ИВАН ГАВРИЛЬЕВИЧ НИКОНОВ
“Иван Гаврильевич үүт таһар массыынаҕа үлэлиэҕиттэн маҕаһыыммытыгар үрүҥ ас биллэрдик элбээтэ”, — дэһэллэрэ Дьаабыла олохтоохторо.
Ити Карл Маркс аатынан сопхуос Одьулууннааҕы отделениетын суоппара Иван Никонов туһунан кэпсииллэрэ.
Кини 1979 сыллаахха үһүс сылын үүтү таһар массыынанан үрдүк таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Чулуу механизатор өҥүрүк куйааска даҕаны, кыһыҥҥы түптэлэс тымныыга даҕаны иҥнэн-толлон турбакка, отделение бары фермалара ыыр үүттэрин бириэмэтигэр тутар пууҥҥа таһан, 1978 сылга 39792 туонна биэрэстэлээх үлэни толорбута, сыл устата 2,24 туонна уматыгы кэмчилээбитэ. Итинник үрдүк көрдөрүүнү оройуоҥҥа ким даҕаны ситиһэ илигэ.
Ол эрээри көрдөрүү көрдөрүүнэн, Иван Гаврильевич онус пятилетка төрдүһс сылыгар 312 күн үлэлээн 30000 туонна биэрэстэни толорон бэйэтин рекордун 157 туонна биэрэстэнэн тупсарбыта.
Рекордсмен суоппар – коммунистическай үлэ удаарынньыга, ыччат настаабынньыга, механизаторынан үлэлээбит сылларыгар элбэх эдэр уолаттары таптыыр идэтин мындырдарыгар уһуйбута, үөрэппитэ.
Иван Гаврильевич Никонов нэһилиэк уопсастыбаннай олоҕор көхтөөхтүк кыттара, агитзона автивиһынан, уус-уран самодеятельность бастыҥ кыттыылааҕынан биллэрэ.
АФАНАСИЙ НАЗАРОВИЧ ЕГОРОВ ЗВЕНОТА
Өр сылларга “тимир көлө” тэһиинин туппут кырдьаҕас механизатор Афанасий Назарович Егоров 1978 сыллааҕы үлэтин түмүгүттэн үөрүүтэ улахана. Кини салайар звенота сүөһү аһылыга буолар култууралаах күөх маассаларын Чурапчы сиригэр хаһан да ыһыллыбатах үрдүк үүнүүтүн хомуйбута.
Ол биэс киһилээх дьоҕус кэлэктиип 1978 сыл сайыныгар Карл Маркс аатынан сопхуос Туолбутугар нүөлсүтүүлээх учаастакка 50 гектарга эбиэһи ыспыта. Бааһынаҕа 1000 туонна органическай уонна 27 туонна минеральнай уоҕурдуулары киллэрбиттэрэ, ардахтатыыны ыыппыттара. Бары агрономическай көрдөбүллэр толору тутуһуллубуттара.
Ол түмүгэр гектар ахсыттан 148-тыы центнер эбиэс, дьэһимиэн күөх маассата хомуллара ситиһиллибитэ. Бу – оройуоҥҥа саҥа рекорд этэ. Звено итинэн биһиги усулуобуйабытыгар сүөһү аһылыга буолар култууралар үрдүк үүнүүлэрин ыларга толору кыахтар баалларын итэҕэтиилээхтик дакаастаабыта.
Кинилэр хас биирдии гектартан ортотунан 102-103 центнер кормовой единицаны ылбыттара а.э. Афанасий Егоровтаах биирдии гектар бааһыналарын үүнүүтэ 30 гектар ходуһа биэрэр быйаҥар тэҥнэспитэ.
Чулуу механизатор Афанасий Назарович звенота улуу сирдьит В.И. Ленин төрөөбүтэ 110 сыла туолуутун көрсө кыһыҥҥы агрономическай дьаһаллары толору олоххо киллэрэр соруктаах үлэлээбитэ.
ЕВДОКИЯ ПРОКОПЬЕВНА ЗАХАРОВА ЗВЕНОТА
Ханна баҕарар курдук, “Чурапчы” сопхуос Килэҥкитээҕи отделениетыгар ыччат – төһүү күүс этэ. Эдэрдэр инники күөннэрин кэккэтигэр бастыҥнара Евдокия Захарова этэ.
Кини 1970 сыллаахха Сылаҥ орто оскуолатын бүтэрэн баран төрөөбүт сопхуоһун производствотыгар баҕа өттүнэн үлэлии тахсарга быһаарыммыта. Кыыс бастакы сылларга Нама ферматыгар ыанньыксытынан ситиһиилээхтик үлэлээбитэ. Сотору сопхуос салалтата кинини Читатааҕы сэбиэскэй партийнай оскуолаҕа үөрэххэ ыыппыта. Ону бүтэрэн баран кини Килэҥкигэ үс сыл сүөһү иитиитигэр биригэдьииринэн үлэлээбитэ.
