Маарыкчаан ыччаттара. «Муус устар» ыччат бэстибээлин иһинэн ыытыллыбыт «СулуСтар” ырыа күрэҕин Гран При кыайыылааҕынан Аман Винокуров ааттаммыта. Ааҕааччыларбытыгар анаан, киниттэн интервью ыллыбыт.
Дьокуускай куоракка бу соторутааҕыта IV-с төгүлүн өрөспүүбүлүкэтээҕи «Муус устар» ыччат бэстибээлэ 14 хайысханан үрдүк таһымнаахтык ыытылынна. Манна Чурапчыттан 50-тан тахса ыччат ситиһиилээхтик кытынна. Ол курдук, «CулуСтар» ырыа күрэҕэр Чурапчы нэһилиэгин ыччата Аман Винокуров кыайыылаах үрдүк аатын ылла. Билсиҥ, кини — бүгүҥҥү балаһабыт дьоруойа.
— Аман, үрдүк таһымнаах күрэх кыайыылааҕа буолбуккунан, эҕэрдэлиибит. Билигин, биллэн турар, ырыаларгын сэҥээрээччи элбээбит буолуохтаах. Онон ааҕааччыларбытыгар ханна үөрэммиккин, хаһааҥыттан ырыа алыптаах долгунугар ылларбыккын сэһэргии түс эрэ.
— Бэйэбин өйдүөхпүттэн ийэм ыллыырын сөбүлээн истэбин. Ийэм эдэр сылдьан ансаамбылга ыллыыр этэ. Миигин репетицияҕа, кэнсиэргэ куруук илдьэ сылдьара. Ол иһин ансаамбыл ырыаларын нойосуус билэрим. Онон кыра эрдэхпиттэн сыана оҕотобун диэтэхпинэ, сыыспаппын.
Ол кэнниттэн «Кэскил” уһуйааҥҥа Мария Кузьминична бэлиэтии көрөн, ырыаҕа уһуйан, араас тэрээһиннэргэ кытыннаран саҕалаабыта. Алын кылааска үөрэнэр сылларбар салгыы Георгий Барашков дьарыктаабыта. Георгий Иванович уонна кылаас салайааччыта Елена Лебедева илдьэ сылдьан, «Хотугу сулус” куонкуруска хас да төгүл кытыннарбыттара. Бэһис кылааска киирэрбэр Мария Кузьминична уонна Елена Степановна сүбэлэринэн, Сылаҥҥа үөрэнэ барбытым. Онно Любовь Юрьевна уонна Андрей Петрович салайааччылаах киэҥник биллэр «Алиса” бастыҥ образцовай оҕо ансаамбылыгар дьарыктанан, үгүс ситиһиилэммитим. Хас сайын аайы өрөспүүбүлүкэтээҕи «Хотугу сулус» куонкуруска сололаан, ону тэҥэ Степа Колесовтыын дуэттаан, лауреат үрдүк аатын ситиһэрбит.
Онтон тохсус кылаас сайыныгар алын кылааска үөрэммит доҕотторбун кытта чугастык алтыһан, төттөрү Чурапчыбар кэлбитим. Интэриэһим лаппа уларыйан, төрүт ыллаабат буолбутум. Ыҥырдахтарына да, сөбүлэспэт этим. Оннук сылдьан, оскуолабын этэҥҥэ бүтэрэн, Чурапчытааҕы колледжка электрик идэтигэр үөрэммитим. Онтон 2016 сыллаахха Одьулууҥҥа автомеханик үөрэҕэр киирэн бүтэрэбин, үлэһит буолабын. Ол тухары ыллаан көрбөтөҕүм. Арай, 2018 сыллаахха хайдах эрэ биир кэм ыллыах санаам кэлэн, сайын Дьокуускайдааҕы муусука колледжыгар туттарсан көрөргө холоммутум, үөрэххэ тута ылбыттара. Бастакы кууруска сылдьан, Чурапчыга онлайн киэбинэн «Каверфест” ырыа куонкуруһа ыытылларын истэн, видеонан ырыабын ыыппытым. Финалга киирэн, Чурапчыга кэлэн ыллаан барбытым. Онно куонкуруһу Антон Абрамов кыайбыта. Устудьуоннар уопсайдарыгар олорон, Василий Новоприезжайы, Дайаан Сыромятниковы кытта билсэн, «Ривед” диэн бөлөх тэриммиппит. Биир сыл үөрэнэн баран, операны интэриэһиргээбэт эбиппин диэн үөрэхпин бырахпытым. Билигин, биллэн турар, син кэмсинэбин.
