Сочига Аан дойдутааҕы ыччат бэстибээлигэр Чурапчы ыччата кыттыыны ыла сылдьаллар

Кулун тутар 1-7 күннэригэр Сочига Аан дойдутааҕы ыччат бэстибээлэ ыытылла турар. Манна 189 дойдуттан уопсайа 20 000 ыччат  муһунна. Саха сириттэн 110 киһилээх дэлэгээссийэ кытта сылдьар. Ол иһигэр Чурапчы ыччата эмиэ баар.

Александра Хомус, улуус ыччатын кытта үлэҕэ сүрүннүүр исписэлиис:

— «Сириус» федеральнай территорияҕа Аан дойдутааҕы ыччат куората тэриллибит. Манна бэйэтэ туспа «аэропортаах». Бу иһигэр «Сириус» диэн улахан библиотека үөрүүлээх аһыллыыта буолла. Манна бэстибээл кыттааччылара Сир араас муннугуттан аҕалбыт кинигэлэрин бэлэх ууннулар. Биһиги СӨ бастакы Ил Дарханын Егор Афанасьевич Борисовы сырдатар «Жизнь замечательных людей» серия иһинэн тахсыбыт саҥа кинигэни туттардыбыт. Онон «Сириус» историятыгар Чурапчыбыт биир чулуу киһитэ киирбититтэн үөрэбит. Сочига олорор биир дойдулаахтарбыт ааҕыахтара диэн эрэнэбит.

Бу күннэргэ бэстибээл үөрүүлээх аһыллыытыгар уонна Илья Авербух ледовай шоутугар сырыттыбыт. Культурнай бырагыраамалары сынньалаҥ эрэ курдук буолбакка, киһини толкуйдатар, сырдыкка, кэрэҕэ көҕүлүүр ис хоһоонноох оҥорбуттара көрөөччүнү сөхтөрөр.

Ону таһынан ыччат дьыалатыгар исписэлиистэр Саха сирин стендатыгар көмөлөстүбүт, үлэлээтибит. Ол курдук, кэлбит ыалдьыттарга өрөспүүбүлүкэбит туһунан билиһиннэрдибит, остуол оонньууларын оонньоттубут, өйдөбүнньүк бэлэхтэри туттардыбыт. Ыалдьыттар мозаикаҕа уонна хабылыкка хаамыскаҕа сөбүлээн дуоһуйа оонньоотулар. Маны сэргэ сахалыы киэргэллэр, хомустар, төрүт таҥаспыт уонна бриллиант, көмүс копиялара дьон көрүүтүгэр турдулар.

Бэлиэтээн эттэххэ, бу аан дойду ыччатын киэҥ далааһыннаах тэрээһинин иһинэн 800-тэн тахса маастар-кылаастар, трениннэр, лиэксийэлэр, сессиялар уо.д.а. үөрэхтээһин, спортивнай, культурнай дьаһаллар ыытыллаллар.

Марфа Петрова