Арассыыйа устуоруйатыгар өрөбөлүүссүйэ икки өрүттээх эбит буоллаҕына, чуолаан сахаларга үтүө өттө үгүс. Ол курдук:
- Үөрэхтээһин киэҥник тарҕаммыта. Өрөбөлүүссүйэ иннинэ таҥара үөрэҕин сахалартан биирдиилээн дьон ылар эбит буоллаҕына, 1917 сылтан Новгородов алпаабыта маассабай буолан, үөрэх кинигэтин бэчээттэтэллэр, оскуола бөҕө тутуллар. 1930-с сылларга сахалар үгүстэрэ үөрэхтэнэр. Бу – улахан ситиһии.
- Мэдэссиинэ эйгэтигэр. Өлүү-сүтүү боппуруоһа былыр сытыытык турара. 1924 сыллаахха Исидор Бараховтаах, Максим Аммосовтаах көҕүлээһиннэринэн бастакы комплекснай экспедиция тэриллэр. Бу экспедиция аҕыйах ахсааннаах норуоттар олохторун-дьаһахтарын үөрэтэр, чинчийэр аналлаах этэ. Аҕыйах ахсааннаах омукка өлүү-сүтүү көстүүтэ сытыытык турарын бэлиэтээн, дьон-сэргэ ортотугар киэҥник тарҕаммыт ыарыылары эмтииргэ улахан болҕомто ууруллар. Ол түмүгэр фельдшерскай-акушерскай пууннар үлэлииллэр, элбэх балыыһа тутуллар. Санитария, гигиена өттүгэр уларыйыы тахсар, саҥа ирдэбиллэр киирэллэр. Онтон сиэттэрэн дьиэни хотонтон араарыы, суунуу-тарааныы, о.д.а. боппуруостарыгар үлэ бөҕө барар. Маны оччотооҕу лидердэр бүтүн судаарыстыба таһымыгар таһааран киэҥ хабааннаах үлэни ыыппыттара сөхтөрөр.
- Идэлээх каадырдары бэлэмнээһин. Архыып докумуоннарын да көрдөххө, сахалары босхо үөрэттэрии диэн бырагыраама баар эбит. Холобур, Москва, Ленинград курдук улахан куораттарга экзамена суох учуутал идэтигэр быһа үөрэттэрэ ыыталлара. Манна оннооҕор аһыыр, олорор харчыларын судаарыстыба уйунара. Ол саҕана былааны, болдьоҕу тутуһары кытаанахтык ирдииллэрэ. Обкомтан быһаччы бирикээс кэллэ да, быһа гыммакка, толоро сатыыллара. Ол курдук, бу болдьоххо нэһилиэнньэ үөрэхтээх буоларын ситиһэргэ диэн былаан турда да, ону толорорго дьулуһаллара. Онно биири бэлиэтиэххэ наада. Саха үгүс өттө үөрэҕэ суох этэ. Ону ситиһэр туһуттан бары күүһү педагогическай каадырдары бэлэмнээһиҥҥэ уурбуттара. Ол иһин да буолуо, саха киһитэ техническэй үөрэҕи баһылаабакка хаалбыта. Тоҕо диэтэр, техническэй каадырдары бэлэмнээһин үгүс бириэмэни ылара, итиэннэ, холобур, горняк идэтин баһылыыр уустук этэ. Архыыпка көрдөххө, Горнай академияттан киһини үөрэттэрэ ыытыҥ диэн бронь кэллэҕинэ да, маннааҕы обком нууччалыы билбэт саханы техническэй үөрэххэ ыытыан кэриэтэ, нууччаны эбэтэр атын омугу ыытара быдан тоҕоостоох курдук. Ол аата саха техническэй үөрэҕи ылыммат диэн буолбатах, кэм ирдэбилэ оннук этэ. Ол иһин да техническэй каадырдары сүрүннээн Грузия, Армения, Украина бэлэмниир этилэр. Оройуоннарынан наарданан хаалбыта итиннэ көстөр. Олохтоох омук үксэ гуманитарнай үөрэхтээһиҥҥэ барбыт.
