Сүүрбэччэ сыл идэтинэн оскуолаҕа үлэлээбит, туох-баар өйүн-санаатын, билиитин, дьоҕурун оҕону иитиигэ анаабыт киһини эмискэ колхуоска биригэдьииринэн ыыппыттара.

“Баартыйаҕа сорудаҕа. Ити ити итэҕэл хайаан да туолуохтаах, туолуохтаах эрэ буолбатах өссө биригээдэни бастыҥнар кэккэлэригэр таһаарыллыахтаах,” – диэн саныы-саныы эдэр хомуньуус Василий Титов ССКП райкомун бүрүөтүгэр сылдьан баран дьиэлээн испитэ. Бу өрдөөҕүтэ этэ.

Тута бааччы үлэни, идэни барытын эргитэ тутарга уустук этэ. Саҥа үлэни саҕалыырга, күннээҕи ыарахаттары тута быһаара осхорго мэһэйдэр элбэх этилэрэ. Онуоха эбии дьыл куһаҕана, ыраах үрэхтэргэ көһүү балаһыанньаны эбии ыараталлара. Ол эрээри саҥа үлэлээн эрэр биригэдьииргэ аҕа табаарыстара, хомуньуустар сүбэ-ама биэрэн күүһүгэр күүс укпуттара. Ыарахаттар сыыйа туоратыллан испиттэрэ.

70-с сыллар ортолоругар Чакыр отделениета Эрилик Эристиин аатынан сопхуоска эрэ буолбакка оройуоҥҥа биир бастыҥ көрдөрүүлээх, үлэлээх отделениенан буолбута. Үһүс кыбаартал түмүгүнэн сопхуостар отделениеларын куоталаһыыларыгар бастаан, Кыһыл Знамяны туппута. Түмүктээһиннээх сыл уон ыйыгар сопхуос иһинэн ыытыллар социалистическай куоталаһыыга кыайан дирекция, партком, рабочком көһөрүллэ сылдьар Кыһыл Знамяларын ылбыта. Маныаха отделение управляющайа Василий Титов салайар, тэрийэр дьоҕура элбэҕи быһаарбыта.

Отделение сүөһү ахсаанын былааннарын аһара толорбута, ньирэй деловой тахсыыта 84 бырыһыаҥҥа тиийбитэ. Сүөһү көнньүнэн өлүүтэ аччаабыта. Үүт валовой ыаһына 110,9 судаарыстыбаҕа атыылааһын 119,3 бырыһыан толоруллан ааспыт сыллардааҕы көрдөрүүлэрин лаппа тупсарбыттара. Түөрт ыанньык фермалара былааннарын бары толорбуттара. Алтынньытааҕы привес былаана эмиэ аһарыллыбыта. Отделение ССКП XXV сийиэһин көрсө үрдэтиллибит эбэһээтэлистибэтин ылынан үлэлээбитэ.

Василий Гаврильевич сыахтааҕы баартыйа тэрилтэтигэр, сопхуос парткомугар производство дьоҕурдаах хамандыырынан, көхтөөх лекторынан, бастыҥ пропагандист быһыытанан үрдүктүк сыаналанара.

Хойукка диэри Василий Гаврильевич Титов производстваны тэрийиигэ, дьону иитиигэ уҕараабат уоҕунан үлэлээбитэ.

 

Сэмэн Жендринскэй