Саха норуодунай суруйааччыта, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Платон Ойуунускай аатынан судаарыстыба бириэмийэтин лауреата, Ил Түмэн Афанасий Илларионов аатынан судаарыстыба бириэмийэтин лауреата, Семен Новгородов аатынан бириэмийэ лауреата, Арассыыйа Улахан литэрэтиирэ бириэмийэтин лауреата, Арассыыйа суруйааччыларын Сойууһун 1993 сылтан чилиэнэ, Чурапчы уонна Булуҥ улуустарын Бочуоттаах олохтооҕо Семен Андреевич Попов – Сэмэн Тумат ааҕааччыларга, ордук кырачааннарга, оҕо биллиилээх суруйааччытын быһыытынан чугас- ыраах сураҕырар, бэрт киэҥник кэрэхсэнэр.
Сэмэн Тумат олунньу 23 күнүгэр 1944 сыллаахха хоту сир кылаан уһугар, Тумат нэһилиэгэр Саҕастыыр бөһүөлэгэр Анна Никитична уонна Андрей Фомич Поповтар диэн балыксыт, учуутал дьиэ кэргэнигэр күн сирин көрбүтэ.
Ол туһунан суруйааччы «Төрдүм – ууһум. Аҕам туһунан» диэн ахтыытыгар суруйар: «Мин аҕам Андрей Фомич Попов ийэтэ лингвист Семен Андреевич Новгородов бииргэ төрөөбүт эдьиийэ Анна Андреевна Попова (Новгородова) этэ… Киниттэн балыс Матрена баара. Саамай улаханнара Иннокентий Попов этэ.
Аҕам, кини балта Матрена даҕаны оҕолоругар таайдарын Новгородовтар ааттарын биэрбиттэрэ. Ол курдук кинилэри ытыктыыллара.
Мин олунньу ыйга төрөөн, Семен Новгородов аатынан Семен диэн сүрэхтэммиппин. Мин анныбынан кыыс эбэбит Аанчык эмээхсин аатынан Аанчык Андреевна диэн буолбута. Киниттэн аҕыйах сылынан балыс быраатым Андрей Новгородов аатынан Андрей диэн буолан сылдьар. Оһоҕос түгэҕинээҕи оҕолоругар хос эһэбит Александр Новгородов (Андрей Александрович Новгородов аҕата) аатын Александр диэни биэрбиттэрэ.
Аҕам балта Матрена Фоминична эмиэ Семен, Андрей Осиповтар диэн уолаттардаах, ону таһынан икки кыыс оҕолордоох.
Семен уонна Андрей Новгородовтар тус бэйэлэрэ биирдии оҕолоохторо. Семен Новгородов кыыһа Елена Семеновна Новгородова билигин Санкт- Петербурга олорор. Николай диэн уол оҕолооҕо, 1992 сыллаахха оһолго өлбүтэ. Ыал буолбакка хаалбыта. Андрей Новгородов 1926 сыллаахха сымыйаҕа буруйданан хаайылларыгар биэс саастаах Анатолий диэн уоллааҕа 1942 сылга Жатайга өлбүтэ. Ити курдук Семен уонна Андрей Новгородовтартан быһаччы утумнуур соҕотох биир эрэ хаан баар – ол Елена Семеновна Новгородова»[1,c.6-7].
Уола Сэмэн өттөһүн буолан эрдэҕинэ, истиҥ ийэтэ Анна Никитична, дойдутугар, сиригэр-уотугар биллэринэн, Араатар Аана уолугар умнуллубат, бэлиэ тыллары эппитэ: «Тоойуом, Сэмэн, эйигин саха дьахтара соччо- бачча төрүү- ууһуу сатаабат сиригэр-уотугар төрөтөммүн, ол хотугу дойду улуу тыына алгыс курдук өйөөн-убаан, бачча киһи оҥорон, көрөн-харайан таһаараммын, дойду үөһүнээҕи дьону-сэргэни буллардым. Ону, тоойуом, умнубат буолаар дуу…»[2,c.17].
