Оройуон 1979 сыллааҕы рекордсменнара – II чааһа (Үлэнэн дьолломмут Чурапчы: Хаалыылааҕа суох үлэлиэххэ!)

НИКОЛАЙ ПАВЛОВИЧ ТАРАСОВ

Оройуон сопхуостарыгар биһиги Ийэ дойдубут элбэх национальностарын бэрэстэбиитэллэрэ үлэлээн ааспыттара. Кинилэр производство араас салааларыгар бэйэлэрин кылааттарын киллэрсибиттэрэ.

Карл Маркс аатынан сопхуос Мугудайдааҕы отделениетыгар Рязанскай уобаластан кэлэн олохсуйбут Николай Тарасов 1978 сыллаахха “ММЗ-554” массыынанан үлэ үрдүк оҥорумтуотун ситиспитэ: сыл устата 227 үлэ күнүн оҥорон 50 тыһыынча туонна биэрэстэ былааннааҕын 217.850 туонна биэрэстэнэн толорон оройуон чөмпүйүөнүн аалай лиэнтэтин кэппитэ.

Саҥа чөмпүйүөн ити көрдөрүүтэ рекордсмен-суоппар Валерий Барашков 1978 сылга итинник мааркалаах массыынанан толорбут үлэтинээҕэр 16235 туонна биэрэстэнэн ордуга. Оттон оройуон рекорда 255.727 туонна биэрэстэҕэ тиийэн турбута.

Николай Тарасов ити ситиһиитэ идэтин бары мындырдарын толору баһылаабытынан, үлэҕэ үтүө сыһыанынан, дьулуурунан быһаарыллара. Кини тимир көлөтүн куруутун көрө-истэ, өрөмүөннүү сылдьара. Ол да иһин өр сылларга тохтоло суох сүүрбүт массыыната хаһан даҕаны саахалланнан турбата, ыраах рейстэргэ кыһыннары-сайыннары тохтообокко сылдьара.

АФАНАСИЙ АФАНАСЬЕВИЧ СЕДАЛИЩЕВ

“Кини биһиги төһүү үлэһиппит, сайынын от хомууругар кэлим механизациялаах звенону салайар, ааспыт сезоҥҥа 6 тыһыынча туонна кэриҥэ оту туттарбыттара, быйыл кыһын оттук мас таһыытыгар “МТЗ-82” тыраахтырынан үлэлии сылдьар. Бастык мехнизатор, үгэс курдук, ханнык да үлэҕэ сарсыарда эрдэлээн, киэһэ хойутаан дьулуурдаахтык сылдьарын сөбүлүүр. Холобур, бу бүгүн сарсыарда 9 чаас саҕана үс көстөөх сиртэн бастакы кырыныытын оҥоро оҕуста. Дьэ итинник киһи Афанасий Афанасьевич”, — диэн оччотооҕуга отделение управляющайа Ф.Р. Софронов кэпсээн турардаах.

Карл Маркс аатынан сопхуос Одьулууннааҕы отделениетын “Бочуот Знага” уордьаннаах тырахтарыыһа 1978 сылга 1856,2 эталоннай гектардаах үлэни толорон оройуон чөмпүйүөнүн аалай лиэнтэтин кэппитэ. Кини ол ааспыт сылыгар былааннаах сорудаҕын 400-нэн куоһаран 2000 эталоннай гектары оҥорорго социалистическай эбэһээтэлистибэтин ылыммыта. Ол кирбиитин 150,6 эталоннай гектарынан куоһаран оройуон чөмпүйүөн тырахтарыыһын үрдүк аатын иккис төгүлүн ылары ситиспитэ.

Чөмпүйүөн механизатор, куолутунан, үүммүт дьылы үлэҕэ үрдүк ситиһиилэрдээх саҕалаабыта, итиэннэ ити дьыл икки ыйдаах сорудаҕын 120 бырыһыан толорбута.

