Төһө даҕаны: “Атырдьах ыйа, баһаалыста аҕыйах күн уһаарыый, хаамыыҥ тэтимин бытаардыый”, — диэн көрдөспүппүт үрдүнэн, үөрэх дьыла саҕаланара лоп курдук 11 хонук хаалла. Онуоха улууспут оскуолаларыгар туох улахан уларыйыылар киириэхтэрэй? Ааҕааччыларбытыгар анаан, сүрүннээн сорох түгэннэрин билиһиннэрэбит.

10-11-с кылаас үөрэнээччилэригэр саҥа учуобунньук

Быйыл, балаҕан ыйын 1 күнүттэн, Дойду үрдүнэн 10 уонна 11-с кылаас үөрэнээччилэрэ устуоруйа уруогар сонун учуобунньугунан үөрэниэх­тэрэ. Оттон 5-9 кылаас оҕолоругар саҥа учуобунньук эһиилги үөрэх дьылыттан киириэҕэ диэн иһитиннэрэллэр.

Сонун учуобунньук түөрт туом­тан турар буолар: 1914-1945 сс. хабар 10-с кылаастарга аналлаах “Дойду устуоруйата”, 1945 сылтан билиҥҥи кэмҥэ тиийэ сырдатар 11-с кылаастарга аналлаах “Дойду устуоруйата” итиэннэ 10-11-с кылаастарга уопсай устуоруйаны кэпсиир икки туом көрүлүннэ.

“Оскуолаҕа кырдьыктаах чахчы үөрэтиллэрэ уонна оҕолор дойдубут улуу устуоруйатын өйдүүллэрэ улахан суолталаах. Ол иһин былырыын устуоруйа биридимиэтигэр биир кэлим бырагыраамманы оҥорон ылыммыппыт. Онно олоҕуран 10-
11-с кылаастарга аналлаах үөрэх кинигэтэ бэлэмнэннэ, балаҕан ыйын 1 күнүттэн саҕалаан үөрэтэн барыахтара”,
— диэн РФ үөрэҕириигэ миниистирэ Сергей Кравцов кинигэ сүрэхтэниитигэр этэн турардаах.

Учуобунньукка сүрүн болҕомто байыаннай эпэрээссийэ саҕаламмыт төрүөтүн быһаарыыга, Дойдубутугар саҥа эрэги­йиэннэр холбоһуулара, Арассыыйа аныгы сайдыытыгар туспа төбөлөр анаммыттара кэрэхсэбиллээх. Учуобунньук ааптардарынан РФ бэрэсидьиэнин көмөлөһөөччүтэ, Арассыыйатааҕы байыаннай-­историческай уопсастыба бэрэссэдээтэлэ Владимир Мединскэй, норуоттар икки ардыларынааҕы сыһыаннаһыы Москватааҕы Судаарыстыбаннай үнүстүүт ректора Анатолий Торкунов, Арассыыйа наукатын академиятын уопсай устуоруйаҕа үнүстүүтүн билимҥэ салайааччыта Александр Чубарьян буолаллар. Үөрэх кинигэтэ бары бэрэбиэркэни, үөрэтэн көрүүнү ааспыт диэн бигэргэттиллэр.

Эһиилгиттэн ГОСТ-нан оскуола саҥа пуорматын тигиэхтэрэ

Кэлэр сылтан, Арассыыйаҕа Судаарыстыбаннай ыстандаартынан (ГОСТ) оскуола үөрэнээччилэрин саҥа пуормаларын тигэн саҕалыахтара. 1990-с сыллар саҕаланыыларыгар Арассыыйаҕа оскуолаҕа уопсай пуорма диэн суох буолбута. Онтон бэттэх оҕо таптаабытынан таҥнан кэллэ. Маны ким эрэ биһириир, ким эрэ сирэр.