Ол кэнниттэн салгыы Чурапчыбар кэлэн үлэлиибин. Оччолорго Николай Новгородов — Сиэрдээх Сэһэн бэйэтигэр хамаанда хомуйан, ырыаҕа кавер куонкуруһун биллэрбит этэ. Ол иһин аны төттөрү куораттыыбын. Миигин ыҥыран, көрсөн кэпсэппиппит. Ол кэмҥэ ааппын уларыта илигим, Александр диэн этим. «Псевдоним толкуйдуохха наада” диэн хаһыакка бэчээттэнэн тахсыбыт сахалыы ааттар халаандарын көрбүтүм. Төрөөбүт күммүнэн, ыйбынан Аман диэн аат сөп түбэспитэ. Онтон ыла, докумуоммун толору уларыппытым. Сиэрдээх Сэһэни кытта бииргэ үлэлээн, альбом таһаарбыппыт. Куоракка үчүгэй үлэ көстүбэккэ, олорор сир кыһалҕата үөскээн, бөлөхтөн тахсарга санаммытым. Дойдубар кэлэн, электригынан үлэлээбитим. Сотору-сотору «Айылгы» НАДь исписэлиистэрэ тэрээһиннэргэ ыллата ыҥырар буолбуттара. Биир оннук күн, ыһыах кэнниттэн «Саха» НКИХ Чурапчытааҕы салаатын дириэктэрэ Анна Семенова “биһиэхэ үлэлии киир” диэн ыҥырбыта. Төрүт билбэт үлэм буолан, туттуммутум. Онтон Саҥа дьыл бырааһынньыгын саҕана, бассаапка «оператор көрдүүбүт» диэн биллэрии кэлбитигэр, толкуйдуу барбакка, эрийэн билсэн, үлэҕэ киирбитим. Ол иннинэ, 2022 сыллаахха өрөспүүбүлүкэтээҕи «Туой хайа» күрэххэ кыттан, анал аат кыайыылааҕа буолабын. Эһиилги сылыгар кыайыахтаахпын диэн олох оҥостон тиийбитим. Онно бастакы истиэпэннээх Лауреат аатын ылбытым. Дириэктэрим Анна Семенова салайааччылаах «Ыллыыр ыччат” эр дьон ансаамбылыгар киирбитим. Онтон саҕалаан, мэлдьи ыллыыбын.
— «Сулустар» ырыа күрэҕэр хантан истэн-билэн кытынныҥ?
— Бу күрэххэ кыттыы миэхэ олус соһуччу буолбута. «Муус устар» бэстибээл сыл аайы кулун тутар бүтүүтэ ыытыллар этэ. Ол иһин быйыл эмиэ кулун тутар бүтүүтэ эбэтэр муус устар саҕаланыыта буолар диэн былааннана сылдьыбытым. Арай, тохсунньу өрөбүллэригэр Чурапчы улууһун нэһилиэктэринэн Василий Новоприезжайдааҕы кытта кэнсиэрдии сырыттахпына, улуустааҕы ыччат дьыалатыгар исписэлиис Александра Хомус эрийэн, «бүгүн бүтэһик күн, видеоҕын ыыт»,— диэтэ. Мин ыксаан, сып-сап курдук, Чакырга кэнсиэрдии сылдьан, ырыабын уһултаран ыыппытым. Сарсыҥҥы күнүгэр «полуфиналга киирдиҥ, куоракка улуус аатыттан кытта бараҕын» диэн үөрүүлээх сонун кэлбитэ. Эппиэтинэстээх, тэлэбиисэргэ көстөр үрдүк таһымнаах куонкуруска кыайардыы оҥостон, Любовь Юрьевна Макароваттан бэлэмнииригэр көрдөспүппүт.
— Финалга икки ырыаны толорбутуҥ. Бу ырыалары бэйэҥ талбытыҥ дуо?
— Куонкуруспут олунньу 5 күнүттэн саҕалаан, уон күн буолла. Бастакы күн полуфиналистары ыҥыран, тыйаатырынан экскурсия тэрийбиттэрэ, күрэх быраабылатын, бырагырааматын билиһиннэрбиттэрэ, хамаанданан араарбыттара. Настаабынньыгынан Анатолий Горохов түбэһиэн баҕарбытым, оруобуна кини миигин талан, үөрбүтүм аҕай. Түөрт күн устата финалга киирэргэ күүстээхтик дьарыктаммыппыт. Уопсайа, 15 полуфиналист баара. Итинтэн 5 эрэ киһи финалга тахсыбыта. Онон күрэстэһии күүрээнэ олус улахан этэ.
