Миниистир Лена Афанасьева балыыһа территориятын благоустройствотын, сезоннай үлэлэри, медоборудованиелары уонна миэбэли аҕалыыны түргэтэтэргэ эттэ. МРТ кэлиитин, ону туруоран үлэлэтиини хонтуруолга ылалларыгар соруйда.
Маны таһынан кини балыыһа “А” блогар баар суһал көмө отделениетын, лабораторияны, рентген, терапия, хирургия, оҕо уонна акушер отделениеларын көрдө, материальнай-техническэй базаны кытта билистэ.
Лена Николаевна балыыһа кэлэктиибин кытта көрүстэ, наҕараадалары туттарда. Министиэристибэ бочуотунай грамотатын офтальмолог Диана Сотниковаҕа, невролог Екатерина Адамоваҕа, махтал суругун оҕо отделениетын санитаркатыгар Светлана Павловаҕа туттарда.
Елена Макаринская