Оройуон 1979 сыллааҕы рекордсменнара – IV чааһа (Үлэнэн дьолломмут Чурапчы: Хаалыылааҕа суох үлэлиэххэ!)

АКУЛИНА АЛЕКСЕЕВНА СИВЦЕВА

Сүөһүттэн бородууксуйаны ылыыны элбэтии биир төрүт усулуобуйатынан ынаҕы буоһатыы буолар. Биһиги оройуоммутугар ынаҕы искусственнай сиэмэлээһиҥҥэ бастакы бачыымы көтөхпүт биллиилээх ыанньыксыт П.О. Дмитриеваттан уонна оройуон рекордсменыттан П.Н. Титоваттан үлэ эстафетатын ылбыт Карл Маркс аатынан сопхуос техник-осеменатора Акулина Сивцева онус пятилетка төрдүс сылыгар сыһыарыллыбыт 279 ынаҕыттан 244-дүн ууланнаран оройуон чөмпүйүөнүн үрдүк аатын иккис төгүлүн ылбыта.

Коммунистическай үлэ удаарынньыга Акулина Алексеевна ити көрдөрүүтэ – 1978 сыллааҕы курдук ыарахан кыстыкка балачча үчүгэй ситиһии этэ. Кини эрдэттэн Мугудай отделениетын Лыбынтах ферматыгар искусственнай пууну үлэлэппитэ. Кэмчи аһылыкк турар ынахтан көҕүйэн биэрбэттэрин үрдүнэн битэмииннээх укуоллары бириэмэтигэр биэрэн, моционнаан, сиэмэлээһини былааннаахтык ыыппыта.

Аналлаах үөрэхтээх техник-осеменатор 1979 сылга да, куолутунан, пуунун кичэллээхтик тэрийбитэ. Кини бэйэтигэр сыһыарыллыбыт 250 ынаҕыттан сыл бастакы икки ыйыгар 45-һин сиэмэлээбитэ.

ИВАН ГАВРИЛЬЕВИЧ КОНДРАТЬЕВ

Кэнники сылларга Чурапчы оройуонун күөллэригэр андаатар балачча үөскээн барбыта. Ону сатабыллаахтык бултуур дьоннортон биирдэстэринэн Эрилик Эристиин аатынан сопхуос Хайахсыттааҕы отделениетын кадровай булчута Иван Гаврильевич Кондратьев буолара. Кини өлгөмнүк бултуйуутун биир кистэлэҥэ – учаастагар киирэр күөллэргэ кылааннаах түүлээх үөскээһинин куруутун көрө, үөрэтэ сылдьыыта, бултуур маршрутун эрдэттэн оҥостунуутугар сытара.

Социалистическай куоталаһыы кыайыылааҕа Иван Кондратьев пятилетка төрдүс сылыгар 2865 солкуобайдаах “сымнаҕас кыһыл көмүһү” судаарыстыбаҕа туттаран, былаанын 337 бырыһыан толорбута. Итинэн кини пятилеткатааҕы сорудаҕын ырааҕынан куоһарбыта.

Ол эрээри сорсуннаах сонордьут аҥардас андаатардаан эрэ итиччэ бөдөҥ сууммалааҕы Ийэ дойду валютнай пуондатыгар киллэрдэ диир сыыһа этэ. Кини аар-тайҕатыттан кырынааһы, тииҥи, куобаҕы о.д.а өлгөмнүк бултуура.

Чөмпүйүөн булчут ситиһиитин өссө чиҥэтэргэ, В.И. Ленин төрөөбүтэ 110 сыла туолуутун көрсө 1980 сылга түүлээҕи соҕотуопкалааһын сорудаҕын 120 бырыһыан толорорго үрдэтиллибит эбэһээтэлистибэни ылынан дьулуурдаахтык сонордоспута.

