Балаҕан ыйын саһархай дьүһүйүүтүн, этиэхтэн эриэккэс күлүмнээх күһүҥҥү айылҕа сиэдэрэй бэлэҕин көрдөрөр, атыылыыр-тутуулуур үгэскэ кубулуйбут “Көмүс күһүн” дьаарбаҥка Мугудай орто оскуолатын ыспартыыбынай саалатыгар үрдүк өрө көтөҕүллүүнэн ыытылынна.
Араас айылҕа матырыйаалыттан оҥоһуктар, композициялар кэккэлээтилэр, сир аһын эгэлгэ барыанньалара, тэллэй, оҕуруот аһа хоточчу тардылынна. Кылаастарынан төрөппүтү кытта көрдөөх стартар, фотозона күрэхтэрэ ыытылыннылар. Оҕолор, төрөппүттэр, учууталларбыт бары көхтөөхтүк кытынныбыт, бу тэрээһинтэн олус диэн астынныбыт.
Амелия Сивцева, 8-с кылаас