Сарсын о.э кулун тутар 4 күнүттэн, “Саха” НКИХ ханаалыгар, биир дойдулаахпыт, сценарист Октябрина Шестакова суруйуутунан, режиссер Радомир Томскай устубут “Омоон суоллар” сериал, киэһэ 21 чаастан саҕаланыаҕа.
Дьылҕа суола ханна тиэрдиэн сөбүн туһунан, сценарист Октябрина Шестакова бу курдук суруйар: “Манна сүрүннээн эдэр полиция үлэһитэ кэккэ биричиинэнэн ыраах улууска участковайынан ананан үлэлии тиийэрэ ойууланар. Хас биирдии нэһилиэк туспа устуоруйалаах, арааһынай дьылҕалаах дьонноох-сэргэлээх буолар. Киһи олоҕор уларыйыылар эмиэ мээнэҕэ тахсыбаттар. Ньургун олоҕун омоон суола ханна тириэрдэрин, кими көрсөрүн барытын сериалга көрүөхпүт. Биллэн туран, сериал сценарийа толору өйтөн суруллубут айымньы буолар, киинэҕэ көстөр түгэннэр сорохторо олоххо буолбут түбэлтэлэргэ майгыннаһыахтарын сөп. Бу үлэни суруйарга, эрдэ участковайынан үлэлии сылдьыбыт чугас дьоммуттан сүбэлэттэрэн, ис дьыала уорганын үлэһиттэрин ымпыгын-чымпыгын, уобарастарын бүтүннүү чопчуласпытым”.
Одьулуунтан төрүттээх Октябрина Георгиевна суруйууларынан “Олох оҥочото”, “Быстыбат ситим”, “Дьоллоох буолуох” диэн сериаллар уһуллубуттара. Манна даҕатан эттэххэ, “Саха” НКИХ сериал сулууспатын салайааччытынан, эмиэ биир дойдулаахпыт Мугудай нэһилиэгиттэн төрүттээх Марфа Пермякова буоларын үгүс киһи билэр буолуохтаах. Киинэ эйгэтигэр таһаарыылаахтык үлэлии-хамсыы сылдьалларыттан үөрэбит.
Сэмэн Жендринскэй