Биир дойдулаахпыт Аксения Васильевна Посельская төрөөбүтэ 100 сылынан…
Сир симэҕэ диэн сиэдэрэй ааттаммыт Аксения Васильевна Посельская 1924 сыллаахха ахсынньы 24 күнүгэр Чурапчы оройуонун Мэлдьэхси нэһилиэгин элбэх оҕолоох ыалыгар алтыс оҕонон күн сирин көрбүтэ. Сытыы, киирбит-тахсыбыт, иирэ талахтыы имигэс кыыс оҕо оскуола кыракый сценатыттан кынат анньынан, улахан балекка маҥнайгы хардыыларын оҥорбута.
Аксения эрчимнээх эдэр сааһа Саха Сирин профессиональнай хореографията төрүттэниитин сылларыгар сөп түбэһэн, үҥкүү сайдар кэскиллээх да, очурдардаах да кэмнэрин тэҥҥэ ааспыта.
1940 с. Аксения Посельская Саха драматическай тыйаатырын мусукаалынай вокальнай салаатыгар үөрэнэ киирэр. Ол кэмтэн ыла, кини саха норуотун маҥнайгы балеринатын быһыытынан уустук, дьаныардаах суола саҕаланар, аартыга арыллар. Профессиональнай үҥкүүһүт быһыытынан сценаҕа тахсыбыт бастакы партиялара «Ньургун Боотур» уонна «Сайсары» драмаларга этэ.
Аҕа Дойду Улуу сэриитин сыллара саха норуотун искусствотыгар ордук ыараханнык дьайбыттара, ол эрээри саха норуотун сырдыкка-кэрэҕэ тардыһыыта сүдү күүстээх буолан, искусство эйгэтигэр улахан кадровай уларыйыылар олоххо киирбиттэрэ. Оччолорго Саха Сиригэр учуонайдар, композитордар, педагогтар уонна артыыстар кэлэн, норуот уус-уран айымньытын үөрэппиттэрэ, чинчийбиттэрэ, сурука-бичиккэ тиспиттэрэ. Ол курдук, 1941с. биллиилээх балетмейстер Иван Алексеевич Каренин саха үҥкүүһүт ыччатын бастакынан балекка дьарыктанар станокка туруорбута биллэр. Кинилэр ортолоругар Аксения Посельская эмиэ баара. Оччолорго кини М.Л.Жорницкаяҕа, О.Г.Зиминаҕа, С.В.Владимироваҕа үөрэммитэ. Бэрт кылгас кэм иһигэр ааттаах-суоллаах балетмейстердар Саха Сирин хореографиятын маҥнайгы хараҥаччыларын үҥкүү искусствотыгар уһуйан, иитэн-такайан таһаарбыттара.
1944с. Аксения Васильевна Москва куорат Большой театрын хореографическай училищетыгар ССРС народнай артыыһыгар Н.И.Тарасовка 2 сыллаах стражировкаҕа ыҥырыллан, сатабылын хаҥаппыт уонна дойдутугар кэлэн, балет солисткатынан үлэтин саҕалыыр.
1947с. бэс ыйын 29 күнүгэр Саха Автономията тэриллибитэ 25 сылыгар анаммыт тэрээһиннэр чэрчилэринэн «Сир симэҕэ» балекка сүрүн партияны толорон, Саха Сирин сценатыгар бастакы классическай балет үҥкүүһүтэ Аксения Посельская “Тыыннаах легенда” аатын сүгэр. «Сир симэҕэ» балет «Биэс ынахтаах Бэйбэрикээн эмээхсин» остуоруйаҕа олоҕуран туруоруллубут. Айымньы ааптара Д.К.Сивцев – Суорун Омоллоон, муусуката – М.Н.Жирков, Г.И.Литинскай, балетмейстер – С.В.Владимирова – Климова. Премьераҕа кэлбит көрөөччүлэр ахтыбыттарынан, Аксения Посельская балет курдук уустук үҥкүү нөҥүө героинятын ис туругун, олоххо, сырдыкка-кэрэҕэ тардыһыытын, үтүө санаа өрөгөйүн, нүдьү-балай майгыны-сигилини, олох охсууларын аһарыытын хайдахтаах курдук бэриниилээхтик, эрэллээхтик уонна иэйиилээхтик көрөөччүгэ ыраастык тиэрдибитин олус сөхпүттэр, сөбүлээбиттэр, махтаммыттар.
