ФИЛИПП ДАНИЛОВИЧ КРОННИКОВ ЗВЕНОТА
“Бэрт өрдөөҕүттэн сылгы иитиитинэн дьарыктанар мырылалар 1978 сыллаахха хаһан да ситиспэтэх үрдүк көрдөрүүлэммиттэрэ: 100 ийэ биэ ахсыттан 57,6 кулуну ылбыттара. Кинилэр ити ситиһиилэрин кистэлэҥнэриттэн биирдэстэринэн ити дьыл звено сылгыга күөл былыыгын хостоон эбии аһылыкка сиэтиитэ буолбута. 1979 сылга даҕаны Филипп Кронников салайар сылгыһыттара сэтинньиттэн ыла сапрофелы маассабайдык туһаналлар. Ол төһө көдьүүстээҕин аны күһүн хонтуруолунай көрүүгэ, аһатыыга туруорар үөрдэрэ көрдөрүөхтэрэ”, — диэн чөмпүйүөн звено туһунан учуонай-зоотехник А.К. Малышев кэпсээн турардаах.
“Бочуот Знага” уордьаннаах хомуньуус Филипп Данилович Кронников звенота 1978 сылга 541 биэтиттэн 310 кулуну ылан оройуоҥҥа бастыҥ көрдөрүүлэммитэ.
Оттон 1979 сылга Субуруускай аатынан сопхуос Соловьевтааҕы отделениетын бу звенота 842 сылгыны, ол иһигэр 541 биэни иитэн туруорбута. Ону алтыа буолан көрөллөрө. Хас сырыы аайы звено саҥа төрүөҕү энчирэппэккэ иитэр туһугар күүскэ бэлэмнэнэрэ.
Бастыҥ сылгыһыттар онус пятилетка түмүктээһиннээх сылыгар бэлиэтэммит кирбиилэр өссө үрдүк: хас 100 ийэ биэ баһыттан 72 кулуну ыларга соруктаммыттара. Ону ылар туһугар Кронниковтаах сылгыларын үчүгэй хаһыылаах түөлбэлэргэ кытаанах маршрут быһыытынан хастараллара, ырыганнаабыт өттүлэрин эбии аһатыыга киллэрэллэрэ.
МАРФА ИВАНОВНА НОВГОРОДОВА ЗВЕНОТА
Хотоннор эргэрэннэр 1978 сыл кыһыныгар Үрэх Күөрэ сүөсүһүттэрэ улаханнык эрэйдэммиттэрэ. Борооску турар илиҥҥи хотонугар күн ахсын носуоһунан оборторон, ардыгар илиинэн баһан үтүмэн үгүс ууну таһаарбыттара. Сииктээх, инчэҕэй сиргэ турар борооскулары этэҥҥэ сыл таһаарыы, онно эбии төлөһүтүү элбэх күчүмэҕэйдэрдээх буолбута.
Ол эрээри уопуттаах Марфа Новгородова старшайдыыр “Алгыс” звенота ити ыарахаттартан толлон турбатаҕа.
Сүөсүһүттэр 1978-1979 сыллар га кыстыкка кинилэргэ сыһыарыллыбыт 164 борооскуларын 99,4 бырыһыан тыыннаах иитэн хас биирдиилэрин ортотунан 105-тии киилэ төлөһүтэри ситиспиттэрэ. Ити иһин үс киһилээх дьоҕус кэлэктиип борооску көрүүтүгэр оройуон чөмпүйүөн звенотын аатын ылбыта.
Чөмпүйүөн звено старшайа Марфа Ивановна бэйэтэ көрөр-харайар борооскуларын сууккатааҕы орто эбиллиилэрин кыстык устата 457 грамҥа тиэрдэн хас биирдиилэрин 109,6 киилэ улаатыннартаабыта. Оттон эдэр сүөсүһүт Василий Петров борооскулара 129,5 киилэ төлөһүйбүттэрэ.
1979 сылга чөмпүйүн звено 133 борооскуну кыстатан туруорбута. Ону эмиэ үһүө буолан көрөллөрө. Кинилэр ити дьыл биэс ыйын түмүгүнэн хас биирдии борооскуларын ортотунан 56,4 киилэр төлөһүппүттэрэ. Ол иһигэр М.Д. Илларионова 40 борооскутун ортотунан 70-нуу киилэҕэ төлөһүтэн ордук үчүгэй көрдөрүүлээх испитэ.
ФЕВРАЛИДА ФЕДОТОВНА ВИНОКУРОВА ЗВЕНОТА
Дьокуускайга аналлаах куурустары бүтэрбит Февралида Федотовна 1976 сыллаахха Карл Маркс аатынан сопхуос Бахсытааҕы отделениетыгар кырымахтаах хара саһыл ферматыгар зверовод-зоотехнигынан анаммыта.
Онтон ыла бу кэлэктиип үлэтэ-хамнаһа тупсар аатыгар барбыта. Ферма түөрт кыылы иитээччитэ онус пятилетка үһүс, удаарынай сылыгар ийэ саһыл ахсыттан ортотунан 4,1 оҕону ылан үчүгэй көрдөрүүлэммитэ. Оттон эдэр үлэһит В. Абрамова оройуон чөмпүйүөн кыылы иитээччитин үрдүк аатын ылар чиэстэммитэ.
1979 сылга Февралида Винокурова салайар кэлэктиибэ 96 ийэ саһылтан хас биирдиититтэн ортотунан 3,3 оҕону тыыннаах иитэн оройуоҥҥа бастыҥ көрдөрүүлэммитэ, Субуруускай аатынан сопхуос М.А. Иванов старшайдаах саһылы иитээччилэрин кэннигэр хаалларбыта.
Чөмпүйүөн ферма кэлэктиибэ 1979 сылга 120 саһылы иитэн туруорбута, онтон 90-та ийэ кыыл этэ. Ити кэмнэргэ Фералида Федотовналаах саптарыы эппиэттээх хампаанньатын тэрээһиннээхтик саҕалаабыттара, саҥа төрүөҕү толору бэлдэмнээх көрсөргө уонна энчирэппэккэ иитэргэ соруктанан үлэлээбиттэрэ.
Бахсылар аһылык рациона толору иҥэмтилээх буоларыгар улахан болҕомтолорун уураллара. Кинилэр күннээҕи нуормаҕа эти, ас тобоҕун, ардыгар үрүҥ аһы даҕаны үчүгэйдик бэлэмнээн сиэтэллэрэ.
Кыылы иитээччилэр пятилетка түмүктээһиннээх сылыгар ситиһиилэрин өссө чиҥэтэргэ кыһаналлара.
Сэмэн Жендринскэй