Саха сиригэр ойуур баһаарыттан сэрэхтээх буолуу ураты эрэсиимэ биллэрилиннэ

Бэс ыйын 26 күнүттэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев дьаһалынан Саха сирин үрдүнэн ойуур баһаарыттан сэрэхтээх буолуу ураты эрэсиимэ биллэрилиннэ.

Онон сибээстээн, тыаҕа тахсыы, ойуурга сылдьыы, мангаалы,  аһылыгы сылытар тэрили туһаныы уонна аһаҕас уоту оттуу  бобуллар.

Саха сиригэр суукка иһигэр барыта 7 тыһыынча гектар иэннээх сиргэ 14 ойуур баһаара – Абый, Алдан, Үөһээ Халыма, Муома, Нерюнгри, Таатта, Орто Халыма, Уус Алдан оройуоннарыгар умуруорулунна. Баһаары бохсууга 1400 киһи, 70 тиэхиньикэ үлэлиир.

Манна сыһыаран эттэххэ, улахан кураан-күн-дьыл турбутунан, Чурапчы улууһун баһылыга Степан Саргыдаев дьаһалынан бэс ыйын 13 күнүттэн ойуур баһаарыттан сэрэхтээх буолуу ураты эрэсиимэ биллэриллибитэ. Онон, ойуурга уот турар куттала улааппытынан, бары ирдэбили тутуһуоҕуҥ, ийэ айылҕабытын харыстыаҕыҥ!

Людмила Горохова.