Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин бэҕэһээ Анал туһаайыытыгар “Земский учитель”, “Земский доктор” бырагыраамалары таһынан “Земский работник культуры” диэн бырагырааманы олоххо киллэрэргэ эттэ.
“Нация, омук, ол иһигэр биһиги саха омуга култуурунай, духуобунай өй-санаа, тыл-өс оһуорун-мандарын, төрүт толкуйун тутан хааларыгар улахан олук уурулунна. Билигин тыа сиригэр каадырынан хааччыллыы уустугуран турар кэмэ. Онуоха бу “Земский работник культуры” бырагыраама күүскэ үлэлээтэҕинэ, тыа сиригэр ыччат тардыһыыта улаатыа диэн эрэнэбит. Билигин улууспутугар улахан кыһалҕанан кулууптар тымныылара, музыкальнай оскуолаларбытыгар техникэнэн, оборудованиенан хааччыллыыта саҥардыыга наадыйаллар. Онуоха Владимир Путин тыа сирин култуурата, духуобунай баайа кэҥииригэр усулуобуйа баар буолуутугар олук уурарын эттэ. Онон биһиэхэ ити сонун улахан үөрүүлээх”, — диэн Чурапчы улууһун култуура салалтатын начаалынньыга Петр Гуляев санаатын үллэстэр.
Елена Макаринская