Субу киэһэ Орто дойду улаҕатыгар үрүҥ күн киирээтин кытта, көстүбэт эйгэ дьиктитэ тиллэн кэлэрин көрөөрү дуу, биитэр туох эрэ кистэлэҥэ аһылларын билээри, кыырай халлаантан симириктии умайар сулус суһума субуллан, көмүс ытарҕалаах кэлтэгэй ый кытта кыттыһан, сиргэ чугаһаан кэлбиттэрэ.
Чуҥкунуур түүҥҥү чуумпуга, түптэлэс тымныыга сир үөлэһэ барыта көҥөммүттүү, тумаҥҥа сууланан, кичэмник бүөлэммит курдуга. Арай тохсунньу ый кыбдьырына-кыбдьырына сытыы кылыһынан кымньыылаан, тэбиэһирэ-тэбиэһирэ тибиинэн тибийэн, уордайар уорааннаах дьыбардарынан дьигиһийэ сатыылаан дьулаппыта. Оргуйа турар олгуйдуу түллэҥниир чөҥөрө чүөмпэлэр, түгэҕэ биллибэт дэбилийэр дириҥ далайдар өрөһө мууһунан бүрүллэн, дөйө тоҥмут курдуктара… Ол эрээри, уу түгэҕиттэн иһийбити иһиллиир көстүбэт эйгэ иччилэрэ быгыалаһан, үөһэттэн-алларааттан илэ барыҥныыр күлүктэр тиллэн биллибиттэрэ. Инникини өтө көрөр, дьылҕаны билгэлиир таҥха кэмнэрэ үүммүттэрэ. Төлкө түүллээхтэр, билгэ биттээхтэр айылгылара аһыллан, кистэлэҥ күүстэрэ уһуктан Оботтоох Чупчурхааҥҥа, тыл иччитигэр бэриммиттэрэ.
Алаарыйа барахсан бэйэтин өйдүүр буолуоҕуттан талыгыр талкытын аттыттан ырааппатах эбит. Үйэтин тухары күннэри-түүннэри талкытын талкыйан, халыҥ тириини иҥиир илиитин иминэн имитэн, кууран-хатан хаалбыт киһи. Кыайар-хотор эрдэҕинэ күҥҥэ уоннуу убаһа тириитин имитэрэ. Икки хараҕыттан төһө да мэлийдэр, хайа ыал туох идэһэлэммитин, хайалара сытыы быһахтааҕын эндэппэккэ билэрэ. Сүрэҕэ суох киһи идэһэтин тириитэ онон-манан быһыта сотуллан, хайыта барбыта элбэх буолара. Сыатын кытта быһа сотон балайда “манньалыыллара”. Оннук тириигэ күнэ-дьыла баранара, киҥэ-наара кытта холлоро. Кыһыахтыырга, субалыырга биир туспа сыралаах үлэ буоларын дьон билэ сатаабат этэ. Онон-манан аҕыйах тиистээх, сүллүгэс мас аттаах талкытын мииммитинэн арыт түүннэри илэ баран бэдьэйэ “үҥкүүлүүрэ”. Дьэ онно буолара, тыыннаахтыы уот куйуһуйан уһуутуу умайыыта. Илбистээх тыллар тэҥҥэ имиллэн, икки чабырҕайын тэһэ анньар амырыын күүстэр кутуллуулара. Илгиһиннэҕин аайы иэнэ кэдэҥнээн, дьигиһийэн, бэдьэйэ тэйэрэ. Этэ салаһан, куйахата күүрэн торҕон бөрө буолан улуйара, атыыр сылгы буолан кистиирэ. Иһин түгэҕиттэн дьиэһийэн, иҥсэлээх-иҥсэлээхтик дьааһыйталаан ылара. Уот сытыы ойбон хараҕынан мээнэнэн дьөлүтэ көрүтэлиирэ. Оччоҕуна хас биирдии имиллибит тириитэ иччилэнэн кэлэрэ, аҥайар агдакалаах торбос толугуруу мөхсөрө, тыына быстыбыт эһэ хатаннык хаһыытыыра. Хааннаах ытыһын иһиттэн чокуур уотун курдук күөх уоттар сырдырҕаччы кутаа уотунан ыһыллаллара. Ол аайы иирбит дуу, итирбит дуу турукка өйө-төйө суох барара. Былыр-былыргыттан имииһит да, удаҕан да биир тэҥ дьэс бэлэстээх эмэгэттээхтэрэ. Ыар буруйугар эбитэ дуу, өндөл халлаан улуу дьүүлүн иҥэринэн эбитэ дуу, Дьылҕа Тойон ыйан биэрбит ыйааҕын ылынан, төлкөтө-түөрэҕэ түҥнэстэн, чороҥ соҕотох бу сырыттаҕа…
Олоҕун тосту-туора уларыппыт ол таҥха түүн маннык этэ…
Алаарыйа эдэригэр киһи сирбэт сэбэрэлээх, сүрэхтээх эрэ сүрэҕэ хамныах, киһи эрэ ымсыыра көрүөх барахсана этэ. Имнэрэ тэтэрэн, хара хаастара сыыйыллан, суһуохтара субуллан уол оҕо кутун тутар кыыс оҕо бастыҥа буолара. Дьоно харахтаахха көрдөрбөккө, харыс да хаамтарбакка харыстыыллара. Арай көрбүөччү эмээхсин эрэ таала кырыыланан, кырыыс тылларынан ыһыахтанара.
