Бу күннэргэ, “Якутия” уонна “Саха сирэ” хаһыакка 2024 сыл бастакы аҥаарыгар сурутааччылар ортолоругар “Сурутуу иһин бириистэр” аахсыйаҕа кыайыылаахтарын иһитиннэрдилэр. Онно Чурапчы улууһуттан эмиэ бааллара билиннэ. Кинилэр кимнээҕий?
Манна бастакынан Чурапчы улууһун Алаҕар нэһилиэгин олохтоохторо Парасковья Ивановна Соловьеваны уонна Александра Алексеевна Андрееваны ааттыахпытын сөп, кинилэр “Марал” пиирмэ күлүүс угар иһитин итиэннэ Ксиоми пиирмэ сапернай күрдьэҕинэн наҕараадаланнылар. Кинилэри сэргэ, Чурапчы нэһилиэгиттэн, улуус Бочуоттаах олохтооҕо Прасковья Николаевна Посельская ааттанна, кини Ксиоми пиирмэ банаарын ылар чиэскэ тигистэ. Кыайыылаахтары эҕэрдэлээн биэриэҕин!
Тэрийээччилэр, бириистэри “Сахамедиа РИИХ” АУо хаһыаты тарҕатыыга отделыттан чуолаан Дьокуускай куорат Орджоникидзе уул., 31., кэб. 354., күн аайы 9.00-тан 18.00 диэри (эбиэт: 12.30—14.00 ч.), өрөбүл күннэртэн уратыларга кэлэн ылыаххытын сөп диэн этэллэр. Аахсыйа кыайыылааҕа эрэдээксийэттэн бэйэтэ кэлэн ылар кыаҕа суох буоллаҕына, кыайыылаах киһи докумуонун куоппуйатын илдьэ кэлэн, дэбиэринэһинэн ылыахтарын сөп эбит.
Бириистэри 2024 сыл тохсунньу 31 күнүгэр диэри биэрэллэрин санаталлар. Бу ыйыллыбыт болдьох кэнниттэн эрэдээксийэ бириистэри биэриигэ эбээһинэһин сүкпэт. Бириистэри уу харчынан бэриллибэтин эмиэ ыйдылар.
Сэмэн Жендринскэй