Бүгүн Аан дойдутааҕы Аҕам саастаах дьон күннэригэр сөп түбэһиннэрэн, Дьокуускайга «Көхтөөх уһун үйэлэнии» өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээл тэрилиннэ. Бу дьоһун суолталаах тэрээһин «Бииргэ—көхтөөх уһун үйэлэниигэ!» диэн региональнай бырагыраама иитинэн ыытыллар. Манна баай ис хоһоонноох үгүс култуурунай-аралдьытар тэрээһиннэр, исписэлиистэр консультациялара, маастар-кылаастар буола тураллар. Олортон биир сэргэх тэрээһин — хаартысканан быыстапка үгүс дьону кэрэхсэттэ.
Бу куонкуруска биһиги эрэдээксийэбит кэрэспэдьиэнэ Сэмэн Жендринскэй хас да үлэтинэн кыттан, «Какие наши годы» диэн салааҕа кыайыылааҕынан таҕыста. Киниэхэ Өрөспүүбүлүкэ үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга миниистирэ Елена Волкова 10 тыһ. солк. суумалаах сэртипикээти уонна 1-кы истиэпэннээх Диплому үөрүүлээх түгэҥҥэ туттарда. Онон Сэмэммит дьоһуннаах ситиһиитинэн тэрилтэбит аатыттан истиҥ эҕэрдэбитин тиэрдэбит. Бу салааҕа Дьокуускай, Мэҥэ Хаҥалас фотографтара 2-3-с миэстэлэргэ тигистилэр.
Сэмэн бэйэтэ билиһиннэрбитинэн, бу куонкуруска биир дойдулаахпыт, чөл олоҕу көҕүлээччи Николай Новгородов тымныынан этин-хаанын чэбдигирдэн, ойбоҥҥо сөтүөлээн тахсыбыт түгэнин хаартыскаҕа үйэтиппит үлэтэ үрдүк сыанабылы ылбыт. Онон ааптар: «Бу улахан кыайыым—чурапчылар бүттүүммүт кыайыыбыт уонна ситиһиибит. Чурапчылар — бастыҥ үлэһит, чаҕылхай, үтүө дьонунан баай,»— диэн үөрүүтүн үллэһиннэ.
Анна Захарова.