Саха сиригэр улахан быыбар буолара 21 күн хаалла. Ол инниттэн СӨ Киин быыбардыыр хамыыһыйата бүгүн Чурапчы улууһугар илин эҥэр оройуоннарын киин быыбардыыр хамыыһыйаларын бэрэссэдээтэллэрин, сэкирэтээрдэрин үөрэтэр-такайар сэминээргэ түмэ тарта.
Быыбардыыр хамыыһыйа үлэтин хаамыыта өрөспүүбүлүкэбит 11 оройуонугар саҕаламмыта ыраатта, биэтэккэ чугаһыыллара кыра кэм хаалла диэхпитин сөп. Сүрүн үлэлэрэ атырдьах ыйын 30 күнүттэн күүтэр. Бүгүҥҥү дьаһалга СӨ Киин быыбардыыр хамыыһыйа бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, илин эҥэр улуустар куратордара Иван Андросов, тэрийэр методическай хамыыһыйа отделын салайааччыта Аида Григорьева, информационнай киин салайааччыта Михаил Неймохов, Алдан куорат киин быыбардыыр хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ Виктория Митина, Дьокуускай куорат киин быыбардыыр хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ Сардана Алексеева кыттыыны ылаллар.
СӨ Киин быыбардыыр хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ Евгений Федоров: “Бүгүн илин эҥэр бэрэстэбиитэллэрин ыҥыран, бэйэ-бэйэлэрин кытары билсиһиннэрэн, кэпсэтиннэрэр дьаһал ылынныбыт. Бу аҕыйах хонугунан, аныгыскы нэдиэлэҕэ Бүлүү эҥэр улуустара Ньурба куоратыгар мустуохтара. Биһиги сыалбыт-сорукпут диэн бэйэ-бэйэни кытары өйдөһөн, кэпсэтэн, туох баар кыһалҕаларбытын барытын бүгүн бу эрэ саалаҕа буолбакка, инники өттүгэр быһаарсарга тоҕоостоох буолуо диэн санаанан быһаардыбыт. Хаһан баҕарар биһиги бу систиэмэбитигэр улуус иһинээҕи кэпсэтии, үөрэтии барааччы, билэбит-көрөбүт. Уонна түгэнинэн туһанан, бүгүҥҥү сэминээрбитигэр Чурапчы улууһун баһылыга Степан Анатольевич, төһө даҕаны уоппускаҕа сырыттар, быыс булан, бэйэтин дьонугар-сэргэтигэр эҕэрдэтин тиэрдэн уонна биһиэхэ барыбытыгар болҕомтотун ууран кэлэн олороругар дириҥ махталбытын тириэрдэбит”.
Ирина Назарова, Мэҥэ Хаҥалас улууһун территориальнай хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ, 22 сыл стажтаах: “Илин эҥэр улуустарыгар диэн киин быыбардыыр хамыыһыйа тэрийэр сэминээрэ бу аан бастакытын Чурапчы улууһугар саҕаланна. Урукку сылларга улуустарынан биирдии бэйэбитигэр тахсаннар көмөлөһөллөр этэ. Балаҕан ыйыгар өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн саамай улахан таһымнаах быыбар буолаары турар. Бастатан туран Ил Дархаммытын, Ил Түмэн дьокутааттарын талыахтаахпыт уонна араас улуустарга муниципальнай быыбардар буолаллара былааннанар. Холобура былырыын, бэйэбит оройуоммутугар улууспут баһылыгын талар улахан быыбары ыыппыппыт. Онтон быйыл улууспут дьокутааттарын талыахтаахпыт, 20 мандаакка – 75 киһи регистрацияламмыта. Улууспутугар ыытыллар быыбарга уратыбыт диэн биһиги уопсастыбынньыктарбыт буолаллар, быйыл Мэҥэ Хаҥалас улууһугар 25 тыһ 45 быыбардааччылаах буоллубут. Аҕыйах сыллааҕыта 20-чэ тыһ кыайбат быыбардааччыылаах этибит. Территориальнай хамыыһыйабытыгар 10 буолан үлэлиибит, участковай хамыыйабыт – 34, нэһилиэкпит ахсаана – 31, манна 229 чилиэн үлэлиир. Ол дьоммутуттан бэрэссэдээтэллэри, сэкирэтээрдэри хомуйаммыт – 68 киһини аҕаллыбыт. Биир эрэ нэһилиэкпит кыайан кэлбэтэ. Суолбут наһаа үчүгэй, икки автобуһунан, микроавтобуһунан, үс чааһынай массыынанан астынан аҕай\ айаннаан кэллибит. Ыраах баҕайы барар дьон курдук тэринэн бараммыт түргэн баҕайытык кэллибит. Чурапчыбыт улууһа, ардаҕынан-быйаҥынан, хатыҥынан-чараҥынан үөрэ көрүстэ. Өрүү буоларын курдук итии чэйдээх, сылаас минньигэс аһынан күндүлээн көрүстүлэр”.
Дария Никитина, Чурапчы улууһун киин быыбардыыр хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ: “Бүгүн биһиги улууспутугар быыбарга үөрэтэр сэминээр саҕаланна. Манна биэс улуус кыттар: Амма, Уус Алдан, Мэҥэ Хаҥалас, Таатта, Чурапчы – 275 киһи кэлэрэ былааннанар. Сүрүннээн ТИК чилиэннэрэ уонна участковай быыбардыыр хамыыйа бэрэссэдээтэллэрэ, сэкирэтээрдэрэ кыттыыны ылыахтара. Бу сэминээргэ элбэххэ үөрэнэн барыахтара диэн эрэнэбит уонна буолаары турар улахан быыбардары этэҥҥэ үлэлээн аһардалларыгар баҕарабыт. Чурапчы улууһугар быыбарга бэлэмнэнии тэтимнээхтик ыытылла турар, ол курдук улуус дьокутааттарын хандьыдааттарын бүлүтүөннэрин бэчээккэ биэрэн эрэбит уонна Ил Дархан, норуот дьокутааттарын бүлүтүөннэрэ номнуо кэллилэр, барытын ааҕан, бэлэмнээн уурдубут. Балаҕан ыйын саҥатыгар участковай быыбардыыр хамыыһыйаларбытыгар түҥэтиэхтээхпит. Үлэбит бу сэминээринэн эрэ түмүктэммэт, балаҕан ыйын бастакы күннэригэр бэйэбит участковай быыбардыыр хамыыһыйаларбытын салгыы үөрэтиэхтээхпит”.
Сэмэн Жендринскэй. Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