Саха тылын таҥара оҥостон (Семен Андреевич Попов-Сэмэн Тумат 80 сааһынан анабыл хоһоон)

Тумарык туманнаах Булуҥтан,

Туус маҥан хоптолоох муораттан,

Кый ыраах халлааҥҥа кыырайан

Хотугу сулустуу умайдыҥ.

 

Холорук буурҕалаах дойдугун

Хоһооҥҥор холбооҥҥун хоһуйдуҥ,

Ытыллар силлиэни силбээҥҥин

Сэһэҥҥэр, кэпсээҥҥэр киллэрдиҥ.

 

“Чуумпуга төрөөбүт хоһоонуҥ”

Чурапчыҥ буоруттан көттөҕө,

“Ахтылҕан” ис куттаах айымньыҥ

Артикаҥ туһунан туойдаҕа,

 

Кэнчээри ыччакка анааҥҥын

Кэпсээни эн кэһии гыммытыҥ,

Ааҕааччы эйгэтин тардаҥҥын

Өбүгэҥ тылынан тыыммытыҥ,

 

Улуукан айар дьон ааттарын,

Сурукка түһэрбит сыратын

Сахалыы тылбаастаан таһаардыҥ,

Ааттарын үйэтитэн хааллардыҥ,

 

Аан Дойду норуотун кытары

Эйэлээх олоҕу тыыраҥҥын

Юнеско дипломун ылбытыҥ,

Доҕордуу илиитин туппутуҥ,

 

“Улуу кыыл тыына” диэн сэһэҥҥэр,

“Муора арыытыгар олоххор”

Иһиллэр дойдугар тапталыҥ,

Хотугу дьонноргор махталыҥ!

 

Римма Корякина-ХОТУУНА, СӨ суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ, “Чурапчы” литэрэтииринэй түмсүү салайааччыта