“Өр сыллар усталарыгар куоракка олорон баран, тыаҕа тахсан олохсуйбут киһиэхэ, маҥнай сылгыны көрүү арыый уустуктардаах этэ. Онтон ити кыра уолбут төрүөҕүттэн кыылга-сүөлгэ чугаһа, чуолаан сылгыны көрүүгэ-истиигэ дьоҕурдааҕа киһини улаханнык сөхтөрөр”, — диэн бүгүҥҥү дьоруойбут аҕата Алексей Николаевич сэһэргиир.
Коля Кардашевскай — Одьулуун орто оскуолатын 5 кылааһын үөрэнээччитэ, тыа оҕотун сиэринэн дьиэ ис-тас үлэтигэр барытыгар сыстаҕас. Ол эрэн кини атын үөрэнээччилэртэн биир уратылаах. Ийэтэ Евдокия Валерьевна Коля өссө кыра сылдьан “мин сылгыланыахпын баҕарабын, таҥараттан ат көрдөстүм”, — диэбитин күлэ-үөрэ ахтар. Кулунчук номнуо улаатан, билигин тыйга кубулуйан, уол оҕо күннээҕи олоҕор мэҥэстэр арахсыспат доҕоро.
“Аппын 4-с кылаастан саҕалаан миинэн сылдьабын. Булан ылбыппыт, тулаайах этэ, далга киллэрбиппит, үчүгэйдик аһаппыппыт онтон улааппытын кэнниттэн миинэр буолбутум, маҥнай маҕаһыыҥҥа эҥин баран кэлээччим. Аппын былыргы атыырбыт аатынан Харатай диэн ааттаабыппыт, күүстээх, улахан атыыр буоллун диэн. Аппынан оскуолаҕа тиийдэхпинэ соһуйааччылар, “маладьыас”, “итинник сырыт” диэччилэр. Бэйэм улааттахпына сылгыһыт буолуохпун уонна сиргэ-уокка сылдьан бултуохпун баҕарабын. Аҕабын кытары элбэхтэ булка сылдьабыт. Үксүн саас-күһүн куска барабыт, ардыгар андылааччыбыт, үүтээҥҥэ хонобут. Кылааһым уолаттарыттан аттаах уол суох, мииммэттэр. Харатай билигин кыратын иһин ыҥыырдаабаппын. Бурдугунан уонна отунан сарсыарда-киэһэ аһатабын. Дьиэ таһыттан сайын ыраата сылдьыбыта. Үөрэхпэр ортобун, икки үстээхпин. Хорошист буоларга дьулуһабын. ”, — диэн Коля сэмэйдик кэпсиир.
Кардашевскайдар дьиэ кэргэн бэйэлэрэ биэс оҕолоохтор. Коля эдьиийинээн игирэлэр, биир мүнүүтэнэн хойутаан төрөөн, ыалга кыра уолунан биллэр. Алаһа дьиэ мааны хотуна Евдокия Валерьевна олохтоох балыыһаҕа мэдиссиинэ үлэһитэ, оттон ыал Аҕа баһылыга Алексей Николаевич Чурапчытааҕы аграрнай-техническэй кэллиэс комендана.
“Уолбун кыра эрдэҕиттэн муҥхаҕа, булка, дьиэ ис-тас үлэтигэр барытыгар өрүү бииргэ илдьэ сылдьабын. Бэйэтэ булка, сылгы иитиитигэр наһаа баҕалаах. Кып-кыра тулаайах кулунчугу булан баран, маҥнай “хайдах даҕаны тыыннаах хаалыа суох” диэн санаабыппыт. Онно бэйэтигэр кытаанахтык “аҕаҥ көрбөт, бэйэҥ көрөр эрэ буоллаххына” диэммин эппиппэр, “сөп, бэйэм көрүөм” диэн ылсан дьэ, ити улаатыннарда, балыгы, тугу барытын сиир. Кыһын тымныыга кулунун суорҕанынан бүрүйэн, быанан баайан хаххалыыр этэ. Куска, андыга, балыкка наар сылдьыһар. Уол оҕо сиргэ-уокка, эр киһини кытары сырыттаҕына эрэ онно-манна үөрэнэр, билэр. Кэнники бэйэтин олоҕор улахан туһалаах буолуо диэн кыра эрдэҕиттэн илдьэ сылдьабын. Онон бэйэтэ тыйы иитэн таһаарда, маладьыас”, — диэн Алексей Николаевич иитии туһунан ыйытыкка хоруйдуур.
“Ийэ буоларым быһыытынан маҥнай буойсан көрбүтүм. Тымныйан ыалдьан хаалыа, хаппырыыстыа эҥин диэн саныырым. Бэйэтэ сылдьарга наһаа баҕалаах, ону билэн, кэлин бопсубат буолбутум. Астынан аҕай кэлэр – ону көрөр олус үчүгэй. Дьиэ үлэтигэр барытыгар көмөлөһөр”, — диир Коля күн күбэй ийэтэ Евдокия Кардашевская.
Одьулуун нэһилиэгин кырдьаҕас сылгыһыттара бу Коля курдук уол улаатан эрэрин сырыы аайы астына көрөллөр, “билигин эдэрдэртэн сылгыһыт суоҕун кэриэтэ, бэйэбит кэннибититтэн биһигини утумнуо этэ буоллаҕа” диэн Коляҕа алгыстарын этэллэр.
Дьэ, ити курдук Кардашевскайдар дьиэ кэргэни кытары бэртээхэй кэпсэтии таҕыста. Кинилэргэ үтүөнү, сырдыгы баҕара хаалыаҕыҥ.
Сэмэн Жендринскэй. Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ.
Видео Наталья Сибирякова