1978 сыл сайыныгар Евдокия Захарова үһүө буоланнар – Авертий Потаповтыын, Илья Дьячковскайдыын – 626 субан сүөһүнү көрбүттэрэ. Звено Чааны эргин түөлбэлэргэ мэччитэн, көрөн-харайан, эбии аһатан күһүн хас биирдии сүөһүтүн 153-түү киилэҕэ төлөһүппүтэ. Онон субан сүөһүнү көрөөччүлэр өрөспүүбүлүкэтээҕи куоталаһыыларыгар кыайыылааҕынан тахсыбыта.
Дьэ ити курдук килэҥкилэр звенолара 1976 сыллахха Карл Маркс аатынан сопхуос Одьулууннааҕы отделениетын Б.И. Седалищев звенота олохтообут рекордун 48 киилэнэн тупсарбыттара.
1980 сыл сайыныгар рекордсмен звено салайааччыта Нама ферматыгар иккиэ буоланнар 100 субан сүөһүнү көрбүттэрэ. Кинилэр ити дьыл кырыымчык аһылыктаах кыстыкка биир да субаны энчирэппэккэ иитэргэ соруктанан дьулуурдаахтык үлэлээбиттэрэ-хамсаабыттара.
СЕМЕН НИКОЛАЕВИЧ МАКАРОВ
Сэбиэскэй кэм сайдыылаах үйэтин тэбэр сүрэҕин – тиэхэньикэни сатабыллаахтык, үрдүк оҥорумтуолаахтык үлэлэтэр дьоннортон биирдэстэринэн “Чурапчы” сопхуос Сылаҥнааҕы отделениетын тырахтарыыһа Семен Макаров буолара.
Кини “ДТ-75” тыраахтырга өр сылларга үлэлээбитэ. Уопуттаах механизатор ити кэм устата сыл ахсын эриэ-дэхси үрдүк көрдөрүүлэри ситиспитэ.
Семен Николаевич 1976 сыллаахха 3719, 1977 сыллаахха 4257,9, 1978 сыллаахха 4015 эталоннай гектарга тэҥнэһэр үлэлэри толортообута. Кини 1979 сыллаахха өссө ордук тэптэн үлэлээбитэ, бэйэтин “ДТ-75”-нэн 4315 эталоннай гектардаах үлэни толорон 1977 сыллаахха бэйэтэ олохтообут рекордун 57,1 эталоннай гектарынан тупсарбыта.
Онон социалистическай куоталаһыы кыайыылааҕа пятилеткатын 3 сыл 9 ыйынан оройуоҥҥа биир бастакынан толорон: 10500 эталоннай гектардаах үлэни оҥорорго ылыммыт эбэһээтэлистибэтин 4 сылга 5806,9 эталоннай гектарынан куоһарбыта. Кини ааспыт 1978 сылга бэлиэтэммит кирбиитин 2215 эталоннай гектарынан аһарбыта.
Рекордсмен тырахтарыыс пятилетка саҕаланыаҕыттан 8,2 туонна уматыгы кэмчилээбитэ.
Уопуттаах механизатор түмүктээһиннээх сылга рекордун өссө тупсарар – 4500 эталоннай гектары оҥорорго эбэһээтэлистибэлээх салгыы үлэлээбитэ.
ЕВДОКИЯ ХАРЛАМПЬЕВНА ДЬЯЧКОВСКАЯ
Карл Маркс аатынан сопхуос Одьулууннааҕы отделениетын Үрэх Күөрэ ферматын “Алгыс” уонна “Аартык” борооску көрөр звенолара 1978 сыл кыстыгар оройуоҥҥа бастыҥнар ахсааннарыгар тахсыбыттара.
Итинтэн биирдэстэрин – “Аартык” звенону оройуон чөмпүйүөн ньирэй көрөөччүтэ Евдокия Дьячковская салайбыта. Кинилэр 1979 сылга үһүө буолан 150-ча ыччат сүөһүнү кыстатан туораппыттара. Онтукаларын хас биирдиитин кыстык устата 85-тии киилэттэн итэҕэһэ суох төлөһүтэр соруктаахтара.
1979 сыл кулун тутар ыйын түмүгүнэн Дьячковскаялаах хас биирдии борооскуларын ортотунан 54,2-лии киилэ төлөһүппүттэрэ. Старшай олунньуга биирдии төбө орто эбиллиитин 11,7 киилэҕэ тириэрдибитэ.
Элбэх оҕо күн-күбэй ийэтэ Евдокия Харлампьевна сүөсүһүтүнэн үлэлээбитэ сүүрбэттэн тахса сыл буолбута. Онтон аҥарын курдук кэмҥэ наар кэриэтэ кыһынын ыччат сүөһүнү төлөһүтүүгэ сылдьыбыта. 1978 сыл сайыныгар, Туолбут ферматыгар 50-ча саҥа төрүөҕү бүөбэйдээн, энчирэппэккэ кыстыкка киллэртээбитэ.
