Чурапчыга ох саанан ытыы көрүҥэ спорт быһыытынан сайдыбыта 60 сыла буолла.
Ох саа көрүҥэ 1964 с. биһиги Чурапчыбытыгар өрөспүүбүлүкэҕэ бастакынан тэриллибитэ. Ол кэмнэргэ үтүөкэннээх энтузиаст дьонноох буолан, ырааҕы өтө көрөн, оройуоммутугар спорт бу көрүҥэ баар буоларын таба өйдөөн үлэни саҕалыыллар.
Спорт кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ А.К. Софронов саҥа үлэлээн эрэр кэмнэрэ этилэр. Кини Чурапчыга тутуу учаастагар үлэлии кэлбит Стасов Павел Михайловиһы ыҥыран, кини сөбүлэҥин ылан, уопсастыбаннай тириэньэр буоларыгар сөҥнөһөн, үлэ саҕаланар. Өрөспүүбүлүкэҕэ кэлбит 14 устуука немецкэй ох барыта Чурапчыга кэлэр. Павел Михайлович ыччаты түмэн, сиэксийэтин саҕалаан барар. Аан бастаан дьарыктаммыт оҕолоруттан 1965 с. Чита куоракка Саха сирин оҕолоро, ыччаттара Сибиир уонна Хотугу Илин күрэхтэһиитигэр 3-с бочуоттаах миэстэни ылан кэлэллэр. Ол күрэхтэһиигэ I-с истиэпэннээх разряд нуорматын Евдокия Сивцева, Артур Попов толороллор. Дьэ, бу күрэхтэһииттэн саҕалаан, Саха сирин хамаандатыгар ситиһиилэр кэлэн иһэллэр. 1967 с. Павел Стасов сахалартан бастакынан ССРС спордун маастарын, оттон кини иитиллээччитэ Илья Васильев спорт маастарыгар хандьыдаат нуорматын толороллор. Бастакы өрөгөй кыайыынан 1968 с. Улан Үдэ куоракка Арассыыйа юниордарга күрэҕэр Саха сирин хамаандата Бурятия, Чита курдук күүстээх охчуттардаах хамаандалары кэннигэр хаалларан, бастакы миэстэни ылаллар. Кыргыттарга: Шура Христофорова, Маша Дьячковская, Ира Васильева, Света Фа-инфо оттон уолаттарга Коля Оконешников, Дима Ноговицын, Миша Филатов, Гриша Смирников бары Чурапчы орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ ситиһиилээхтик кытталлар.
Дьэ, бу кэнниттэн атын улуустар ох спордун сэҥээрэн, Уус Алдаҥҥа, Үөһээ Бүлүүгэ, Ленскэйгэ, Майаҕа сиэксийэлэр аһыллаллар.
Манчаары оонньууларын бастакы күрэхтэһиитэ Майаҕа буолар. Онно дьахталларга Ульяна Сидорова — Морфунова, эр дьоҥҥо Павел Стасов, кыргыттарга Шура Христофорова, уолаттарга Коля Оконешников чемпион үрдүк аатын ылаллар. Хамаанданан Чурапчы I-кы миэстэни ылар.
Бу күрэхтэһиилэр кэннилэриттэн Сибиир уонна Уһук Илин күрэхтэһиилэригэр, Арассыыйаҕа араас таһымнаах күрэхтэргэ, тириэньэрбит Павел Михайлович такайыытынан кыттан, Сахабыт сиригэр син балай даҕаны ситиһиилэр кэлэн испиттэрэ. 1968 с. спорт-оскуола иһинэн онно аналлаах сиэксийэ үлэлиир. Тириэньэрдэринэн Павел Стасов, Илья Васильев үлэлииллэр.
1969 с. Алушта куоракка Саха дьахталларыттан бастакынан ССРС спордун маастарыгар хандьыдаат нуорматын толоробун. Онтон дьахталлартан бастакынан Сойуус спордун маастара 1980 с. Мария Игнатьева — Алексеева толорор. Эмиэ ити сылга маастары Надежда Спиридонова толорор. Тириэньэрдэрин кэнниттэн уолаттарбыт Владимир Слепцов, Михаил Матвеев толороллор. Онтон ыла, Сахабыт сиригэр ох спорда күүскэ сайдар. 1000 охчуту биһиги тириэньэрбит иитэн таһаардаҕа, хас биирдиилэрин ситиһиитэ кини үлэтин түмүгэ буолар. Төрөппүт кыыһа Анна Стасова Арассыыйа Олимпийскай хамаандатын чилиэнинэн сылдьыбыта. 1994 с., 1995 с. Мальтаҕа буолбут 16 дойду кыттыылаах норуоттар икки ардыларынааҕы турнирга бочуоттаах II-с миэстэни ылан турар. Рим куоракка, Италияҕа Европа кубогар Арассыыйа хамаандатын састаабыгар киирсэн, Павел Михайлович Стасов бу үлэлээбит сылларыгар III-с миэстэни ылбыта. Сахабыт сиригэр 25 сойуус, Арассыыйа спордун маастардарын иитэн, үөрэтэн таһаарбыта. Кини иитиллээччилэрэ 24 төгүл Арассыыйа «Урожай», «Спартак» уопсастыбаларын чемпионунан буолбуттара. Кинилэр ортолоругар Матвеев М.Н. түөрт төгүл, Попова (Прокопьева) М.Е, Алексеева (Игнатьева) М.С., Слепцов В.Н. — үстүү төгүл, Спиридонова Н.С., Попов А.И. — иккилии төгүл, 6 төгүл Сойууска Сэбилэниилээх күүстэр чемпионнарынан, 27 төгүл Сибиир, Уһук Илин уонна 70 төгүл Саха сирин чемпионнарынан буолуталаабыттара.