-Аанньал буолан кубулуна сылдьаҕын. Ньамахтаах күөл ыаматынан аһылыктанан, буруйу сүгүнэн, талыгыр талкыны миинэ олороргун көрбүт киһи!-диэн эмээхсин итирдэҕин аайы хой баһын туойара. Алаарыйа ол саҕана кини саҥарар саҥатын хоҥоруутугар хоннорбот, тылын-өһүн иҥэн-тоҥон, дьүүллүү-дьүһүннүү барбат этэ. Дьонугар да ону үҥсэргээбэккэ, хаалларан иһэрэ.
Кыһыҥҥы тымныы күннэргэ дьон хабылык хапсан, таабырын таайсан, абааһыны-сибиэни кэпсэтэн, оонньоон-көрүлээн аһараллара. Ордук таҥха түүннэригэр, ый быыһа хараҥаҕа Туора Лоһуура кутталлааҕы кэпсииринэн сөрү диэн сөхтөрбүтэ, хас ыал аайы кэтэһиилээх мааны ыалдьыт буолан ыҥырыллыбыта. Кини бастаан оһох иннигэр олорон мас хамсатыгар табах уурунара. Дьаардаах сыттаах күөх буруо оһох диэкиттэн үөмэн эрэрдии, салгыҥҥа ыйанан устара. Онтон Туора Лоһуура эрбэҕин сүрэҕин силинэн сиигитэн, хамсатын уотун хам баттаан умуруорара. Уонна этэрбэһин оһугар уктара. Ити эрэ кэнниттэн айаҕа аһыллан, кэпсээн киирэн барара. Оччоҕуна, чоҕулуҥнас харахтаах, ууналас илиилэрдээх сибиэннэр оһох кэнниттэн быгыалаһан, хара бэкир тарбахтара субу харбаан ылыахтыы сарбаҥнаһарга дылы буолаллара. Тула мустубут дьон эрдэтинэ бүк дьулайан, кирийэн киирэн бараллара. Сорох-сорохторо кутталларыттан тобуктарын хомуна тардынан, муннукка симиллэллэрэ. Ол аайы Туора Лоһуура уутугар-хаарыгар киирэн, өссө тэптэн биэрэрэ. Ардыгар кинини уоһугар абааһы илэ бэйэтинэн киирэн саҥардарын курдук, илбиһирэн киирэн барара. Ону истибит дьон үксүлэрэ түүнүн сатаан утуйбат, күнүһүн кыайан олорбот, систэрин этэ тардан, уҥуохтара хамсаан, дьигиҥнэс, ходьоҥнос буолаллара үһү. Кини кутталлаах кэпсээнин сүлүүдэ таастаах түннүгүнэн унаар маҥан күн сардаҥата көһүннэҕинэ биирдэ түмүктүүрэ.
Биирдэ Туора Лоһуура Алаарыйа дьонун аахха ыҥырыллан, хоно-өрүү, кутталлааҕы кэпсии кэлбитэ. Кинини истээри чугас ыаллара кытта мустубуттара. Түүн үөһэ буолуута, ытыс таһынар ыас хараҥа халыйыыта, кэпсээнин саҕалаабытынан барбыта.
