Ааспыт үйэ 50-с сылларыттан улууспут салалтатыгар 49 сыл устата араас салайар үлэлэргэ олус таһаарыылаахтык үлэлээбит СӨ тыа хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, “Слава” уордьан кавалера, СӨ Бэрэсидьиэнин “Барҕарыы” пуонда лауреата, Чурапчы улууһун уонна СӨ Бочуоттаах гражданина Алексей Алексеевич Шадрин быйыл олунньу 13 күнүгэр төрөөбүтэ 95 сыла туолла.
Алексей Алексеевич Шадрин биһиги дьиэ кэргэҥҥэ үлэһит дьон буолуубутугар элбэҕи сүбэлээбит, өйөөбүт ытык салайааччыбыт буолар. 1978 сыллаахха утуу-субуу «Сельхозтиэхиньикэҕэ” үлэҕэ киириибитигэр миэхэ этэн турар: “Кэргэниҥ – суоппар, онон эйигин сапчаас отделыгар старшай бухгалтерынан ылабын” – диэбитэ. Бастаан көрүүбэр тыйыс, кытаанах баҕайы майгылаах дии санаабытым. Сыыйа бииргэ үлэлээн, киһи гиэнэ кэрэмэһэ буоларын өйдөөбүтүм. Үлэҕэ киирээппитин кытта Алексей Алексеевиһы оройуоҥҥа үлэҕэ ылаллар. Бэйэтин оннугар мастарыскыай сэбиэдиссэйинэн Егор Борисовы хаалларар. Онтон сотору буолаат, аны Егор Афанасьевиһы оройуоҥҥа РАПО-ҕа үлэҕэ ылаллар. Ол кэмҥэ профсойууска үлэлэһэ сылдьан оробуочайдарбытын кытары сүбэлэһэн, Алексей Алексеевич төттөрү кэлэрин туруорсубуппут. Ол курдук, үлэ бөҕөнү ыыппыт тэрилтэтигэр төннөн кэлэн, тигинэччи үлэлээбитинэн барар. Тэрилтэҕэ кинини кытары тоҕус сыл бииргэ үлэлээбит киһитинээн Василий Поповтуун сөҥнөһөн, өр үлэлээбит уопуттаах үлэһиттэрин С.П. Павловы – МЖФ-га, И.И. Ермолаевы — ГСМ-ҥа, Е.Д. Феофановы – саҥаны олохтооһуҥҥа инженеринэн үлэлэппитэ. Уонна сыыйа саҥа үөрэхтэрин бүтэрбит инженердэри үлэҕэ ылаттаабыта. Кини эрдэ үлэлиэҕиттэн үлэһиттэрин дьиэнэн хааччыйан, 12 кыбартыыралаах үс мас варианынан уонна 16 кыбартыыралаах икки таас варианынан дьиэлэри туттарбыта элбэҕи этэр. Ону таһынан оройуоҥҥа барыан иннинэ хонтуора таһыгар икки этээстээх 12 кыбартыыралаах мас дьиэни эдэр суоппардарга анаабыта. Бу дьиэҕэ биһиги эмиэ тиксэн, ыал буолбуппут тохсус сылыгар бэйэбит дьиэлэнэн үөрүү бөҕөтө буолбуппут.
Алексей Алексеевич планеркаҕа аны подсобнай хаһаайыстыба тэриннэхпитинэ табыллар диэн, 100 ыанар ынаҕы, 50 убаһаны Одьулуунтан, Төлөйтөн ылан, Садьыма алааска хаһаайыстыба тэриммиппит. Ол кэмҥэ, тэрилтэбит 350-ча үлэһиттээх буолан, миигин улууска бастакынан босхоломмут профком бэрэссэдээтэлинэн аныыллар. Тыа хаһаайыстыбатын управлениетын начаалынньыга Егор Васильев үлэлиир кэмигэр. Онон толору хааччыллыылаах, механизированнай хотоммутун көрөөрү, онно үлэһиттэр олорор блок дьиэлэрэ тутуллубута. Саҥа таас дьыссаат, спорт саалата баар буолбута. Өрөспүүбүлүкэ илин эҥээр улуустарын сэминээрдэрэ, тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикэлэрин күрэхтэһиилэрэ, өрөспүүбүлүкэ таһымнаах күрэхтэһиилэр ыытыллаллара. Образцовай тэрилтэ буолан, элбэх тэрээһиннэри,түмсүүлэри тэрийэрбит. Үлэһиттэр санаалара олус кэлбитэ. Элбэх ыал бары уопсай дьиэлэргэ олороро, оҕолорун тэрилтэ бэйэтин дьыссаатыгар сырытыннараллара. Ол иһин, усулуобуйа баар буолан үлэ да таһаарыылаах этэ. Боростуой оробуочай дьоҥҥо биһиги салайааччыларбыт Алексей Алексеевич, Егор Афанасьевич элбэҕи оҥорбуттара. Мин биир бэйэм маннык үтүөкэннээх салайааччылары кытары өр кэмҥэ алтыһан олоҕу көрүүм кэҥээбитэ. Күн бүгүн ытыгылыыр салайааччыбыт Алексей Алексеевич, орто дойдуга суоҕун да иһин, төрөөбүтэ 95 сылыгар сөп түбэһиннэрэн, истиҥник ахтан-санаан ааһабыт. Аймах-билэ дьонугар, кыыһыгар, сиэннэригэр барҕа махталбытын тиэрдэбит. Үтүө киһи аата үйэ-саас тухары ахтылла турдун.
Мария Попова.