Финалга биир ырыаны фонограмманан, биири ВИА-нан толоруохтаахпытын эрдэттэн эппиттэрэ. Ол эрээри кыттааччылар ханнык ырыаны ыллыырбыт биллибэт этэ. Анатолий Горохов күрэх саҕаланыан иннинэ эрдэттэн «Встанем» ырыаны талбыт эбит. Бу патриотическай ырыаны миэхэ эрэнэн, үчүгэйдик такайан, мин санаабар, үчүгэйдик табыллынна. Оттон биир ырыабар дьону сэргэхситэр көрдөөх ырыабын толордум. Бу ырыа тылларын бэйэм суруйан, матыыбын барылын оҥорон, настаабынньыкпар иһитиннэрбитим. Кини сөпсөһөн, ситэрэн-хоторон, муусукатын тупсаран биэрбитэ. Онон икки күн иһигэр саҥа ырыаны үөрэтэн сыанаҕа тахсыбытым.
— Туох саҥаны биллиҥ-көрдүҥ?
— Уон күн биллибэккэ ааста. Татьяна Чаранская бэйэни уоскутууга, долгуйууну устууга, сыанаҕа сөптөөхтүк тутта-хапта сылдьарга олус туһалаах маастар-кылаас ыытта. Хормейстер Наталья Викторовна вокалга уһулуччу үчүгэйдик үөрэтэр. Кини ыллаттаҕына, киһи кыайбатын кыайар буолар эбит. Дьарык тухары настаабынньыктарбыт ирдэбиллээхтик, эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһан үөрэттилэр. Тыйаатырга репетиция кэмигэр Саха сиригэр киэҥник биллэр артыыстары көрөн, кэпсэтэн, олохпор умнуллубат түгэн хаалла.
Тэрийээччилэр «Муус устар» бэстибээл түмүктүүр тэрээһинигэр «Триумф” спортивнай комплекска ыллыыгын диэбиттэригэр сөбүлэспитим. Аан бастаан, «Встанем” ырыанан кыттабын дии сылдьыбытым да, тэрээһин тиэмэтигэр сөп түбэспэт, эдэрдии эрчимнээх, эниэргийэлээх ырыа буолуохтаах диэбиттэрэ. Аны хайаан да нууччалыы тылынан буолуохтаах, онуоха биири да билбэт эбиппин. «Леди дождя” ырыаны талбыппар, бириэмэтинэн уһун буолан, бырагыраамаҕа сөп түбэспэтэ. Сарсын буолаары турар тэрээһиҥҥэ ырыам бэлэмэ суоҕуттан олус долгуйбутум. Киэһэ хойутуу, 9-10 чааска суруйдулар: «Арина Данилованы уонна Петр Пестеревы кытта ыллыыгын” диэтилэр. Бачча улахан кыах үөскээбитигэр үөрүүнү кытта сөбүлэспитим. Түмүктүүр тэрээһиҥҥэ ырыабытыгар өйбүтүн-санаабытын түмэн, күүспүтүн-уохпутун анаан туран ыллаабыппыт. Онуоха эмиэ улахан дуоһуйууну ыллым. «Маннык хабааннаах түһүлгэлэргэ кыттыахпын сөп эбит» диэн бэйэбэр эрэлим улаатта. Бу күрэххэ кыайыы – улахан ситиһии, эппиэтинэс. Билигин ылыммыт сорукпун түһэн биэрбэккэ, саҥа ырыа таһаарар, анал бырайыактарга кыттар баҕа санаалаахпын. Маны сэргэ саҥа псевдоним толкуйданабын. Билигин эстрадаҕа Аман Анхаров диэн ырыаһыт баар. Ол иһин ааппыт хатыланан хаалар.
— 100 000 суумалаах сэртипикээтиҥ суолга сытарын туһунан соччото суохтук суруйан интэриниэккэ тарҕаппыттара. Онно хайдах сыһыаннастыҥ?