Кэлэр сылтан Судаарыс­тыбаннай ыстандаартынан үөрэнээччилэр пуормаларын тигэн саҕалыахтара. Бу туһунан “Объясняем РФ” сиһилии суруйар. Өссө быйыл сайын РФ үөрэҕириитин ми­­ниистирэ Сергей Кравцов со­­куонунан киирбэт, оннук бы­­лаан турбат диэн хаста даҕаны этэн турардаах. Онон булгуччулаах ирдэбил турбат. ГОСТ-нан тигиллэр үөрэх пуормата хайдах буоларый? Матырыйаала уунар кыахтанар, бөҕө, салгыны курдары аһардар, оҕо этэ-сиинэ тыынар буолар. Боруобаҕа кэтиллэр таҥаһы тикпиттэрин, сорох үөрэнээччилэр номнуо үһүс сылларын кэтэн үөрэнэ сылдьаллар эбит. Бэрт табыгастаах, киһи этин тыыннарар эбиитин олус хаачыстыбалаах диэн түмүккэ кэлбиттэр. Онон эһиилгиттэн атыыга тахсыаҕа диэн эрэннэрэллэр. Кэмпилиэккэ куопта, булууһа, сэлиэт, бинсээк, кардиган, джемпер, сибиитирэ, ыр­­баахы, бүрүүкэ, шортик киирэр эбит. Уолаттарга, кыргыттарга күннээҕи үөрэххэ уонна бырааһынньыкка диэн тус-туспа анаан тигиэхтэрэ.

Үрүҥ көмүс мэтээли сөргүтүөхтэрэ

 Арассыыйаҕа оскуоланы бүтэрээччилэргэ үрүҥ көмүс мэтээллэри туттарыы 2014 сылтан ыла тохтообута. Бу сылларга кырылас “биэһинэн” бүтэрбиттэргэ кыһыл көмүс мэтээли туттаран кэллилэр. Ол эрээри, 2023-2024 сылтан Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин бигэргэппит сокуонугар олоҕуран, үрүҥ көмүс мэтээллэри – “Үөрэххэ оһуобай ситиһиитин иһин” II истиэпэннээх мэтээллэри туттарыыны сөргүтэр буол­лулар. Тустаах мэтээлинэн икки эрэ “түөртээх” онтон атыттара барыта “биэс” сыаналаах оҕолору наҕараадалыахтара.

Итиэннэ кыһыл көмүс мэтээлгэ курдук, үөрэххэ киирэргэ биир кэлим эксээмэҥҥэ (ЕГЭ) өссө биир баалы эбиэ диэн этэллэр.

 

Үөрэнээччилэри үлэҕэ сыһыарыахтара

Үөрэх туһунан сокуоҥҥа, оскуола үөрэнээччилэрин туһалаах уопсастыбаннай үлэҕэ кытыннарыы эбээһинэһин киллэрдилэр. Ол эрээри, муос­та сууйааччылары уураталаан баран кинилэр эбээһинэстэрин үөрэнээччилэргэ сүктэрэллэр диэн толкуйдуур сыыһа. Урукку сылларга оскуоланы бүтэрбиттэр өйдүүр буолуохтааххыт, хас чиэппэр аайы үөрэнэр паартабытын сууйарбытын, кылааска генеральнай убуорка оҥорорбутун, сибэкки, мас олордорбутун, саас оскуола тэлгэһэтин харбыырбытын. Оҕону уопсастыбаннай үлэҕэ, тулалыыр эйгэҕэ, оскуолаҕа харыстабыллаахтык сыһыаннаһарга иитэр инниттэн урукку сүүрээни киллэрэн эрэллэр. Уопсастыбаннай, туһалаах үлэнэн дьарыктаныахтара, ол иһигэр бэтэрээннэргэ көмөлөһүөхтэрэ. Ол эбэтэр үлэнэн иитии биир көрүҥэ буолар. Кырдьык, аныгы оҕо үлэттэн тэйдэ, гаджекка оҕунна, онон хамсаныы булгуччу ирдэнэр. “Өссө үлэсынньалаҥ лааҕырдарын сөргүтэллэрэ эбитэ буоллар диэн үгүс төрөппүттэр, эбэлэр-эһэлэр этэллэр эбит.