Сэмэн Тумат хайдах-туох, Чурапчы эбэ хотунтан хоту дойду хонноҕор тиийбиттэрин-түгэммиттэрин туһунан кэпсээнин тимэҕэ сөллөн сэһэргиир: «1937 сыллаахтан саҕаламмыт политическай репрессия саҥа балаһата Чурапчы оройуонун эмиэ хаппыта. Политикаҕа буруйдаммыт аймахтардаах дьоҥҥо олус кутталлаах күннэр-дьыллар үүммүттэрэ. Дьолго, «Кыым» хаһыакка республика хотугу оройуоннарыгар учууталлыы кэлиҥ диэн ис хоһоонноох ыҥырыы тахсыбыта. Ити ыҥырыы биһиги аймахха историческай суолталаммыта, быыһаабыта да диэххэ сөп.
Андрей Новгородов политикаҕа түбэһэн ытыллыаҕыттан ыла, кинилэр күтүөттэрэ Фома Попов сүрдээҕин сээбэҥнээбитэ. Кини биир күн уолун Андрей Попову (мин аҕам) политика оннун булуор диэри Булуҥ оройуонугар учууталлыы бар диэн модьуйбута уонна тылыгар киллэрбитэ. Ону ылынан, баара эрэ сэттэ кылааһы үөрэнэн бүтэрбит, математика (ахсаан) учуутала буолар үрдэтинии куурсун барбыт Андрей Фомич Попов кэргэниниин Булуҥ оройуонун Тумат нэһилиэгин Саҕастыырыгар учууталлыы диэн 1938 сыл күһүнүгэр Чурапчыттан ыраах айаҥҥа туруммуттара. Саҥа Дьыл эрэ иннинэ ыт сыарҕатынан Быыкап Тумустан айаннаан Саҕастыыры булбуттара. Ити курдук төрүт-уус Новгородовтар биир хааннара Лаптевтар муораларын кытылыгар тиийэн хаалбыта»[3,c.17 – 18].
Былыргыттан быйылгыга диэри өлбөт үөстээх өбүгэ дьоммут «Саха оҕуһун мииннэ даҕаны ырыаһыт, оһоҕун иннигэр олордо даҕаны бөлүһүөк» диэбиттэринии, тыйыс айылҕалаах хотугу сиргэ олохсуйан олорон, киһи бэйэтэ да билбэтинэн, туох эрэ имнэммитин курдук, чугаһы чугуулуур, ырааҕы ыатарар, дьоһумсуйан толкуйдуур. Ол курдук суруйааччы саныыр санаата, кэскили кээмэйдии, саргыны салайар, кэрэни кэрэһэлиир түгэннэрдээх: «Хоту дойду баар буолан төһөлөөх үгүс саха норуотун бастыҥ хааннарын сыдьааннара тыыннаах ордубута буолуой дии саныыбын сорох ардыгар. Олортон биир тыгыалас тымыр буоламмын, бу мин сырыттаҕым, төрүттэрим дойдуларыгар эргилиннэҕим.
Дьылҕа-хаан ыйан-кэрдэн турдаҕа. Баччаҕа тиийэр быабар талаһа быраҕан биэрэн, киһи-хара оҥордоҕо, удьуорбун ууһаттаҕа, дьоҥҥо-сэргэҕэ таһаардаҕа»[4,c.18].
Аарыма кырдьаҕастары кыл имэрийэ төрөөбүт-үөскээбит буолан, Сэмэн Тумат олдьот оҕо эрдэҕиттэн оттомноох, олох мөккүөрүн туһунан оччоттон олоҕурбут тобуллаҕас толкуйдаах, сайдам санаалаах, боччум быһаарыныылаах. Кини айбыт аҕатын тиһэх күннэригэр анаан – минээн «Киһи эрэлэ тилэхтээн өлөр»,— диэн кэриэс-хомуруос буолар кэс тыллаах кэрчигэр оччотооҕу кэмтэн ойо тардан кэпсээбиттээх: «Сайынын балыктыырбыт уонна ону тууһуурбут. Аҕабыт ыарытыйара. Бу иннинэ 1957 сыллаахха анаан-минээн Чурапчыга тахсан сыл кэриҥэ олоро сылдьыбыттааҕа.
