РФ Судаарыстыбаннай Дуума Федеральнай мунньаҕын дьокутаата Галина Данчикова Чурапчыга үлэлээтэ

Галина Иннокентьевна  «Дьокутаат регионнааҕы нэдиэлэтэ» былааҥҥа олоҕуран, бүгүн Чурапчыга сырытта.

ЧГИФКСИ үлэһиттэрин уонна устудьуоннарын кытта көрүстэ. Институт материальнай-техническэй базатын тупсарыыны таһынан сүрүн болҕомтотун устудьуоннарга уурда. Кинилэр хайдах үөрэнэ сылдьалларын, үөрэхтэрин бүтэрэн баран ханна үлэлии бараары сылдьалларын ыйытта. Киин куоракка талаһан, иппэй-туппай үлэҕэ үлэлиэхтээҕэр, чопчу талбыт идэлэринэн үлэлиир наадатын ыйда. Билиҥҥи кэмҥэ ыраах сытар нэһилиэктэргэ физкултуура учууталлара наадаларын бэлиэтээтэ. Саҥа исписэлиис олоҕун оҥосторугар туһуламмыт араас бырагыраамалар үлэлииллэрин кэпсээтэ.

Россельхозбаан дьоҥҥо кредити төһө биэрэрин, кредит ыла кэлбит киһиэхэ түөкүттэргэ түбэспэт туһугар үлэни төһө ыыталларын ыйыталаста. Тыа сирин уонна Уһук илин ипотеканан дьон ханна дьиэни тутталларын, атыылаһалларын туоһуласта.

«Арассыыйа Почтата» федеральнай тэрилтэҕэ сылдьан, дьиэ-уот усулуобуйатын кытта билистэ. Үлэһиттэр дьиэ тымныытын, эргэтин, хамнас кыратын эттилэр.

Павел Пинигин аатынан уулуссаҕа тутулла турар элбэх квартиралаах дьиэҕэ сырытта. «Хаарбах дьиэттэн көһөрүү» федеральнай бырагырааманан улуус күүскэ үлэлээн олорорун истэн үөрдэ, дьон туһугар кыһаллалларын хайҕаата.

Түмүккэ Элбэх өҥөнү оҥорор дьиэ кэргэн киинигэр сырытта. Киин хайдах үлэлиирин көрдө. Манна сэттэ оҕолоох Февронья, Семен Андреевтар дьиэ кэргэннэрин кытта көрүстэ. Андреевтар тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктаналларын, оҕо иитиитигэр көрүүлэрин кэпсээтилэр. Маны сэргэ уоппускаҕа кэлэ сылдьар байыаннай дьайыы кыттыылааҕын кытта кэпсэттэ.

«Чурапчы улууһугар кэлэн, элбэх дьону-сэргэни кытта көрүстүм, кыһалҕаларын да, үөрүүлэрин да көрдүм-иһиттим. Биир кыһалҕалаах тэрилтэнэн Почта буолар. Почта дьиэтэ капитальнай өрөмүөҥҥэ наадыйар, нэһилиэктэргэ баар сорох почталар сабыллыбыттар. Онон дьон Чурапчы киинигэр киирэргэ күһэллэллэр. Бу боппуруоһу быһаарарга үлэлэһиэм», — диэн Галина Данчикова Чурапчыга сырыытын түмүгэр эттэ.

Елена Макаринская