АЛЕКСАНДРА НИКОЛАЕВНА ХОЮТАНОВА

Коммунистическай үлэ кэлэктиибэ – Субуруускай аатынан сопхуос Хатылытааҕы отделениетын кырымахтаах хара саһылы иитэр фермата онус пятилетка төрдүс сылыгар Ийэ дойду валютнай пуондатыгар 37.127 солкуобай “сымнаҕас кыһыл көмүһү” киллэрэн былаанын 9127 солкуобайынан куоһарбыта.

Бу кэлэктиип биир бастыҥ үлэһитэ Александра Хоютанова 1979 сылга 38 ийэ саһылтан хас биирдиититтэн ортотунан 3,7 төрүөҕү тыыннаах иитэн оройуоҥҥа бастаабыта. Итинник үрдүк көрдөрүүнү уопуттаах кыыл иитээччи аһылык роционун күннэтэ байытан, уларытан кыыллары кичэллээхтик көрөн-харайан ситиспитэ.

Александра Николаевна улахан болҕомтотун племенной кыылы бонитировкалааһыҥҥа, сүүмэрдээһиҥҥэ уурара. Тирии хаачыстыбатын тупсарыыга 1978 сылга эмиэ утумнаахтык үлэлээбитэ. Ол да иһин кинини судаарыстыбаҕа туттарбыт хас биирдии тириитэ ортотунан 115 солкуобайга турара.

Социалистическай куоталаһыы кыайыылааҕа Александра Николаевна Хоютанова ити да кэмнэргэ ийэ саһыллары саптарыыны кичэллээхтик ыыта сылдьара. Кини, бииргэ үлэлиир дьүөгэлэрин курдук, пятилетка түмүктээһиннээх сылыгар ийэ саһыл ахсыттан 4,2 оҕону ыларга, хас биирдии тириини 117 солкуобайтан итэҕэһэ суохха туттарарга соруктанан дьулуурдаахтык үлэлиирэ.

ВАСИЛИЙ НИКОЛАЕВИЧ БРЫЗГАЕВ

Кини —  сатабылы, дьулууру, уопуту эрэйэр сылгыһыт уустук идэтин бары мындырдарын дьиҥнээхтик баһылаабыт киһи этэ.

1957 сыллаахха орто оскуоланы бүтэриэҕиттэн ыҥыырын үрдүттэн түспэккэ сыспай сиэллээҕи иитиигэ күүһүн харыстаабакка үлэлээбитэ. Ол да иһин Василий Николаевич 1978 сылга Субуруускай аатынан сопхуос Соловьевтааҕы отделениетыгар 92 биэттэн 66 кулуну ылан оройуоҥҥа бастыҥ көрдөрүүлэммитэ.

Чөмпүйүөн сылгыһыт 1979 сылга сыһыарыллыбыт улахан сылгытын 99,1 бырыһыан тыыннаах ииппитэ. Онон ити дьыл кыстыгар сылгыһыттар социалистическай куоталаһыыларыгар бастаан “Юпитер” матасыыкыл пуондатынан бириэмийэлэммитэ.

Чулуу сылгыһыт салгыы 116 улахан сылгыны туппута, онтон 92-тэ биэ этэ. Кини пятилетка түмүктээһиннээх сылыгар кулун деловой тахсыытын 72 бырыһыаҥҥа тиэрдэр соруктаммыта.

Василий Брызгаев улахан болҕомтотун атыырдар көҕүйэр кэмнэрин таба туһаныыга уурара, кытыттар биэҕэ тахсыыларыгар эмиэ былааннаахтык үлэлиирэ. Ол да иһин биэлэр эрдэ төрүүллэрэ, онон кулуннар сайыҥҥы күөхтэн лаппа уойан кыһыҥҥы тымныыны үчүгэйдик тулуйаллара.

Василий Николаевич Брызгаев сылгыларыгар эбии аһылыкка күөл былыыгын тиһигин быспакка сиэтэрэ. Ол – атыттарга, ордук эдэрдэргэ үтүө холобурунан буолбута.

Сэмэн Жендринскэй