НИКОЛАЙ НИКОЛАЕВИЧ ШЕЛОМОВ

1966 сыллаахха Төҥүлү орто оскуолатын бүтэрээт салгыы үөрэнэн суоппар идэтин ылбыта. Онтон ыла харыс сири халбарыйбакка төрөөбүт-үөскээбит Бахсытыгар суоппарынан үлэлээбитэ.

Николай Шеломов ити сыл “ГАЗ-53” массыынатынан 80 тыһ. туонна биэрэстэлээх үлэни толорорго үрдэтиллибит эбэһээтэлистибэни ылыммыта. Ити былааннаах сорудаҕыттан 10 тыһ. туонна биэрэстэнэн ордук. Эдэр суоппар ити кирбиини ыларыгар саарбахтаабатахтара. Ол эрэллэрин кини 1978 сыллаахха 274 күн үлэлээн 98114 туонна биэрэстэни оҥорбута бигэргэммитэ.

Оройуон чөмпүйүөн суоппара ити дьыл кыстык кылгас күннээх, тымныы ыйдарыгар – тохсунньуга, олунньуга ыраах Амматтан, Орджоникидзевскай оройуонтан Бахсы фермаларыгар күнүн-түүнүн аахсыбакка от таһыытыгар дьулурдаахтык сырыппыта, ити кэмнээҕи сорудаҕын 30 бырыһыан куоһарбыта, быыбардары көрсө ылыммыт социалистическай эбэһээтэлистибэтин чиэстээхтик толорбута.

Ити сыл уопуттаах биир идэлээхтэрэ Е.А. Ноговицынтан, В.Д. Барашковтан үлэ эстафетатын ылбыт эдэр суоппар сопхуоһун саамай ыраах, эпиэттээх рейстэригэр сылдьыбыта, суол алдьаныар диэри биир да күн тохтоон туран хаалбакка дьүккүөрдээхтик үлэлээбитэ.

АФАНАСИЙ АФАНАСЬЕВИЧ СОКОЛЬНИКОВ

Ханна баҕарар урукку сылларга ферма биир тутаах үлэһитинэн уу таһар массыына суоппара буолара. Кормозапарник, автопоилка тиһигин быспакка үлэлээһинэ киниттэн тутулуктааҕа. Ол иһин бу эппиэттээх учаастакка тарбахха баттанар эрэллээх киһи ананара. Хадаарга биир оннук киһинэн Афанасий Сокольниковы аахпыттара.

Кини көдьүүс уонна хаачыстыба пятилеткатын төрдүс сылыгар “ЫБСЛКС 50 СЫЛА”, “ЫБСЛКС 60 СЫЛА”, Бэрэ, Самнаҕайдаах фермаларыгар уу таһыытыгар 35046 туонна биэрэстэлээх үлэни толорон оройуон чөмпүйүөн суоппарын аатын ылар чиэстэммитэ. Афанасий Афанасьевич ити көрдөрүүнү барыта 273 күн үлэлээн ситиспитэ.

Коммунистическай үлэ удаарынньыга ити дьыллааҕы кыстыкка даҕаны фермалары уунан хааччыйыыга үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ. Киниэхэ сыл устата 30 тыһ. туонна биэрэстэлээх үлэни толороругар былаан тиэрдиллибитэ. Ону болдьоҕун иннинэ аһарар туһугар В.И. Ленин төрөөбүтэ 110 сыла туолуутун көрсө 12 тыһ. туонна биэрэстэлээх үлэни оҥорорго соруктанан үлэлээбитэ.

Түмүктээһиннээх сыл бастакы ыйдарыгар чөмпүйүөн суоппар көрдөрүүлэрэ куһаҕана суохтара. Кини былааннаах сорудаҕын ырааҕынан аһары толорон социалистическай куоталаһыы инники күөнүгэр тахсыбыта.

 

Сэмэн Жендринскэй