— Сэртипикээппин Гран При буолбуппар үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарбыттара. Онтон «Муус устар» түмүктүүр тэрээһинигэр иккистээн биэрбиттэрэ. Ыллаан бүтэн, олус үөрэн, сылайан, дьиэлии охсоору, үтүрүйсүү-кыбыллыы кэмигэр малбын-салбын сып-сап хомуна сырыттахпына, табаарыһым:«Сэртипикээккин таҥаһыҥ чехолугар уган кэбис», — диэн сэрэппитин, тиэтэйэн уонна «бу икки ардыгар тута сылдьар инибин» дии санаабытым. Табаарыһым Мархаҕа таксинан барар буолан, мин аара барсыбытым. Автобус тохтуур сиригэр түспүтүм. Массыынаттан тахсарбар сэртипикээппин хонноҕум анныгар кыбыммытым. Светофорга от күөҕэ уот уларыйара аҕыйах сөкүүндэ хаалбытын көрөн, суолу туораары, сүүрбүтүм. Онно түһэн хаалбытын билбэккэ да хаалбыппын. Дьиэбэр кэлээт, малбын дьыбааҥҥа ууран, сарсын Чурапчылыыр киһи быһыытынан хоско киирэн утуйан хаалбытым. Сарсыарда эрдэ туран, суунан-тараанан, аһаан, төлөпүөммүн көрбүтүм – сообщениелар кэлбиттэр этэ. Үгүс киһи Арассыыйаҕа көҥүллэммэт ситимтэн ссылка ыыппыттарын, ВПН холбуурбун сүрэҕэлдьээн, аахайбатаҕым. Онтон арай төлөпүөнүм уоскуйбат да уоскуйбат, «туох ааттаах сүрэй?!” диэн киирэн көрбүтүм – мин ааппар суруллубут сэртипикээти сиртэн булан ылбыттар эбит. Тута, сүүрэн тахсан, ылбытым. Хата, мин дьолбор тостубатах, бүүс-бүтүн этэ. Ону сорох «Дьыбаан кириитиктэрэ» «арыгылаабыт, бирииһин мыыммыт, чурапчылар итинник дьоннор» уонна да атын элбэх куһаҕаны суруйбуттар этэ. Настырыанньабын түһэримээри, салгыы аахпатаҕым. Манна Татьяна Чаранская уйулҕаҕа ыыппыт маастар-кылааһа олус туһалаата. Тэрийээччилэргэ эрийэн, соччото суох балаһыанньаҕа түбэспиппинэн, бырастыы гыннаттарбытым. Хата, «Барыта үчүгэй, долгуйума» диэн уоскуппуттара. Итинтэн чурапчылар, чугас дьонум хомойботохторо улахан оруоллаах.
— Кистэл буолбатах буоллаҕына, бириискин ханна туттар былааннааххын?
— Айар үлэбэр туттар былааннаахпын, холобур, ырыаларбын таһаарарбар. Кулун тутарга бастакы ырыам сүрэхтэниэхтээх. Ырыам аатын эппэппин, соһуччу тахсыаҕа. Онон күүтүҥ, сэргии истээриҥ. Кылгастык билиһиннэрдэххэ, Анатолий Гороховтыын тылларын сааһылаабыппыт, матыыбын айбыппыт.
Ону таһынан кулун тутар ыйга Элеонора Дьяконова «Ырыа тула» биэриитигэр сүрүн ыалдьыт быһыытынан кыттыыны ылыахтаахпын. Бу — сольнай кэнсиэр кэриэтэ буолуоҕа. Аҕыс сольнай ырыаны толорорум былааннанар. Маны тэҥэ «Алиса» ансаамбыл, айар куттаах доҕотторум, ол иһигэр Василий Новоприезжайдаах кыттыахтара.
Ону таһынан Чурапчыга кулун тутар 2 күнүгэр Анатолий Горохов кыттыылаах кэнсиэр буолуоҕа. Онно биир-икки ырыанан кыттыыны ылыахтаахпын.
— Түмүккэр тугу этиэҥ этэй?
— Бу улахан күрэххэ өйөөбүт, көмөлөспүт дьоммор, төрөппүттэрбэр, салайааччыларбар, доҕотторбор, ыччат Сэбиэтигэр махтанабын. Оттон хаһыат ааҕааччыларыгар ситиһиилэри, доруобуйаны уонна маннык күрэхтэһиилэргэ толлубакка, саллыбакка, көхтөөхтүк кыттан иһэллэригэр баҕарабын.
— Аман, кэпсээниҥ иһин махтанабын. Айар үлэҕэ киэҥ аартык арылыннын!
Марфа Петрова