Күн бастакы аҥарыгар «О задачах и перспективах в реализации социальной политики в Республике Саха (Якутия)» сүбэ мунньаҕы ыытта. Ол иннигэр социальнай хантыраагы туһаммыт Чурапчы олохтоохторун бэйэ арыммыт дьыалаларын уонна быыстапкаларын көрдө.
Мунньахха улуус баһылыга Степан Саргыдаев, Үлэ уонна социальнай сайдыы миниистирэ Елена Волкова, Урбаан миниистирэ Юрий Ханды, илин эҥэр улуустар баһылыктарын социальнай боппуруоска солбуйааччылара уонна Чурапчы улууһун олохтоохторо кыттыыны ыллылар.
Георгий Степанов: «Бу нэдиэлэҕэ Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ социальнай үлэһиттэрин стратегическай сессиятыгар кыттыбыта. Онно биһиги Ил Дархан Саха сирин олохтоохторун дохуоттарын үрдэтиигэ уонна социальнай туруктаах буолууларыгар туһуламмыт ыйааҕын бырайыагын дьүүллэспиппит. Бу ыйаах кэлэр биэс сылга үлэлиэхтээх.
Онон бүгүн дьон дохуотун үрдэтиигэ, дьон дьарыктаах буолуутугар тустаах миниистирдэри кытта Чурапчыга кэллибит. Үлэһит эрэ киһи бэйэтин дьиэ кэргэнин, бэйэтин сайдыытын түстүүр кыахтаах. Ол иһини бүгүн бэйэ дьыалата сайдарыгар ханнык социальнай өйөбүллэр миэрэлэрэ баалларын, хайдах гынан дохуоппутун үрдэтэр туһунан кэпсэтиэхпит.
Биир чаҕылхай холобурунан Чурапчы урбаанньыта, кондитер Ульяна Заровняеваны бэлиэтиэхпин баҕарабын. Уон сыл аннараа өттүгэр социальнай хантыраагы туһанан, кондитерскай сыаҕы арыммыт. Билигин кини 10 үлэһиттээх, онтон иккитэ доруобуйаларынан хааччахтаах дьон. Кинилэр орто хамнастара 50-60 тыһ солк. Бу биир киһи кыра тэрилтэтэ бэйэтин сайдыытыгар, ону ааһан атын дьону дохуоттуур сыаллаах үлэлиирэ дьиҥнээх холобур буолар. Биһиги бары бу холобуру батыһан, маҥнай ылбыт социальнай көмөбүтүн улаатыннаран, сайыннаран, нэһилиэнньэни дохуоттуур туһугар үлэлиэхтээхпит», — диэн бэйэтин санаатын эттэ.
Күн иккис аҥарыгар «Проблемы и перспективы реализации государственной социальной помощи на основе социального контракта, как инструмент экономической поддержки населения» сэминээри ыытыаҕа.
Маны таһынан гаас субсидиятын туһаммыт ыалга, Олохтоох инициативаны көҕүлүүр агентствоҕа, Дьарыктаах буолуу киинигэр сылдьыаҕа, биирдиилээн дьону кытта көрсөн кэпсэтиэҕэ.
Елена Макаринская