Алын байыаннай бэлэмнэнии кууруһа

Кэлэр үөрэх дьылыттан ос­­куола бырагырааматыгар алын байыаннай бэлэмнэнии (начальная военная подготовка) кууруһа киириэҕэ.

“Маннык кууруһу 2023 сыл тохсунньу 1 күнүгэр диэри бэлэмниэхпит. Ол кэнниттэн оскуолаларга бэрэбиэркэлээн көрүүнү ааһыаҕа уонна кэлэр үөрэх дьылыгар оскуолаларга үлэтин саҕалыаҕа”, – диэн дойду үөрэҕириитин миниистирэ Сергей Кравцов чопчулаабыта.

Санатан эттэххэ, уларыта тутуу кэмигэр – 1990-с сыллар саҥаларыгар суох буолбут “алын байыаннай бэлэмнэнии” биридимиэти төнүннэрэр туһунан быйыл элбэхтик ахтылынна. Билигин ырытыыга сылдьар. Онно олоҕуран, ОБЖ биридимиэт оннугар “Основы безопасности и защита Родины” диэн саҥа биридимиэт кии­риэҕэ. Саҥа биридимиэккэ алын байыаннай бэлэмнэнии кууруһа киэҥник хабыллыаҕа диэн бэ­­лиэтииллэр. Ол курдук, үөрэх бырагырааматын быра­йыагар, үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрин “ОБЖ” кууруһугар бырагыраама икки барыйаана киирбит. Бастакы баазовай куурус күннээҕи олоххо-дьаһахха, тырааныспарга, уопсастыбаҕа, айылҕаҕа сэрэхтээх буолууга, ону тэҥэ, судаарыстыба, оборуона уонна сүрүн байыаннай сулууспа туһунан өйдөбүллэри иҥэриигэ туһаайыллар. “ОБЖ” кууруһун иккис барыйааныгар “Элементы начальной военной подготовки” туспа муодул баар. Манна строевой хаамыы, ба­­йыаннайдыы эҕэрдэлэһии, пехота саллаатын сэбэ-сэбиргэлэ, ону сөпкө туһаныы киирэр. 10-11-с кылаас үөрэнээччилэрэ бастакы көмөнү оҥоро үөрэ­ниэхтэрэ уонна тус харыстаныы сириэс­тибэлэрин кытта билсиэхтэрэ диэн ыйыллар.Үөрэҕирии министиэрис­тибэтэ иһитиннэрбитинэн, хас биирдии оскуола бэйэтигэр сөптөөх “ОБЖ” кууруһун бары­йаанын талыаҕа.

Идэҕэ эрдэттэн бэлэмнээһин

“Оскуолалар оҕону идэҕэ эрдэттэн бэлэмнээбэттэр, уйулҕа үлэһиттэрэ тестэринэн эрэ муҥурданаллар” диэн элбэхтик истэбит. Быйыл балаҕан ыйын 1 күнүттэн нэдиэлэ аайы идэҕэ эрдэттэн туһаайар (профориентационные) дьарыктары ыытыахтара. “Суолталааҕы кэпсэтии” курдук биир халыыбынан барыаҕа диэн этэллэр. Базовай, сүрүн уонна үрдүкү таһымнарга арахсыаҕа, ос­­куола мантан биири талан үөрэтиэҕэ. 6-11-с кылаас үөрэнээччилэрэ хас чэппиэр аайы үөрэҕи таһынан дьарык быһыытынан “Россия – мои горизонты” идэҕэ туһаайар уруокка сылдьыахтара. Эрэгийиэннэргэ сүбэ быһыытынан номнуо ыыталаабыттар, маны олоххо киллэрэргэ сэттэ хайысха көрүллэр эбит.

Саха сирэ.

Бэлэмнээтэ Сэмэн Жендринскэй. Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