Уопсайа холбоон 5 мөлүйүөн 300 тыһыынча солкуобай суумма бириис пуондалаах ат сүүрүүтэ, Дьокуускай куорат Арктическай агротехнологическай университет ипподромугар буолла диэн ЯСИА иһитиннэрэр.
Тэрээһиҥҥэ СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников, Ил Түмэн Судаарыстыбаннай мунньаҕын бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев, Саха сиригэр ат успуордун Бэдэрээссийэтин бэрэсидьиэнэ Александр Свинобоев, СӨ тыатын хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы Николай Афанасьев кыттыыны ыллылар.
1600 миэтэрэ уһуҥҥа, Саха сиригэр төрөөбүт, иккилэригэр диэри саастаах ыраас хааннаах сылгыларга Чурапчы улууһуттан Арчылаан, сүүрдээччитэ А.А. Куличкин кыайдылар, биир дойдулаахтарбытыгар Степан Аржаков 125 сылыгар анаммыт бириис туттарылынна.
Тыа хаһаайыстыбатын уонна атыы-эргиэн бэлиитикэтин министиэристибэтэ анал бирииһин 2400 миэтэрэ уһуҥҥа, түөртэриттэн үөһэ саастаах ыраас хааннаах мииниллэр боруода сылгыга туруорда. Манна кыайыылааҕынан Хаҥалас улууһуттан Евр буолла.
3200 миэтэрэ уһуҥҥа “Национальное достояние” бирииһэ оонньонно. Манна өрөспүүбүлүкэҕэ төрөөбүт, түөртэриттэн үөһэ саастаах ыраас хааннаах мииниллэр сылгылар кытыннылар. Кылбар кыайыыны Мэҥэ Хаҥалас улууһуттан Шугар Кид ылла.
СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бирииһэ биир көс уһуҥҥа туруорулунна. Манна түөртэриттэн үөһэ саастаах уһун тыыннаах саха боруода аттара илин-кэлин түһүстүлэр. Муҥутуур кыайыылаах Таатта улууһуттан Дохсун буолла, кини бириэмэтэ 17 мүнүүтэ 47 сөкүүндэ. Иккис миэстэни эмиэ Таатта улууһуттан Дедуль ылла. Чөмпүйүөҥҥэ наҕарааданы СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников туттарда.
Сэмэн Жендринскэй. Андрей Сорокин хаартыскаҕа түһэриитэ