Илим көрүүтүгэр эрэ киирсэрэ. Ыарыыта ыллар — ылан иһэрэ. Инньэ гынан кустааһын- хаастааһын, эт аһылыгы булуу миэхэ сүктэриллибитэ. Күөс этин син буларым. Алтыс кылааһы бүтэрбит кэмим этэ. Биир сыл хараҕым ыалдьан кылааспар хаалбыттааҕым, онон сылыктаатахха, син балай да саастааҕым.
Биир күһүҥҥү бүдүө-бадыа күн биһиги олорор арыыбыт уһугар вертолет кэлэн түспүтэ. Сотору кэминэн икки нуучча уонна биир саха киһитэ тиийэн кэлбиттэрэ. Биһиги бурдук аһынан быстаран олорорбут. Ийэм муҥнаах хаас сымыытын өрөһөлүү кутан соркуойдаан сырылатта. Буспут кыыл этин, тууһаммыт балык өрөҕөтүн көбүччү соҕус уурда. Чэйдээтибит.
Онно Тиксииттэн икки генералы сирдээн, кыыл ыта диэн, Василий Харлампьевич Вырдылин кэлсибитин билбиппит.
-Андрей Фомич, оҕолоох-уруулаах киһи, эмтэннэххинэ сатаныыһы. Миигинниин барыс. Врачтарга көрдөрөн бу ыарыыгын быһаартарыахха,- диэтэ Василий Вырдылин.
Аҕам сөбүлэстэ. Барсар буолла…
Ити күн биһиги аҕабытын тиһэх төгүлүн көрөн хаалбыт эбиппит»[5,c.18- 19].
Салгыы Сэмэн сэһэргиир: «Балаҕан ыйын бастакы күнүгэр Мотуор Павлов диир киһилэрэ, нэһилиэк Сэбиэтин председателэ быһыылааҕа, хонтуоратыгар ыҥыртарда. Онно мин аҕам Чурапчыга өлбүтүн туһунан телеграмма кэлбитин иһитиннэрдэ уонна миигин Тиит Арыы диэн сиргэ тиэрдиэхтээҕин, онтон Күһүүрдээҕи оскуола — интернакка тиийиэхтээхпин эттэ. Барбаппын диэн көрбүппүн, аҕаҥ тиһэх дьаһала оннук, ону толоруохтааххын диэн муос- таас курдук этэн кэбистэ»[6,c.19].
Быйыл даҕаны, былыр даҕаны аҕа саастаах уонна төрөппүт тыла – сокуон. Ол хайаан да туолуохтаах. Аҕатын ахтарыгар Сэмэн оччотооҕу түгэнтэн тугу истибитин, билбитин-көрбүтүн саас-сааһынан кэпсээбитэ, ханнык даҕаны сааһыра быһыытыйбыт, олох талкытыгар имиллибит баараҕадыйан эрэр көлүөнэ киһитэ чугастык, уйаҕастык ылынар буолар эбит: «Кэлин билбитим маннык эбит. Аҕам Тиксиигэ көтөн иһэн Саҕастыырга вертолету түһэрэн, дьоммун-сэргэбин кытары бырастыылаһарбын көҥүллээҥ диэн экипажтан көрдөспүт. Ону ылыммыттар. Туматтар тоҕо сууллан киирэн, аҕам тиһэх тылын — өһүн истибиттэр:
Дьэ, дьонум- сэргэм, арааһа, арахсар күнүм чугаһаата быһыылаах. Ыарыым улахан. Эҥин-дьүһүн буолан хааллахпына, кэргэттэрбэр көмөлөһөөрүҥ. Кэргэммэр Аанаҕа оҕолорун, төһө кыалларынан, дойду сирин буллара сатаатын диэн тиэрдиҥ. Улахан уолбун Сэмэни Күһүүр интернат — оскуолатыгар таһааран туттарыҥ. Кини үөрэхтэннэҕинэ — хаарданнаҕына, баҕардар, эһиги ааккытын ааттатыа. Дьоммун Үрдүк Кэрээбилгэ туох эмэ үлэтэ булан, өйөөн-убаан кыстатаарыҥ. Быйылгы тиһэх катерынан көһөрөн таһаарыҥ. Сүрдээх эйэлээхтик үлэлээн- хамнаан, доҕордоһон бу баран эрэбин. Аны көрсүһэр да баһа биллибэт буолсууһу быһыылаах. Үөрэппит уолум, Тыппыы, Сэмэни хайаатар даҕаны Күһүүр интернат-оскуолатын буллара сатаа. Мин Тиксииттэн телеграбынан оннооҕу дьаһалтаны кытары бу Вырдылин Василий Харлампьевич нөҥүө кэпсэтиһиннэриэҕим. Ыллыктаах тиһэх тылым, доҕоттоор, итинник »[7,c.19-20].
