Сэрии бүттэҕинэ эрэ дьиэлиэхтээхпин (Улуу Кыайыы 79 сылын көрсө)

Ити тыллары 1943 сыл ыам ыйыгар Урал биир чуумпу куоратыгар биир намыһах уҥуохтаах, чоҕулуччу көрбүт саха киһитэ эппитэ, байыаннай быраас иннигэр туран. Кини кыргыһыыга аҕыйах хонук сылдьаат дьиэтигэр төннө охсуон кыбыстара, фроҥҥа хаттаан ыыталларыгар көрдөспүтэ.

Афанасий Никитич Лыткин Сталинград хотугулуу-арҕаа өттүгэр оборуонаҕа сытар 66-с армияҕа 1942 сыл алтынньы ыас хараҥа түүннэриттэн биирдэстэригэр тиийбитэ. “Оборуонаҕа сытар” диэн билигин “кимэн киирэр” эбэтэр “чугуйар” диэннэрдээҕэр хайдах эрэ сымнаһыардык, холку курдук иһиллэр. Дьиҥэр, Сталинград хорсун көмүскээччилэриттэн өстөөх күүһүн аралдьытар туһугар манна күнүстэри-түүннэри кыргыһыы туох баар уорунан-кылынынан күүдэпчилэммитэ. Сэбиэскэй буойуттар хас чаас, хас мүнүүтэ ахсын хорсун-хоодуот быһыы холобурдарын көрдөрөллөрө, өлө-тиллэ охсуһаллара.

  • Хараҥардар эрэ, аппаларга, воронкаларга кирийэн ыла-ыла, бокуойа суох иннибит диэки дьүккүһэрбит, сырдыан иннинэ өстөөх траншеяларыгар адьас ыкса тиийэргэ тиэтэйэрбит. Ол иһэн ытыс таһынар хараҥаҕа немецтэргэ кэтиллэн былдьаныы да баар буолара. Оттон ракета сандаардаҕына, бары хахха сиргэ сытар буоллахпытына табыллара: ыкса киирэн эрэрбитин өстөөх биллэҕинэ, туох-туох буолуон ким билиэй. Онон олус сэрэнэрбит. Сырдыырын кытта гранаталары тамныы-тамныы траншеяҕа эмискэ саба түһэрбит, ыстыыгынан, илиинэн охсуһууга кыттан икки траншеяны ылсыбытым.

Алтынньы 20 күнүгэр саха саллаат сулууспалыыр 252-с дивизията Сталинград — Говорино тимир суолун былдьыыр сорудаҕы ылан кимэн киириигэ туруммута. Өстөөх инники кирбиитин көҥү көтөн кырпай хаардаах ыраас хонууга тахсыбыттара. Эмискэ, санааҕа эриэн-быраан былыттаах халлааны бүтүннүү сабардыыр, элбэх самолеттар супту суйулаан түспүттэрэ, буомбалар киһи куйахата күүрүөх улуспуттара, онтон кинилэр эстиилэриттэн сир өрө титирэстээбитэ. Сиргэ хаптайыахтарынан хаптайан сытар байыастар үрдүлэригэр буор-сыыс ыһыллыбыта, оскуолкалар сирдьигинэспиттэрэ. Афанасий Никитич, табаарыстара кинини кыргыһыы хонуутуттан таһааран, санитарнай массыынаҕа уган эрдэхтэринэ биирдэ өйдөммүтэ.

Оскуолка хаҥас буутун көп этин дьөлө көппүт уонна икки тарбаҕын илдьэ барбыт этэ. Онон, алта ый эмтэммитин кэннэ, хамыыһыйа кинини дьиэтигэр төттөрү ыытарга быһаарбыта. Ол эрээри, син көрдөһүүтүн ылынан, үтүөрэн эрээччилэр батальоннарыгар анаабыттара.

1943 сыл бэс ыйын 27 күнүгэр саллаат аны үһүс Белорусскай фроҥҥа тиийэр, көлөнөн таһаҕас таһар 142-с туспа ротаҕа түбэһэр. Тимир суолунан эбэтэр автомашиналарынан фронт кирбиитин чугаһыгар аҕалыллыбыт сэрии сэбин кыргыһыыга сылдьааччыларга тиэрдэллэрэ. Ол хайдах үлэтин Афансий Никитич кэпсээнин билиһиннэриэххэ:

  • Аттарбытын өстөөх көрбөт сиригэр хааллартаан баран, ручной пулеметтары дискалардаах, ботуруоннардаах дьааһыктары санныбытыгар сүгэн сыыларбыт. Ийэ-хара көлөһүммүт сарт түһэрэ. Буулдьа сиирэ-халты чыбыгыраан ааһара. Тула буомба, снаряд буору, куоппаһы муҥур харыйа саҕа гына өрө ыһыахтыыра. Арыт немец снайпердарын сойуолааһыннарыгар түбэһэрбит. Миигин, олох эстиэх киһини, хата, доҕотторум хачаайым иһин аһына көрөр, бааһырыылаахпын билэр буолан абыраабыттара. Ыараханы ылаары гыннахпына, хайдах эмэ гынан ылларбаттара уонна туох эмэ кэм чэпчэки соҕуһу туттараллара. Арыт аһыырга, утуйарга, онно-манна сылдьарга эҥин оҕо курдук бүөбэйдэһэн бардахтарына, хата, бэйэм кыбыстарым. Ол ханнык да үлэҕэ табыллар өттүн була охсон мындыр, тулуурдаах үлэһит дьону көрө-көрө олус да ымсыырарым. Эдэр эрдэхтэн эти-хааны эрчийэр, үлэҕэ-хамнаска сыстаҕас буола үөрэнэр ити курдук сэриигэ да улахан суолталаах эбит. Сэрииттэн эргиллэн кэлэн баран, үөрэҕэ суох буоламмын, кинилэри кытары кыайан сибээстэспэтэҕим. Аны ааттарын-суолларын да умнуталаан бардым. Ол эрээри бүтүн икки сыл устата ыар кыргыһыыларга сырыттахха өйөөбүттэрин, харыстаабыттарын, ама, умнуом дуо, мэлдьи долгуйа, махтана ахтан-санаан кэлэбин.

Кыһыл армеец сулуһун  күөнүгэр “Германияны кыайыы иһин” мэтээл лиэнтэтэ ойууламмыт бэлиэлэрин Чыаппара бөһүөлэгэр хас да дьиэҕэ көрүөххэ сөбө. Афанасий Никитич дьиэтигэр эмиэ баара. Кинини оскуолаларга, кулууптарга, агитзоналарга көрсүһүүгэ үгүстүк ыҥырааччылар. Оччоҕо Албан аат 3-с степеннээх уордьаннаах, алта бойобуой мэтээллэрдээх кырдьаҕас киһи хараҕын иннигэр Сталинград кутаа уотунан кырбаспыт күннэрэ, хара хоруонан бүрүллүбүт Смоленщина, Литва, Латвия куораттара уонна дэриэбинэлэрэ, Кенинсберг кириэппэһин ылар иһин суостаах-суодаллаах кыргыһыылар, Манчжурия киллэм истиэптэригэр Япония империалистарын утары охсуһуу бу турардыы көстөн элэҥнэһэллэрэ. Олор тустарынан, сарын-сарынтан өйөнсүбүт бойобуой доҕотторун – өлбүттэр уонна тыыннаахтар – хорсун быһыыларын туһунан сэрии бэтэрээнэ ыччаттарга долгутуулаахтык кэпсиирэ.

И. Окоемов

Бэлэмнээтэ Сэмэн Жендринскэй