Одьулуун нэһилиэгин пенсионердарын түмсүүтүн бэрэссэдээтэлэ Екатерина Михайловна Ефремова көҕүлээһининэн, 2019 сыллаахха нэһилиэк пенсионердарыттан «Саһарҕа» диэн үҥкүү бөлөҕө тэриллибитэ. Салайааччыларынан СӨ Үөрэҕириитин туйгуна, педагогическай үлэ бэтэрээнэ Вера Гермогеновна Попова, «Радость» оҕо дьоҕурун сайыннарар киин Одьулууннааҕы филиалын — «Сардаҥа» оҕо-ыччат үҥкүүтүн бөлөҕүн салайааччыта, «Ыччат политикатын туйгуна», «Надежда Якутии» анал аат хаһаайына Алексей Алексеевич Аржаков талыллан, тута дьону түмэн дьарыктаан барбыттара.
2019 сыллаахха олунньу 23 күнүгэр Мындаҕаайыга ССРС культуратын туйгуна, туруорааччы-режиссёр, сценарист, учуутал, эколог, кыраайы үөрэтээччи Николай Иннокентьевич Протодьяконов сырдык кэриэһигэр «Үҥкүү — дууһам алыба» диэн үһүс көлүөнэ дьонугар аналлаах улахан күрэх ыытыллыбыта. Бу күрэххэ «Саһарҕалар» «Түһүлгэ» диэн үҥкүүнү туруораннар, 1 истиэпэннээх Лауреат үрдүк аатын ылбыттара. Онтон кынаттанан, өссө эбии дьону түмэн, бастаан алта паара, онтон аҕыс паара буолан, күн бүгүн уон пааранан үҥкүүлүү сылдьаллар.
«Оччолорго атын нэһилиэктэр бөлөҕүнэн үҥкүүлээбиттэрэ ырааппыт этэ. Ситиһиилэрэ да үрдүгэ. Хайдах бөлөҕү тэриннэххэ ситиһиилээх, ураты буолуо этэй диэн толкуйга түһэн, арай эр дьонноох ансаамбыл тэриллэрэ буоллар диэн санаа төбөбүттэн арахпатаҕа. Ханна да сырыттаҕына куруутун көр-күлүү аргыстаах, олоххо олус көхтөөх, эдэр сааһыттан сыанкаларга ордук табыллан оонньуур Григорий Михайлович Павловка эрийэн, ансаамбыл тэриниэ этибит диэн санаабын үллэһинним. Григорий тута этиибин өйөөн, сөбүлэһэн, онтон эр ылан биирдиилээн дьоҥҥо эрийтэлээн, ким эрэ аккаастаан, ким эрэ саарбахтаатар да, кэлиэх буолан эрэннэрэн, хомуллан барбыппыт. Алта паараны булан дьарыкпытын саҕалаабыппыт.
Бу биэс сыл устата, эдэрбитигэр санаабыт тиийбэтэх үҥкүү кэрэ эйгэтигэр дайан, улахан түһүлгэлэргэ тахсан, күүстээх ытыс тыаһыттан үрдүктэн үрдүккэ кынаттана көтөн, үөрүү өрөгөйүн биллибит, турукпут тубуста, доруобуйабыт бөҕөргөөтө, санаабыт күүһүрдэ,» — диэн санаатын үллэстэр Екатерина Михайловна.
Биэс сыл иһигэр нэһилиэккэ, улууска ыытыллар элбэх тэрээһиннэргэ, үбүлүөйдэргэ, ыһыахтарга, аһымал кэнсиэрдэргэ сүрдээх көхтөөхтүк кыттан кэллилэр. Ону тэҥинэн араас элбэх улуустааҕы, регионнааҕы, Бүтүн Арассыыйатааҕы, Аан дойду омуктарын икки ардыларынааҕы куонкурустарга кыттан, куруутун миэстэлэһэн, араас номинацияларга тиксэн, кыайыы өрөгөйүн биллилэр.