Аҕам тиһэх тыла мин инники дьылҕабын түстээбитэ… Инньэ гынан уҥуоҕа таайдара Новгородовтар төрүттээн-уустаан көмүллүбүт сирдэригэр Тойон Тумулугар тутуллар.
Айбыт аҕатын Андрей Фомич Попов кэриэһин улахан уола Сэмэн Андреевич чиэстээхтик толорбутун, киниэхэ муҥура суох махталын тиэрдэн туран, ситэ олорботох олоҕун , үтүө үөрүйэхтэрин салгыан баҕарар кэс тылын эппиттээх: «Оҕолор аҕабыт ырааҕы өтө көрбүтүн толорон, төрүт дойдубут дьонун- сэргэтин булан, үлэлээн – хамнаан, эн-мин дэсиһэн, өйөһөн-убаһан, этэргэ дылы, кытыйанан — хамыйаҕынан бырахсан дойду сирин дьоллоох туонатыгар олох, үлэ, аймах-уруу ортотугар ааппытын-суолбутун тутан сылдьарбытын дьолбутунан ааҕабыт »[8,c.21].
Бөлүһүөктүү толкуйдаах, киһиэхэ биирдэ бэриллэр олоҕу киэҥник, мындырдаан быһаарар өбүгэ дьоммут “Былыргы оҕо эрдэ улаатар” ,- диэн этэн- тыынан кэбиспиттэрэ, бэрт боччумнаах, дириҥ түгэхтээх санааны сайгыччы сайа этэр, элбэҕи эрэннэрэр, кэскили күүттэрэр.
Туомтуу тардыах иннинэ, Сэмэн Тумат литэрэтиирэҕэ улахан учуутала, академик Анатолий Алексеевич Бурцев көмүс тылларын ахтыаҕы баҕарыллар: “Сэмэн Тумат имеет репутацию разностороннего и плодовитого литератора. В его наследии представлены поэтические и прозаические произведения, рассказы для детей, критические статьи и рецензии, литературоведческие исследования и публицистика, литературные портреты и переводы. Немаловажным разделом его деятельности является составление, редактирование и издание произведений якутских писателей, а также пропаганда литературы и искусства.
Но, как ни странно, крупных работ о творческой деятельности С.А.Попова – Сэмэнэ Тумата до сих пор нет. Есть очень теплый личностный портрет – очерк, принадлежащий перу В.Дементьева, в наличии ряд откликов и рецензий на его произведения, а также многочисленные упоминания в нем в разных источниках, но нет сколько – нибудь серьезных литературоведческих исследований о его художественном творчестве. Он действительно “больше старался для других,чем для себя”. Настало время, наконец, сказать слово о нем как о Народном писателе, авторе высокохудожественных произведений” [ 9, c. 372].
Егор Гаврильевич Винокуров, философия билимин хандьыдаата, доцент
Бэлэмнээтэ Сэмэн Жендринскэй