Сахалыы алгыс арыалдьыттаах (Улуу Кыайыы 79 сылынан)

1941 сыл атырдьах ыйын 30 күнэ. Бу күн оройуон чулуу уолаттара Ийэ дойдуларын көмүскэлигэр фроҥҥа аттаммыттара. Дириҥник долгуйан, сахалыы алгыс тылы этэн атаарыллыбыт дьон ортотугар хас да бырааттыы норуоттар бэрэстэбиитэллэрэ бааллара. Кинилэртэн биирдэстэринэн Алексей Иванович Аксенов этэ.

Вологодскай уобалас Вохомскай оройуонун Речково сэлиэнньэтэ, Дьокуускай куорат, Чурапчы – уон тоҕус саастаах хомсомуол Алексей Аксенов сүрэҕэр күндү, олоҕун кэрэ-бэлиэ миэстэлэрэ итинник этилэрэ. Речково – төрөөбүт-үөскээбит сирэ. Дьокуускайга сэттэ кылаастаах оскуоланы уонна сэрии саҕаланыан эрэ иннинэ потребкооперация техникумун бүтэртээбитэ. Биһиги оройуоммутугар кини үлэтин суола саҕаламмыта.

Бойобуой суолугар бастакы үктэлинэн Томскайдааҕы II-с артиллерийскай училище буолбута. Ону 1943 сыллаахха бүтэрэн лейтенант званиетын ылбыта, 65-с гвардейскай стрелковай дивизия 190-с артиллерийскай полкатыгар взвод хамандыырынан анаммыта. Ити сыл атырдьах ыйын 20 күнүттэн балаҕан ыйын 17 күнүгэр диэри Спасск-Демьянскайга кимэн киириигэ уонна Ельня куораты босхолуур кыырыктаах кыргыһыыга кыттыбыта, бааһырбыта.

Үтүөрээт, 1944 сыл тохсунньуга 100-с гвардейскай дивизия 243-с артиллерийскай полкатыгар эмиэ взвод хамандыырынан анаммыта. Дивизия бэс ыйыгар Карельскай фронт састаабыгар бэриллэн Ладейное поле куоракка тиийбитэ. Манна бэс ыйын 22 күнүгэр Сэбиэскэй артиллерия дохсун ньиргиэрэ сири титирэппитэ. Хас биэрэстэ ахсын 224 орудие кэккэлээн туран кутаа уотунан тибиирэрэ. Сэбиэскэй сэриилэр Олонец өрүһү туораан, өстөөр кирбиитин 250 биэрэстэ кэтиттээх сиринэн тоҕо анньыбыттара. Ити үрүҥ финнэри Гитлери кытта куомуннаһыыларыттан аккаастанарга күһэйбит кимэн киириигэ Алексей чэпчэкитик бааһырбыта. Ол туһунан кэнники “оскуолкабын бэйэм тута хостоон ылбытым” диэн ахтыбыттаах. Бу кыргыһыыга хамаандалааччылар сорудахтарын туйгуннук толорбут офицер түөһүгэр “Хорсунун иһин” мэтээл күлүмүрдээбитэ.

Итинтэн салгыы гвардия лейтенана Аксенов II-с уонна III-с Украинскай фроннарга сулууспалаабыта. 1945 сыл кулун тутар 16 күнүгэр Венгрия столицатыттан Будапештан 60 биэрэстэлээх сиргэ кыргыһыыга киирбитэ. Дьэ уонна 100-с гвардейскай стрелкова         й дивизия 107-с таанканы урусхаллыыр туспа дивизионун разведкатын хамаандалаан Балатон күөлтэн Вена куоракка тиийэ кимэн киириигэ кыттыбыта. Итиннэ көрдөрбүт хорсун быһыыларын иһин Кыһыл Сулус уордьанынан, “Венаны босхолооһун иһин” мэтээллэринэн наҕараадаламмыта. Муус устар 8 күнүгэр ыараханнык бааһырбыта.

1946 сыл ыам ыйыгар армияттан демобилизацияланан баран Дьокуускайга эргиллэн кэлэн туус собуотугар болономуочуйунан, 1951 сылтан Дьокуускайга куорат военкоматыгар үлэлээбитэ. 1972 сыллаахха гвардия подполковнига Алексей Иванович Аксенов отставкаҕа тахсыбыта. Кэлин кини Москуба уобалаһын Пушкинскай оройуонун Пушкино сэлиэнньэтигэр олорон 1984 сыл ыам ыйын 25 күнүгэр сырдык тыына быстыбата.

 

 Сэмэн Жендринскэй