Одьулууннар муоста өрөмүөнүн, суол оҥоһуутун туруорсаллар

“Ууга барбыппыт кэнниттэн нэһилиэкпитигэр түөрт муоста тутуллубута. Биһиги Таатта үрэҕин арыытыгар олорор буолан, тула өттүбүт үрэх. Сааскы үлэҕэ тахсарбытыгар бу муосталар кыараҕас буолан, тиэхиньикэлэрбит баппаттар, эрэй бөҕөнү көрсөбүт. Чурапчыга барар муостабыт аварийнай туруктаах, сиҥнэн түһэ турар. Маҥан Кэрэххэ барар муостабыт наасыба синньигэһэ, үрдүгэ сүрдээх, ардахха уйуктаах тиийдэххэ, түҥнэстиэххэ сөп”, — диэн туран, Николай Константинов муосталарга капитальнай өрөмүөнү туруорсар.

Анатолий Ефремов: “Үрэхпитин дириҥэтэргэ, толорорго үлэ барыан наада. Ойбоммут дириҥэ 30 см.  Онон номнуо үһүс ойбоммутугар көстүбүт. Урут биһиги түөлбэҕэ 20-чэ ыал хотонноох буоллахпытына, билигин 3 хотонноох ыал хаалла. Ол 3 да ыал кыстыгы сатаан туораабат кыахтаахпыт. Үрэхпит туоллаҕына, сайынын уубут ситимэ да быстыбакка үлэлиэ этэ”, — диэн эттэ.

Чурапчы-Хоптоҕо икки ардынааҕы суол оҥоһуутун, Чурапчы-Мугудай икки ардыгар асфальт хаһан өрөмүөннэнэрин, эдэр ыччаты тыа сиригэр олохсутарга туох үлэ барарын,  улууска олорор дьон орто сааһа төһөтүн, Үрэх Күөрэҕэ хочуолунай хаһан тутулларын, о.д.а ыйыттылар.

Отчуокка кэлбит 99 киһи бары улуус ыытар үлэтин сөптөөҕүнэн сыаналаатылар.

Елена Макаринская