-Чөҥөрө чүөмпэлэр үс саһаан холобурдаах мууһунан үллэн, тоҥон турар кэмнэригэр маҥнай муус кырыа кыламаннаах мэник-тэник сүллүүкүн оҕолоро, кыра-хара хамначчыттара ойбон аайыттан ыстаҥалаһан, сиргэ тахсаллар. Кинилэр уһун кутуруктарынан суолу-ииһи сиппийэн ыраастыыллар, өтөхсүйбүт балаҕаннарга тиийэн, уот оттон сылыталлар. Хатан тымныы хамначчыттара хомурах хаар саҕынньахтаах чөҥөчөктөргө хоноллор. Оттон орой мэник сүллүүкүн оҕолоро айаннаан кэлбит сылааларын уйбакка утуйаллар, хабырынан хачыгыраталлар, хаһыыран ииригирэллэр, иһиирэн чускуталлар. Оччоҕуна орто дойду уорҕаларыгар буурҕа түһэн будулуйар, аҕыс кутуруктаах хаар холорук ытыллар, сэттэ сиэллээх силлиэ силбиэтэнэр.
Ити курдук үс күннээх-түүн омуннаах кэпсээннэрин, үһүйээннэрин үлүннэрэ-үлүннэрэ кэпсээн, барыларын итэҕэтэ куттаталаан “дьэ бүттүм”- диэбиттии, кэпсээнньит дьахтар өһүллүбүт уоһун соттубута, оллооннообут атахтарын көннөрбүтэ. Дьон сыыйа-баайа хомунан, “һуу-һаа” буолан дьиэлэригэр тарҕаспыттара. Туора Лоһуура хамсатыгар табах ууруна олорон, эмискэ үс түөрэҥ атахтаах төгүрүк остуолга уоттаах хараҕа хатана түспүтэ.
-Бу төгүрүк сирэйдээх сандалы остуол сибиэннэр тустарынан кэпсиирбэр өрө дьигиһийэ турбута. Иччилээҕин биллэрбитэ. Аарыма кырдьаҕас сандалыта дуу диэхпэр дылы эккирээбитэ -, уонна остуолу чинчийэрдии, тула хаампыта.
Дьиэлээхтэр итинниги эрэ истиэхпит диэбэтэх дьон соһуйан, сирэй-сирэйдэрин көрсөн кэбиспиттэрэ. Дьиҥэ, хаһааҥҥыттан ити сандалы кинилэргэ баарын өйдөөбөт этилэрэ. Ыал буолуохтарын инниттэн, дьонноруттан хааллаҕа буолуо. Уонна балаҕан тэбэр сүрэҕэ буолан, араас аһынан аллан, күндүлээн күн бүгүҥҥэ диэри мааныланан турдаҕа.
— Бу түүн бу остуолу сүүрдүөххэ баара. Тугу билгэлиир эбитий? Туох дии саныыгытый, дьиэлээхтэр?
— Кэбис, ити тылы быктарыма даҕаны, бэрт сэттээх-сэмэлээх буолуоҕа… Аньыыны саҥарыма. Дьиэбит иччитэ киэр хайыһыа, хоргутан-хомойон иэстэһиэҕэ…
— Бу да дьону! Бары-барыттан куттанан түһэҥҥит! Билигин туох баар барыта тыыннаах, иччилээх турар кэмигэр сүүрдэн хаалыахха. Оттон эн, дьиэлээх хотун Алаарыйа кыыс, туох дии саныыгын? Төһө тухары силээхтэ аатыран, муус ураҕаһынан күтүөт уолаттары барыларын кыйдыы олоруоххунуй? Сүгүнүнэн сүктүбэт кыыс диэн дьон эйигин ыас гына ыстаан, ыаһах гыннылар-, дии-дии күлбүтэ буолан, ымах гыммыта.
Кыыс отут ордугуна үс сааһын төһө да аастар, кэрэ сэбэрэтин ыһыкта илигэ, олус атаахтык иитиллэн, бэйэтин олус үрдүктүк туттара. Ойох ылыан баҕалаах эр бэртэрэ ыйытан көрө-көрө, сүтэн хаалаллара. Киһи барыта аһаҕастык күлүү-элэк оҥосторо элбээбитэ. Итинниги иһиттэ да, тириитин таһынан ылынар буолбута. Ол да иһин буолуо, инникитин билгэлээн көрөр баҕата баһыйан, остуолу сүүрдэргэ сөпсөспүтэ.