Оттон билигин хайдаҕый?
Билигин итиннэ улахан болҕомто ууруллар. Университет техническэй каадырдары бэлэмнииргэ күүскэ үлэлэһэр. Горнай факультет үнүстүүккэ кубулуйда, кэҥээтэ. Мииринэйгэ сылдьан көрдөххө, шахта үлэһитин аҥаара саха. Бу манна каадыры бэлэмниир үлэ хайдах хайысхалаах барара дьэҥкэтик көстөр.
- Судаарыстыбаннас баар буолбута. 1922 сыл муус устарга автономияны ылыммыппыт. Бу суолтата муҥура суох. Бэйэтин салайынар судаарыстыбаннай уорганнары олохтооһун, сайдыы инники хайысхаларын торумнааһын уо.д.а. соруктарын ситиспиппит. Ыччат бырабыыталыстыбаҕа, салайар үлэҕэ киирбитэ. Норуоту түмэ тардар сүдү күүс мантан тахсыбыта. Бу историческай, политическай оруола улахан. Саҥа үөскээбит өрөспүүбүлүкэ сокуон уонна быраап төрүттэринэн хааччыллыбыта.
- Саха диэн нация баар буолбута.Сэбиэскэй былаас олохтонуон иннинэ чуолаан саха нацията, национальность диэн өйдөбүл суох этэ. Холобурдаатахха, былыр кыыһы омук киһитин хараҕа хатаныа диэн хаппахчыга хаайаллара. Ол омук диэн, атын улуус буолуоҕунааҕар, ыаллыы сытар нэһилиэк киһитэ кытта омук дэнэрэ. Бу билигин бары сахаларбыт дэһэбит. Баҕар, өрөбөлүүссүйэ буолбатаҕа буоллар, Халыма эҥэрдэр туспа, Бүлүү бөлөх туспа, илин эҥэрдэр туспа барыах, үллэһиллиэх этибит. Оннук бырайыак баар этэ. Атын омуктар холобурдарыгар ити дьэҥкэтик көстөр ээ. Бары биир тыллаах эрээри, атын-атын омуктарга хайдыспыттара баар суол. Башкирдар уонна татаардар, дьиҥэр, биир омук, историялара, култууралара, тыллара биир. Ойуунускайдаах, Бараховтаах уо.д.а. саха чулуу интеллигенцията саха өрөспүүбүлүкэтэ баар буолуохтаах диэн дакаастаабыттара биһиги нация быһыытынан биир буоларбытыгар сүдү оруоллаах. Онон бачча улахан киэҥ сири-уоту түмэ тардыы – ураты көстүү. Нацияны тутуу диэн өйдөбүл сыаннаһа итиннэ сытар.
Интеллигенция үөскээһинэ.Өрөбөлүүссүйэ иннинэ үрдүк үөрэхтээх 20-чэ киһи, орто үөрэхтээх 100 киһи, церковнай-приходской оскуоланы бүтэрбит эрэ дьон баар эбит буоллаҕына, Сэбиэскэй былаас олохтонуоҕуттан бары кэриэтэ үөрэхтэнэбит, билиигэ-көрүүгэ тардыһыыбыт улаатар. Сэрии иннинэҕи архыып матырыйаалларыгар испииһэк буллум. Онно көрдөххө, Иркутскайга медицинскэй институту бүтэрбит биир эрэ саха баар. Онно да бэйэтин баҕатынан тиийэн үөрэммит эбит.
Онон өрөбөлүүссүйэ кыра норуокка, чуолаан сахаларга үчүгэйи эрэ аҕалбыта саарбахтаммат. Симэлийии, сүтүү, норуот быһыытынан кэхтии көстүүлэрэ эрдэттэн туоратыллыбыт буолуон сөп.
Онон Улуу Өктөөп бырааһынньыгын чуолаан биһиги, сахалар бэлиэтиирбит, уруйдуурбут оруннаах.
Сэмэн Жендринскэй. Хаартыска национальнай архыыптан туһанылынна