Саллаат мэлдьи саллаат (Улуу Кыайыы 79 сылын көрсө)

Сэрии саҕаланыытыгар Кытаанах сэттэ кылаастаах оскуолатын бүтэрбит уон тоҕус саастаах Алеша Макаров художественнай училищеҕа үөрэнэр баҕалаах Дьокуускай куоракка киирбитэ. Ол гынан баран студия боруогун атыллаатаҕын үһүс күнүгэр, Ийэ дойду ыҥырыытын ылан, ытык сэриигэ аттаммыта.

Байыас Макаров зенитнэй пулемекка үөрэнэн баран сулууспалыы тиийбит 545-с полката 64-с армия састаабыгар бэриллэн 1942 сыл алтынньыга Дон өрүс бэтэрээ кытылыгар тиийбитэ уонна ый аҥарын кэриҥэ оборуонаҕа сыппыта. Онтон биир түүн, халлаан суһуктуйа сырдыыта, Донской фронт бүтүннүүтүн үрдүнэн кимэн киирии саҕаламмытын биллэрэн холлоҕос уоттар кырбаспыттара, тула туох баара барыта хамсаан түллэҥнии, өрүкүйэ түспүтэ. Алексейдаах чаастара бөҕөргөтүнэн сытар өстөөҕү утары күн аҥара кыргыһан Клетскэй диэн сэлиэнньэни босхолообута уонна өстөөҕү тилэх баттаһа салгыы эккирэппитэ.

Улуу сэрии бэтэрээнэ Алексей Трофимович Макаров ол туһунан маннык ахтыбыттаах:

  • Биһиги сэриилэрбит үрдүлэригэр ньиэмэс сөмөлүөттэрэ былыт быыһыттан түһэн буомбалаан, пулеметунан күүдэпчилиир кэмнэригэр зенитнэй пулеметунан ытыалаан куһуйарбыт. Оччоҕо, буомбаларын мэнээк тамнаат, өрө кэдэрийэн тахсаллара, куотан кутуруктарын көрдөрөллөрө. Биһиги ити кимэн киириигэ, атыттары кытары бииргэ, өстөөх икки самолетун суулларбыппыт. Расчеппут уота-күөһэ суох үксүн түүн айанныыра. Биирдэ массыынабыт миинэҕэ түбэһэн, соҕотохто сырдыккка-хараҥаҕа түспүппүт, буорунан-кумаҕынан көмүллүбүппүт, биир киһибит ыараханнык бааһырбыта. Итинник быһылаан үгүс буолара.

Өстөөҕү эккирэтэн Калач куоракка тиийбиттэрэ. Манна элбэх сүтүктэммит пехотнай чаастары зенитчиктэртэн толортообуттара. Алексей зениткатын ручной пулеметунан солбуйбута. Итинтэн төгүрүллүбүт өстөөҕү урусхаллыы Сталинград диэки барбыттара. Кыргыһыы улам күүһүрэн испитэ.

  • Биир сарсыарда, — диэн салгыы кэпсээбиттээҕэ Алексей Трофимович,“катюша” ытыалаан этиҥнии эҥсилитэн оруобуна биһиги иннибитигэр сытар өстөөхтөр үрдүлэригэр сааллыбыта. Фашистар окуопаларыттан ойон тахса-тахса төттөрү-таары сырсыакаластылар, эһиллэн түһэ-түһэ атахтарын адаарыҥнаттылар. Сэбиэскэй саллаакка бу үөрүүкэтин! “Ураа!” хаһыытыы-хаһыытыы бэргэһэлэрбитин өрүтэ быраҕаттаатыбыт. Миигиттэн “бэйэҥ тутан-хабан биир эмэ фашиһы өлөрбүтүҥ дуо?” диэн ыйытааччылар. Пулеметчик ытыалаан субурутара кэмнээх буолуо дуо? Онно, бука, аанньа буолбаттара эбитэ буолуо ээ. Арай биирдэ хамандыырым окуопабыт чугаһыгар өстөөхтөр сыыллалларын сылыктаан билбитэ уонна хаһыаларын билэрбэр бирикээстээбитэ. Сыылан окуопам хайыҥар тахсыбытым: икки ньиэмэс букатын субу кэлбиттэр этэ. Бинтиэпкэнэн ыппытым биирдэһэ охтон тсүпүтэ, иккиһэ ойоҕос окуопаҕа тимис гынан хаалбыта…

Хорсун пулеметчик хаста сибиньиэс буулдьа, миинэ ардаҕын аннынан иннин диэки сүүрбүтүн, хас хаарыан доҕотторун сүтэрбитин киһи ситэн даҕаны аахпат. Арай биир чуолкай: Сэбиэскэй Ийэ дойду элбэх бырааттыы омуктарын уолаттарын кытары биир синиэли саптан, биир быһыы килиэби үллэстэн, биир сыалга – өстөөҕү кыайарга дьулуһан тэҥҥэ сылдьыспыта.

  • 1943 сыл тохсунньу 3 күнүнээҕи чаҕылхай сарсыардабиһиги взводпут атаакаҕа киирбитэ. Өстөөх автомат, миномет, пулемет күүстээх уотун аспыта.Аттыбар иһэр доҕотторбуттан хастара да табыллан ыһыы-хаһыы буола түспүтэ. Мин, биир окуопаҕа хаптас гынаат, ытыалаары гынан иһэн хаҥас илиим ньир гыммытын билбитим.Сотору өйбүн сүтэрбит этим…

Саллаат Макаров 1943 сыл бэс ыйыгар диэри госпитальга эмтэнэн баран төрөөбүт-үөскээбит Сылаҥыгар эргиллэн кэлбитэ. Сыл кэриҥинэн бааһа үтүөрэн эйэлээх үлэҕэ ылсыбытынан барбыта. 1945 сыл кулун тутар ыйтан киномеханиктар куурустарыгар үөрэнэн баран, 1949 сыллаахха диэри ити идэтинэн үлэлээбитэ. Онтон бэйэтин баҕатынан оччотооҕу “Комбайн” колхуоска оҕуруот биригэдьииринэн тахсыбыта уонна 10 сыл устата илиитин араарбакка бу уустук үлэнэн дьарыктаммыта. Итинтэн салгыы олохтоох балыыһаҕа завхозтаан баран, 1970 сылтан электромонтер идэтин баһылаан Уһун Күөл бөһүөлэгэр Ильич лаампатын сандаардыбыта.

Бэрт сэмэй үлэһит киһи, үс оҕо амарах аҕата Ийэ дойдуга ыар кэм сабардаан турдаҕына эр санаалаах саллаат эбитин биэс, ол иһигэр “Хорсунун иһин” бойобуой мэтээллэр кэрэһэлииллэр.

Алексей Трофимович олоҕун тиһэх сылларыгар диэри эдэрдэртэн хаалсыбат тэтимнээх үлэһит этэ. “Саллаат мэлдьи саллаат, бирикээһи толорорбун сөбүлүүбүн”, — дии-дии күлэн баһыгыратар үгэстээх этэ.

 

В. Башарин

Бэлэмнээтэ Сэмэн Жендринскэй