Алаарыйа эмискэ мэйиитэ эргийэн, тыына хаайтара бопторон, таһырдьаны былдьаспыта. Киҥкиниир киэҥ халлаан өрөһөтүн урсунуттан хантан да кэлбитэ биллибэккэ, тыҥырахтаах көтөр тиийэн кэлэн, хаппыт тиит төбөтүгэр сахсас гынан, олорунан кэбиспитэ. Саллаҕар төбөлөөх хаххан лэкээриҥнээн, тымныы харахтарынан дьөлүтэ көрүтэлээн, Алаарыйаны супту одуулаабыта. “Тыҥырахтаах көтөр дьиэ таһыгар мээнэҕэ кэлбэт, бука, улахан ойуун харахтана сырыттаҕа”-, диэн, тымныы уунан саба ыстарбыт курдук, эт-этэ салаһан, куйахата үмүрү тарпыта.
— Хаххан баһынан куттаабыкка дылы буолан! Эйигиттэн баҕас куттаммаппын! Бу түүн сүллүкүүттэри ыҥыран, остуол сүүрдэн саараныаҕым. Баҕар, онно кэлэҥҥин, эргэ барарбын этэн биэриэҥ буолаарай? Дьэ, туоххунан алыс аатырбыккыный? Төһө-хачча эбиккиний?! Миигиттэн туох ордуктааххыный? Көрүөхпүт!- уһун тыллаахтарга кыһыйбытын-абарбытын барытын көтөр кынаттаахха “тэбээн” кэбиспитин, кулгааҕа эрэ истэн хаалбыта. Уонна дьэ, соһуйан өмүрбүттүү, кэннинэн чинэрис гыммыта.
— Тугу-тугу тылластым? Улуу кырдьаҕас дэгиэ тыҥырахтаах көтөр буолан кэлбитин сэнээн, туох хара санаалаах имнэммитэ буолла, саҥалаахпын диэн аньыыны тылластахпыан!- диэт сымыһаҕын быһа ытырбытынан, икки илиитинэн айаҕын саба туттубута… Ол эрээри кини бэйэкэлээх кимтэн да толлон-дьулайан турбутун өйдөөбөт, кимтэн да саллан тутум намтаан, буруй-сэмэ оҥостубута суох. Онон туох да буолбатаҕын курдук туттан, баттаҕар кырымах хаары бүрүммүтүнэн, дьиэтигэр киирэн кэлбитэ.
Бу киэһэ Алаарыйалаах Туора Лоһуура дьиэлээхтэр этэр тылларын ситэ истибэккэ, остуол сүүрдэргэ быһаарыннылар. Көмүлүөк оһохторун тигинэччи оттон кэбистилэр. Кураанах мас таһыргыы-таһыргыы, умайан күүдэпчилэннэ. Төгүрүк остуолларын икки өттүттэн көтөҕөн аҕалан, ууллубут ынах арыытынан сирэйин сотон аҕаатылар. Умайа турар оһох уотугар сырайдылар, арыы уокка бырдаҥалаатаҕын аайы, сыт-сымар, буруо-тараа балаҕан иһигэр тарҕанан, ыыс-быдаан буола түстэ. Санааларыгар, билэр-билбэт тылларынан уот иччититтэн ааттаһа көрдөстүлэр. Итиэннэ илбистээх халлаантан илиэһэй биистэрин, алдьархайдаах аллараа дойду тыыннарын ойуунунан бохсуруттараары, удаҕанынан дьалбыттараары аат ааттаан ааттастылар, ыҥыран көрдөстүлэр. Таһырдьа тыас тыаһаабытыгар, ынах тириитэ бүрүөһүннээх ааннара тэлэллэ биэрдэ, биллэрик түннүгүн үнтү көтөн, күлтэччи көрбүт, кырыа төбөлөөх хаххан тэлээрэн киирэн, үс атахтаах төгүрүк остуол үрдүгэр олорунан кэбистэ. Тымныы салгын сиринэн бурҕачыйан киирдэ, түгэх орон анныгар сыылан сүтэн хаалла. Дьиэлээхтэр кутталларыттан ороннорун бөҕүн иһигэр састылар, сорохтор оһох кэннигэр бүктүлэр. Алаарыйа хахханы үүрээри үөттүрэҕи сулбу тардан ылан, сискэ сырбатта. Хаххан түүтэ ыһыллан, бурҕачыс гынна. Дэгиэ тыҥыраҕынан кыыс төбөтүгэр хатана түстэ, сирэйин-хараҕын хайыта тыытан барда. Хаһыы-ыһыы биирдэ түптэлэннэ, хаан-сиин ыһылынна.