Үрдүк ситиһии үөрүүтүнэн кынаттанан, Аксения 1947с. Б.Асафьев «Бахчисарайский фонтан» балетыгар Мария уобараһын итэҕэтиилээхтик арыйбыта. Бу айыллыбыт уобарастар саха хореографиятын историятыгар чаҕылхай көстүү буолаллара саарбахтаммат. Кыайыы уонна сыанабыл өрөгөйө итинэн эрэ муҥурдамматаҕа. Ол курдук, 1957с. Аксения Посельская толорбут сахалыы үҥкүүтэ Саха Сирэ Арассыыйа састаабыгар киирбитэ 325 сыллаах үбүлүөйүгэр Москва уонна Ленинград куораттарга ыытыллыбыт искусство уонна литература күннэрин бырагыраамаларыгар киирэн турардаах. Талааннаах үҥкүүһүт 1958с. Москва куоракка стажировкаланан баран, 1960с. саҕалаан, Саха тыйаатырын балетнай труппатын солисткатынан сулууспалаабыта. Салгыы саха бастакы балеринатын үлэлээбит испииһэгэ кэҥээн, балетнай искусствоҕа уопута хаҥаан, бастакы педагог-репетитор буола үүнэр. Ол курдук, “Ньургун Боотур” операҕа, И.Гоголев “Кыталыктар кырдаллара” остуоруйа-пьесатыгар, Г.Григорян “Хотугу сибэкки” опереттатыгар, Т.Сметанин “Лоокуут уонна Ньургуһун” драматыгар үҥкүү партияларын туруорбута. Итини тэҥэ тыйаатыр репертуарын өр кэмҥэ байыппыт Аксения Васильевна өссө биир туруорбут айымньытын «Чороонноох үҥкүүнү» Саха Сирин үтүөлээх артыыһыгар Евдокия Степановаҕа анаабыта. Аны настаабынньык быһыытынан Арассыыйа уонна Саха Сирин үтүөлээх артыыһа Клавдия Иванова уонна Новосибирскайдааҕы хореографическай училищеҕа Саха сириттэн үөрэнэ тиийбит бастакы выпуск чочуллан тахсалларыгар сүҥкэн кылааты киллэрбитэ, күүс-көмө буолбута. Репетитор быһыытынан чаҕылхай үлэтэ Батуев «Чурумчуку» балета таҥыллан тахсыытыгар көстүбүтэ уонна бу туруорууга кэмиэдьийэ артыыһын амплуатын кыайа туппута.
Аксения Васильевна 1964 с. балетмейстер-репетитор дуоһунаһыгар киирэн, араас бэйэлээх бииртэн-биир, саҥа, сонун үҥкүүлэри туруортаабыта. Бу маны дакаастыыр биир көстүү быһыытынан –1965с. Степан Дадаскинов «Уот остуоруйата» либреттота Саха Сиринээҕи ыччат III-с бэстибээлигэр үрдүк сыанабылы ылыыта буолар. Дьаныардаах үлэ түмүгэр Үөһээ Бүлүү тыйаатырын кэлэктиибин аата бүтүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн сураҕырбыта. Идэлээх уонна анал үөрэхтээх үҥкүүһүт, үҥкүү туруорааччы буолан, Аксения тыа сирин кулууптарын үлэһиттэригэр өрүү көмөлөһөр, сүбэлиир- амалыыр этэ. Ол курдук, Чурапчыга, Уус Алдаҥҥа, Үөһээ Бүлүүгэ уо.д.а улуустарга элбэх ыччаты кэрэ эйгэтигэр уһуйбута, талааннарын арыйбыта.
1966с. өрөспүүбүлүкэ култууратын эйгэтигэр биир улахан ситиһиинэн Дьокуускайдааҕы култуурунай-сырдатар училищеҕа хореография салаата аһыллыыта буолар. Манна үөрэх былаана Аксения Васильевна үҥкүүһүт быһыытынан муспут уопута тирэх буолбута. Маны таһынан үөрэх бырагырааматыгар “Актерское мастерство” диэн саҥа предмет киирэрин ситиспитэ, үөрэх хаамыыта биригээдэ систиэмэтигэр сөп түбэһиннэриллибитэ. Ол оҥорбут сүҥкэн үлэтин методикатын Улан Удэтээҕи квалификация хамыыһыйата үрдүктүк сыаналаабыта.
Искусство эйгэтигэр киллэрбит сүҥкэн кылаатын, саха маҥнайгы «Хотугу сибэкки» балетыгар оруолун киэнник арыйбытын, дьаныардаах үлэтин иһин уонна тыйаатыр искусствотыгар ситиһиилэрин иһин бастакы идэтийбит балерина Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин Президиумун Бочуоттаах грамотатынан, «Үлэҕэ туйгунун иһин» мэтээлинэн бэлиэтэммитэ.
Аксения Васильевна преподаватель быһыытынан үҥкүү салаатын 28 сыл салайбыта, элбэх көлүөнэ үҥкүүһүттэри искусство кэрэ эйгэтигэр уһуйбута.
Туруорбут уонна толорбут үҥкүүлэрэ мэлдьи ураты, саҥалыы тыыннаах, көрүүлээх буолаллара. Кини үрдүк таһымнаах, айылҕаттан айдарыылаах хореограф этэ. Ол курдук, «Таммахтар» үҥкүүтэ 1976с. Бүтүн Сойуустааҕы уус-уран көрүү бастакы бэстибээлигэр киэҥ эйгэҕэ тахсыбыта, көрөөччү сэҥээриитин ылбыта. «Лаглайбаана» үҥкүүтэ 1978с. ВЛКСМ 40 сылыгар анаммыт эстафета бырагырааматыгар киллэриллибитэ биллэр.
Аксения Васильевна сүдү талааннаах, киэҥ билиилээх педагог этэ. Учуутал быһыытынан үҥкүү искусствотыгар саха норуотугар саҥа суолу саҕалааччы буолбута, саха ыччатын сайдыытыгар аартыгы арыйбыта.
2001 с. төрөөбүт дойдутугар Хоптоҕо нэһилиэгэр олохтоохтор туруорсууларынан, Дириҥнээҕи оҕо мусукаалынай оскуолатыгар А.В. Посельская аата иҥэриллибитэ.
2004с Дьокуускайдааҕы хореографическай училищеҕа төрөппүт кыыһа Наталья Семеновна этиитинэн аата иҥэриллибитэ.
2024 сыл устата төрөөбүт Чурапчытын улууһугар уонна кини аатын сүгэр Дириҥнээҕи оҕо ускуустуба оскуолата, Дьокуускайдааҕы Аксиния уонна Наталья Посельскаялар ааттарынан балет оскуолата араас таһымнаах тэрээһиннэри ыытталлара былааннанар.
Аял Новгородов.