, Дария Семеновна Попованы, Варвара Семеновна Иванованы дириҥ махталынан ахтабын. Уопсайынан, үлэлээбитим тухары иллээх кэлэктиипкэ, сатабыллаах салайааччыларга түбэһэн үлэлээбитим – дьолум диибин.
Кэлин 2003-2019 сс. аптекарынан ананан үлэлээбитим. Онтон билигин төрдүс сылбын лаборанынан үлэлии сылдьабын. Бэйэҥ идэҥ сүнньүнэн тэрилтэҕэр ханнык баҕарар үлэҕэ бэйэҕин холонуу, идэни уларытан үлэлээһин киһиэхэ ураты туругу, идэҥ таһымын үрдэтиигэ саҥа хардыылары, сонун көрүүлэри, киэҥ билиини-көрүүнү биэрэр.
—Тэрилтэҕитигэр билигин сүрүн кыһалҕаҕыт тугуй?
— Эдэр исписэлиистэр тиийбэттэр. Хамнас кыра соҕус, улуус киинигэр олорор дьиэ көрүллүбэт буолан уһуннук тохтооботтор. Билигин сорох нэһилиэктэрбитигэр бэтэринээрдэр тиийбэттэр. Анал идэлэргэ ыччат дьиҥэр, үөрэнэр эрээри, түбүктээх, ыарахан үлэттэн саллан, идэлэринэн буолбакка, атын тэрилтэлэргэ үлэлээччи үгүс. Онон хамнаспытын үрдэтэллэрэ буоллар диэн үлэһиттэр барыбыт баҕа санаата.
— Ханнык баҕарар үлэһит мүччүргэннээх сырыыга, эбэтэр олус чаҕылхайдык өйдөөн хаалбыт түгэннэрдээх буолааччы. Эйиэхэ да, бука, оннук сырыылар аҕыйаҕа суохтара буолуо?
— Уопсайынан, сүөһүгэ диагноз туруорар олус уустук. Кини туга ыалдьыбытын, хайдах туруктааҕын хаһаайына эрэ кэпсииринэн сэрэйэн быһаараҕын. Аан бастаан үлэлии киирбит сылбар, өҥүрүк куйаас сатыылаан турдаҕына, биир ыаллар ынахтарын, аанньа аһаабат буолбутун иһин, көрдөрөөрү ыҥырдылар. Ону бастаан харыҥа үлэлээбэт буолбут диэн быһааран эмтии сатаатым. Ынахпыт күн ахсын туруга мөлтөөн иһэр, моонньо уонна моонньун тымырдара иһэн бардылар. Ону сэбиэдиссэйбэр Валентина Ивановнаҕа этэн, иккиэн көрө тиийдибит. Баҕар, тимир ыйыстыбыта буолуо диэн магнит ыйыһыннаран көрдүбүт да, күттүөннээх түмүгү ылбатыбыт. Онон салҕыырга диэн быһаарыныы ылынныбыт. Оо, онно баар этэ – ыаллар батаамалаах, үүттээх ынахтарын өлөртөрөн баран, туох да түмүгү ситиспэккэ, хаһаайыннартан саҥарыллыы, сэмэлэнии куттала! Бэтэринээрдэр ыалдьан өлбүт сүөһүнү астааһыҥҥа тэҥҥэ сылдьыһан хайаан да диагноз туруорар эбээһинэстэрэ буоллаҕа. Онуоха бастаан ынахпыт иһин-үөһүн, ханнын көрдүбүт. Барыта ып-ыраас, баас-үүт, ириҥэ суох. Тыҥатын, сүрэҕин көрдүбүт – эмиэ туох да улахан сүһүрүүнү булбатыбыт. Кутталбыттан ытамньыйан ылабын. Онтон Валентина Ивановна: “Төбөтүн арыйан көрдүҥ дуо?” – диэн ыйытта. Тиийэн аны төбөтүн, моонньун ырыттыбыт. Онуоха тылын түгэҕин хаспыппар, туох эрэ кыбыс-кытаанахха иҥинним. Ону син өр бодьуустаһан хостообуппут – ынахпыт таас ыстакаан аҥаарын ыйыстан кэбиспит эбит.
Онон хаһаайыттар сөпкө быһаарыныы ылбыппытын иһин улаханнык махтаммыттара. Син туһаҕа таҕыстаҕа, страховка харчытын ыллахтара дии. Арай онно туох да түмүгү ситиспэтэхпит буоллар, ол ыаллары көҥдөй ороскуокка тэбэн улаханнык сэмэлэниэ этим.
Аны биирдэ, уонча сыллааҕыта, кыайан төрөөбөтөх ынаҕы управление кэлэктиибин сүрүн үлэһиттэрэ, начаалынньыкпыт Прокопий Иннокентьевич Старостин кытта тиийэн, суукка аҥаара кэм устата эпэрээссийэлээн быыһаабыппыт. Сиамскай игирэ ньирэйдэр үөскээн моһуогурбут эбит. Ол ынахпыт этэҥҥэ буолан күһүн идэһэлээбиттэр этэ. Итинтэн атын түгэннэр элбэхтэр.
- Оттон үлэҕэр саамай үтүө өйдөнөн хаалбыт түгэниҥ тугуй?
2019 с. Москваҕа ыытыллыбыт «Золотая Осень» быыстапкаҕа үһүө буолан баран кэлиибит олоҕум биир саамай умнуллубат түгэнэ буолар. Араас дойдулар оҥорон таһаарбыт бородууксуйаларын, иитэр араас боруода сүөһүлэрин көрөн астынан кэлбиппит. Бэйэбит эмкэ-томко үлэлэһэр буолан, Мосагроген курдук улахан хампаанньалары кытта көрсөн ыйыталаһан, илэ харахпытынан көрөн, уопут атастаһан, кэлбиппит.
Дьиэ кэргэниҥ туһунан кылгастык билиһиннэр эрэ.
- Кэргэним Валерий Иннокентьевич суоппарынан үлэлээн баран билигин пенсияҕа олорор. Үс оҕолоохпут. Улахан кыыспыт Светлана туһунан ыал. Дизайнер үөрэхтээх. Кыра кыыһым Мотрена туйахпын хатаран, Бэтэринээринэй управлениеҕа эпизоотолог бырааһынан үлэлии сылдьар. Уолбут Валерий ХИФУга горнай үнүстүүккэ үөрэнэр.
- Дьиэ хаһаайкатын быһыытынан ордук тугунан сөбүлээн дьарыктанаҕын?
- Кыралаан, наада буоллаҕына, бэйэбэр, чугас дьоммор иистэнэбин. Оҕуруот аһын арааһын олордорбун сөбүлүүбүн. Сайынын куурусса, индюк атыылаһан иитэбит.
- Олоххор тутуһар девиһиҥ?
- “Саҥа саҕалааһынтан чаҕыйбакка, киһи сатыырын сатыахха, уустуктартан толлубакка, инниҥ хоту баран иһиэххэ”.
- Анастасия, кэпсээниҥ иһин махтал. Дьиэ кыылларын доруобуйатыттан дьон-сэргэ доруобуйата эмиэ быһаччы тутулуктаах. Онон уустук уонна эппиэтинэстээх үлэҕэр өссө үрдүк ситиһиилэри, дьон-сэргэ махталын куруутун ыла тур!
Анна Захарова