Саха сиригэр биир бастакынан Чурапчы нэһилиэгэр харыйа уота күлүмүрдүү умайыа

“Кыһын Саха сириттэн саҕаланар” бэстибээл иитинэн, дойду үрдүнэн биир бастакынан Саҥа дьыллааҕы күөх харыйа уота Чурапчы нэһилиэгэр ахсынньы 1 күнүгэр күлүмүрдүү умайыаҕа.

Үөрүүлээх тэрээһиннэр Ленин аатынан болуоссакка 16 чаастан саҕаланыаҕа. Кырачаан оҕолору көрдөөх-нардаах туруоруу күүтэр, Чысхаан оҕонньор сиэнэ кыыс Хаарчааналыын эҕэрдэлиэхтэрэ, харыйа тула үҥкүү итиэннэ тэрийээччилэр кэлбит ыалдьыттары минньигэс аһынан-үөлүнэн күндүлүөхтэрэ. Бу күн нэһилиэк олохтоохторун “Чурапчы нэһилиэгэ” тыа сирин түөлбэтин баһылыга Владимир Сивцев эҕэрдэлиэҕэ.

Манна даҕатан эттэххэ, аан бастакытын “Кыһын Саха сириттэн саҕаланар” бэстибээл Ил Дархан Айсен Николаев көҕүлээһининэн 2011 сыллаахха буолбута. Оччолорго Айсен Сергеевич киин куорат  баһылыгынан үлэлиир кэмэ этэ.

Сэмэн ЖЕНДРИНСКЭЙ