Бүгүҥҥү бэлиэ күҥҥэ, СӨ Ил Дархана Айсен Николаев Саха сирин аҕаларын үөрүүлээх быһыыга-майгыга эҕэрдэлээтэ.
“Ытык аҕа” бэлиэ оҕону иитиигэ улахан өҥөлөөх итиэннэ өрөспүүбүлүкэ уопсастыбаннай олоҕор улахан кылааты киллэрсибит Ытык аҕаларга, элбэх оҕолоох Ньурба улууһуттан Дмитрий Яковлевка, Амма улууһуттан Семен Яковлевка ону таһынан үрдүк наҕараадаҕа 12 оҕолоох Одьулуун нэһилиэгин ытык кырдьаҕаһа Яков Лавров тигистэ уонна 100 тыһ.солк бириэмийэлэннэ.
Хомойуох иһин Яков Иванович доруобуйатын туругунан бэйэтэ тиийэн наҕараадатын туппата. 12 оҕо амарах аҕата, элбэх сиэн, хос сиэн истиҥ эһэтэ, үлэ бэтэрээнэ, СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Одьулуун нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, Чурапчы улууһугар “Аҕа килбиэнэ” бэлиэ хаһаайына, РСФСР Үрдүкү Сэбиэтин Президиумун укааһынан Амурдааҕы-Байкаллааҕы магистраль тутуутугар өҥөтүн иһин бэлиэ хаһаайына Яков Иванович Лавров билигин 86 саастаах.
“Маннык быһаарыныыны, Дьиэ кэргэн сылыгар сөп түбэһиннэрэн ылыммыппыт бэйэтэ туспа ураты суолталанна, манан сиэттэрэн биһиги Сахабыт сирин дьиэ кэргэттэрин, ийэлэрин, аҕаларын уонна оҕолору харыстыыр гарантиябытын күүһүрдэн биэрэбит. Манан тирэҕирэн судаарыстыбаннай бэлиитикэ инникитин даҕаны дьиэ кэргэн интэриэһин көмүскүүрүгэр кыахтар үөскүүллэр”, — диэн Айсен Сергеевич эттэ.
Сэрии сылын оҕотугар, 1975 сыллааҕы чулуу үлэһиккэ, улуус чөмпүйүөн ньирэй көрөөччүтүгэр, 1983 сыллааҕы Нерюнрги куорат лауреатыгар, социалистическай куоталаһыы хас да төгүллээх кыайыылааҕар Яков Ивановичка кытаанах доруобуйаны, оҕолорун, сиэннэрин тапталларыгар угуттанан өссө даҕаны уһуннук олороругар баҕарыаҕын.
Сэмэн Жендринскэй