Сахалыы остуол оонньууларыгар чурапчылар кыайдыла
Олунньу ый 9 күнүгэр, Дьокуускай куорат «Самородок» спортивнай комплекска Өрөспүүбүлүкэҕэ биллэриллибит Дьиэ кэргэн сылыгар сөп түбэһиннэрэн, адаптивнай спорт сүнньүнэн сахалыы остуол национальнай көрүҥнэригэр — хабылыкка, хаамыскаҕа өрөспүүбүлүкэтээҕи чемпионат буолан ааста.
Сахалыы национальнай спорт көрүҥнэрэ көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн, салгыы сайдар кэскиллээх. Оттон сахалыы остуол оонньуулара — хабылык, хаамыска өйү сайыннарыыга, тулуурдаах , дьулуурдаах буоларга иитэр суолтата улахан. Күн бүгүн биһирэнэр көрүҥҥэ кубулуйда.
Чемпионат үрдүк таһымҥа ыытылынна. Сылбырҕа туттууну, сымса хамсаныыны, түргэн толкуйу эрэйэр күрэхтэһиигэ уопсайа 13 улуустан 76 спортсмен күөн көрүстэ.
Биһиги улууспут толору кытынна. Хамаанда капитана Елизавета Винокурова састаабы кэмигэр сөптөөхтүк аттаран, дьарыгы кэмигэр тиһиктээхтик ыытта.
Ол курдук, Марфа Дьячковская (Чурапчы), Дмитрий Сорокоумов(Алаҕар) чемпион үрдүк аатын ылары ситистилэр. Оттон Семен Дьячковскай( Болугур), Мария Капрынова(Төлөй) үрүҥ көмүс призерунан буоллулар. Евдокия Протодьяконова(Сылаҥ) боруонса мэтээлгэ тиксэн, хамаанда өрөспүүбүлүкэҕэ бастыырын ситистилэр.
Елизавета Винокурова, Николай Макаров, Анна Сергеева (Чурапчы нэһилиэгиттэн), Валерий Лыткин (Алаҕар), Дмитрий Гурьев( Хоптоҕо) хамаанда кыайыылаах тахсарыгар наадалаах очкону биэрдилэр. Елизавета Винокурова чемпионат түмүгүнэн «Кыайыыга дьулуурун иһин» анал ааты ылла.
Күрэхтэһиилэргэ кытта барарбытыгар үгүстүк тиэхиньикэнэн көмөлөһөр улуустааҕы үөрэх управлениетыгар, салайааччы Юрий Посельскайга махталбытын тиэрдэбит. Ситиһии үрдүк чыпчаалларын бииртэн биир дабайан иһиэҕиҥ, түмсүүлээх буолуоҕуҥ!
Иннокентий Матвеев.