«Үҥкүүнү туруорарбар сүрүннээн музыкаҕа тирэҕирэбин. Дьонум санааларын, тугу баҕаралларын үөрэтэбин, фестивальга кыттар идеяны тутуһабын. Үҥкүү характерын, үҥкүү дууһатын, дьоннор бэйэ-бэйэлэригэр сыһыаннарын, сыана культуратын үөрэтэбин уонна ирдиибин. «Саһарҕа» ансаамбылбыттан саамай үөрэрим диэн, «Танцует Якутия!» диэн 2 сылга биирдэ ыытыллар өрөспүүбүлүкэбит саамай улахан куонкурсугар, биир дойдулаахпыт Станислав Катаков тэрийбит күрэҕэр, 1 степеннээх Лауреат үрдүк аатын ылан олус үөрбүппүт. Ол конкурска миэхэ «Бастыҥ хореограф» ааты иҥэрбиттэрэ. Үөрэппит учууталларым, хореографтарым биhирэбиллэрин ыламмын, үөрэн аҕай кэлбитим,»- диэн санаатын үллэстэр Алексей Алексеевич.
«Мин сахабын», «Күһүҥҥү киһи үҥкүүлээбитинэн», «Дьөһөгөй оҕото» диэн улуустааҕы күрэхтэргэ, «Танец памяти», «Пламенные сердца», «Уйгулаах олохпут уруйдан!» диэн региональнай куонкурустарга, «Үҥкүү-дууһам алыба», «Көмүс саас» диэн республиканскай куонкурустарга Гран при үрдүк аатын ылан кыайыы өрөгөйүн билбиппит. Ити курдук 8 төгүл Гран при хаһаайыттара, 10 төгүл 1 степеннээх Лауреаттар буолбуппут. Онтон аҕыйах күрэҕи ааттыыр буоллахха: Аллараа Бэстээхтээҕи «Танцевальное признание» диэн Бүтүн Арассыыйатааҕы фестиваль, Дьокуускай куоракка буолбут «Танец для души» диэн региональнай куонкурус, «Көмүс саас» диэн республиканскай күрэх, Уус Алданнааҕы «Танцует Мүрү», Намнааҕы «Танцует Якутия» диэн региональнай күрэхтэр уо.д.а.
Быйыл тохсунньуга Кытай Харбин куоратыгар ыытыллыбыт Аан дойдутааҕы «Зимняя сказка» фестивальга баран кыттыыны ыламмыт, 1 степеннээх Лауреат үрдүк аатын ылан үөрүү өрөгөйүн биллибит. Фестивальга Амурскай уобаластан, Приморьеттан, Нерюнгри куораттан, Дьокуускайтан «Бриллиантовые нотки» ансаамбыл, Сунтаартан, Чурапчыттан «Радость» оҕо дьоҕурун сайыннарар киин «Айгыл» диэн хомусчуттарын бөлөҕө (салайааччы Слепцова М.М.) уо.д.а элбэх киһи кыттыыны ылбыта.
Ити курдук, нэһилиэкпит пенсионердара таах олорон хаалбакка, үҥкүүнү дьарык оҥостон, илиини-атаҕы эрчийэн, хамсанан-имсэнэн, саамай сүрүнэ дьону кытта бииргэ алтыһан, биир иллээх кэлэктиип буолан сылдьарбытыттан олус үөрэбит, дьоллонобут,»- диэн кэпсээнин түмүктээтэ бөлөх салайааччыта Вера Гермогеновна.
Түгэнинэн туһанан, нэһилиэкпит аатын киэҥ эйгэҕэ ааттата сылдьар күндү дьоммутун өрөгөйдөөх үбүлүөйгүтүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит! Инникитин даҕаны кэрэни кэрэхсиир, кэрэни тарҕатар олус туһалаах дьарыккытын өрө тутан, чэгиэн доруобуйалаах олох оргуйар үөһүгэр сүүрэ-көтө, нэһилиэккит аатын өссө киэҥ эйгэҕэ таһаара, ааттата туруҥ диэн баҕа санаа бастыҥын, үтүө санаа үтүмэнин аныыбыт!
Наталья Сергеева-Аана Кыыhа