— Оо, баҕадьыла-ар! Хайаларын уһун суолун оймоотугут, кэтит суолун кэстигиэт?! Киһи тылын истибэккэҕит, абааһыларга айах туттугуот! -диэн дьиэлээх эмээхсин кириэс охсуна-охсуна, үгэхтэн хаһыытыы олордо.
Эмискэ, үс түөрэҥ атахтаах төгүрүк остуол оһох симик уотун сырдыгар хааман лиһиргээн киирэн барда. Хараҕа суох киһи курдук, чэҥ муустаах муннуктарга анньылла сылдьан түөрэҥэлээтэ. Төгүрүк остуол холоруктанан эргичийдэ, кулахачыйа сылдьан, балаҕаны кэрийэ төкүнүйдэ, тыаһа-ууһа сүрдэннэ. Уҥан эрэр кыыһы түҥнэри көтөн ааста. Остуол үс түөрэҥ атаҕа тосту барда, дьиэ ортотугар хорус гынаат, күр гына түстэ. Туора Лоһуура уолуйан саҥа аллайда: “Һуу, бу тугуй?! Иэдээни-ии даа!”, — диэт, сарылыы-сарылыы, таһырдьаны былдьаста. Хаххан үстэ-түөртэ сапсынаат, оһох хараҥа үөлэһинэн сүтэн хаалла. Остуол сирэйигэр олорбут сирэ хоруо буолан харааран оҥойдо…
— Кыыспыт хараҕын хаххан сиэтэ-ээ! Туох аньыыбыт иһин?! — диэн ыһыы-хаһыы иһилиннэ.
— Ыал аатыттан ааһар, өлөр дьон буоллубут… Бу да оҕолор оонньообуттара тугун толооһой?! — диэн дьиэлээх оҕонньор кыланыы бөҕөнү кыланан, үөгү бөҕөнү түһэрдэ. Ийэлэрэ эмээхсин хаһан да мэнэрийэр диэни билбэтэх киһи эмискэ уоһугар киллэрэн маннык диэбит:” Дьэ, хотуой, иэримэ дьиэҥ уотун умуллардым, икки хараххын саптым. Дьүһүн-бодо буолан, мас чэҥкээйи миҥэлэнэн ыал устун сылдьыаҥ! Алыс бэртик бэйэҕин санаммат буол! Итэҕэйбэт буоллаххытына хаххан бастаах Сөҥкүр ойуун буоларбын тахсан көрүҥ!” — дии-дии өрө дьигиһийэ олорбут. Дьиэлээхтэр эмээхсини икки дабыдалыттан өрө ыйаан көтөхпүттэр, оронугар хам баттаан сытыарбыттар. Уонна таһырдьа куттана-куттана тахсан көрбүттэрэ-кыбыылаах отторугар аһыы турар ыҥыырдаах аты хаххан төбөлөөх оҕонньор тахсан мииммит да, хара тыаны үрдүнэн айанната турбут.
Бу ыал кэлин эстэн, Алаарыйа хараҕыттан матан, туох да уруута-хаана суох, ыал устун мас талкытын соспутунан айаҕар эрэ сылдьыбыт.
Илбистээх халлаан бэлэһигэр илиэһэй биистэрэ суксурустахтарына, дириҥ далайдар ойбон харахтарыттан түптүр үтүгэн үөдэннэрэ быгыаластахтарына иннинэн сирэйдээхтэр атын дойду ичээннэригэр дьиҥнээхтик итэҕэйэллэр эбит…
Итэҕэйдигит дуо?
Римма Корякина-ХОТУУНА
Бэлэмнээтэ Сэмэн Жендринскэй