Сезон устата хас биирдии ньирэй ортотунан 135,4 киилэ төлөһүйбүтэ. Итинник үрдүк көрдөрүүнү оройуон биир даҕаны ньирэй көрөөччүтэ ситиспэтэҕэ.
Чөмпүйүөн сүөсүһүт үлэтин ситиһиитин кистэлэҥнэриттэн биирдэстэринэн кини сүөһүнү көрүү-харайыы, аһатыы эрэсиимин халбаҥнаабакка тутуһуута, эбии аһылыгы дэлэйдик бэлэмнээн тиһигин быспакка сиэтээһинэ буолбута.
НИКОЛАЙ СЕМЕНОВИЧ МАКАРОВ
Кини аччыгый сааһыттан үлэттэн илиитин араарбатах киһи этэ. Сүүрбэччэ сыл устата сопхуоһун производствотыгар үтүө суобастаахтык, үрдүк таһаарыылаахтык үлэлээбитэ.
Николай Семенович 1976 сылтан саҕалаан кыһынын ыччат сүөһүнү көрүүгэ, сайынын бостуугунан идэтийэн үлэлээбитэ.
Кыһамньылаах сүөсүһүт 1978 сылга бэйэтин көрөр-харайар борооскуларын 100 бырыһыан тыыннаах иитэн, 101-дии киилэ төлөһүппүтэ. Ити нөҥүө сылыгар 71 борооскуну сүтүгэ суох иитэн, хас биирдиилэрин 135-тии киилэ улаатыннарбыта. Онон Николай Макаров оройуон чөмпүйүөн борооску көрөөччүтүн аатын ылбыта.
1978 сыл сайыныгар Чакыр Эбэтигэр 151 субан сүөһүнү көрөн-харайан биирдии төбө орто ыйааһынын 289-туу киилэҕэ тириэрдибитэ. Сезон устата Николай Семенович субаттарын биирдиилэрэ ортотунан 64,5 киилэ төлөһүйбүттэрэ. Кини үлэтин быыһыгар итиннэ 2 биэрэстэттэн ордук усталаах үүт күрүөнү хапытаалынайдык туппута.
Күһүн субаттары туттарыы хойутаан, 1979 сылга Николай Семенович Макаров сэтинньигэ 67 ороһу борооскулары кыстатарга, хас биирдиилэрин кыстык устата 130-туу киилэттэн итэҕэһэ суох төлөһүтэргэ соруктаммыта. Ол онтулара уопуттаах илиигэ тураннар биэс ый устатыгар хас биирдиилэрэ 82,1 киилэ эбиллибиттэрэ.
Чөмпүйүөн сүөсүһүт аҥардас ити дьыл олунньутугар хас биирдии борооску орто төлөһүйүүтүн 17-лии киилэҕэ тириэрдибитэ.
ТАТЬЯНА НИКОЛАЕВНА КСЕНОФОНТОВА
Биллиилээх ыанньыксыт Агафья Тарасовна Кузьминаттан үлэ эстафетатын ылбыт эдэр ыанньыксыт Татьяна Ксенофонтова онус пятилетка төрдүс сылыгар фуражнай ынаҕын ахсыттан 3200-түү киилэ үүтү ыыр былаанын оннугар 3324-түү киилэни ыан, оройуон чөмпүйүөнүн бочуоттаах аатын ылары ситиспитэ.
Чөмпүйүөн ыанньыксыт Эрили Эристиин аатынан сопхуос Хадаардааҕы отделениетын “ЫБСЛКС 60 СЫЛА” фермаҕа 1978 сыл сэтинньититтэн старшайдаабыта. Манна кини Дириҥ орто оскуолатын бииргэ бүтэрбит дьүөгэлэриниин Елена Григорьевалыын, Арина Егоровалыын Алексеевскай оройуон чулуу ыанньыксыта Галина Ефимова өрөспүүбүлүкэҕэ таһаарбыт ыҥырыытын өйөөн, көдьүүс уонна хаачыстыба пятилеткатын устатыгар производствоҕа хааларга быһаарынан үрүҥ илгэ күрэҕэр үлүмнэһэн үлэлээбиттэрэ.
Кэлэктиип кыстык ыйдарыгар оройуон ыанньыксыттарын социалистическай куоталаһыытыгар инники кирбиигэ испитэ. Оттон старшай Татьяна Ксенофонтова 1978 сыл икки ыйыгар фуражнай ынаҕын ахсыттан 448-тыы киилэ үүтү ыан, былаанын 225 киилэнэн куоһарбыта. Ити кэм устата кини валовойунан 6719 киилэ үрүҥ илгэни үрүлүтэн, быыбардары көрсө ылыммыт социалистическай эбэһээтэлистибэтин болдьоҕун 5 күн иннинэ толорбута.
Комсомолка Татьяна Николаевна улуу сирдьит В.И. Ленин үбүлүөйүн көрсө хаһааҥҥытааҕар даҕаны үрдүк таһаарыылаахтык үлэлииргэ бэйэтин салайар кэлэктиибин күүскэ түмпүтэ.
Сэмэн Жендринскэй