Дьэ, ити курдук, 60 сыл тухары, кыратык симэлийэн да ыллар, ох көрүҥэ Сахабыт сиригэр балысханнык сайда турар. Күн бүгүн Олимпиада үрдүк чыпчаалларын дабайыыга былааннаах үлэлэр тиһиктээхтик ыытыллаллар. Ол курдук, спорт-оскуоланы бүтэрбит ыччаттарбыт Александр, Михаил Филатовтар, Михаил, Анна Стасова — Алексеевтар, охпут биир саҥатыҥы көрүҥэр үлэлэһэ сылдьар, бу соторутааҕыта «Үтүөлээх тириэньэр» аатын ылбыт, өбүгэлэрбит саҕаттан «тииҥи харахха табар» бэргэн ытааччылары иилээн-саҕалаан үлэлии сылдьар Борис Олесов оройуоммутугар ох иккис тыынын ыларыгар тириэньэрэ Павел Михайлович үлэтин салҕаан, Сергей Майоров эрчийэр оҕолоро өрөспүүбүлүкэҕэ, Арассыыйаҕа биллэн эрэллэриттэн киһи үөрэр эрэ. Уонна манна эбэн эттэххэ, Станислав Захаров дириэктэринэн үлэлиэҕиттэн, спорт оскуолабыт филиала охчуттарбытыгар дьарыктанар миэстэ анаабытын биһиги, бэтэрээннэр, астына көрдүбүт. Бу аҕыйах хонуктааҕыта 55 сыл анараа өттүгэр бииргэ 4 сыл Арассыыйа сүүмэрдэммит хамаандатыгар сылдьыбыт дьүөгэм кэлэн күндү ыалдьыт буолан, интэринээппит томторугар сылдьан, Институт (сал. Готовцев И.И.), спорт-оскуола (дир. С.А. Захаров), ох сиэксийэтин ст. тириэньэрэ С.З. Майоров уонна бүтүн өрөспүүбүлүкэ, улуус киэн туттар урукку кэмнэрин кэрэһэлии турар Д.П. Коркин аатынан мусуойга, кини иитиллээччитэ, мусуой дириэктэрэ Егор Пудов сиһилии сэһэнин истэн, институппут устуоруйатын, спорт-оскуолабыт инники былааннарын сиһилии билсэн астынныбыт. Бурятияттан Улан Үдэтээҕи судаарыстыбаннай университет профессора, педагогическай наука хандьыдаата, ССРС үтүөлээх маастара, РФ Үтүөлээх тириэньэрэ Ханда-Цырен Гомбожанова, оҕо сааһым дьүөгэтэ, күн бүгүҥҥэ диэри билсэ олорор. Кини үйэ аҥаара сыл устата ыра санаа гыммыт баҕа санаатын толорон, олус диэн астынан барда. Уонна сүрүнэ этэр: «Дэлэҕэ, бу кыра сиртэн 3 олимпиец тахсыа дуо», — диир. Чурапчыны көрөр баҕа санаата туолбутуттан: “Саха сирин оххо федерациятыгар барҕа махталбын тиэрдэбин” — диир. Ханда- Цыренныын 4 сыл Арассыыйа юниордарга сүүмэрдэммит хамаандатыгар бииргэ сылдьыбыппыт. Сайын ахсын көрсөр этибит уонна күһүн күрэхтэһиилэр кэннилэриттэн икки аҥы айанныырбыт. Ох баар буолан, Сойуус үгүс куоратын кэрийдэхпит. Бу 4 сыл алтыһыыбытыгар Арассыыйаҕа юниордарга 3-тэ бастаабытым.
Ол иһин Хандрюшам астынар аҕай этэ. Онтон кэнники сылларга киһим дьэ, көрдөрүүлэрэ бииртэн-биир үрдээн истэ.
1983 с. Сойуус сүүмэрдэммит хамаандатыгар киирэр «Дружба — 84» норуоттар икки ардыларынааҕы күрэххэ, сойуус хамаандатыгар киирсэн сөҕүмэр ситиһиилэммиттэрэ. Лос-Анджелес олимпиадатыгар кыттыбыт Кореянканы (2605 очукуону) ылан, 37 очукуону баһыйа тутан улахан ситиһиини ылар. Маннык курдук үтүөкэннээх дьүөгэбинэн олус киэн туттабын. Өрөспүүбүлүкэм оххо федерациятыгар «Азия оҕолорун» сүүмэрдэммит хамаандатыгар ыҥыран аҕалан, маастар кылаас бэрдэрэн, таарыччы, Чурапчыга аҕалан, 55 сыл ааспытын кэнниттэн Чурапчыны көрдөрөн, миэхэ күндү ыалдьыт буолан барбытыгар иккиэн даҕаны олус дьоллоннубут. Манан даҕатан, бырааттарбар Александр, Михаил Филатовтарга уонна күн бүгүҥҥэ диэри Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандатыгар старшай тириэньэрдиир спорт маастарыгар Надежда Спиридоноваҕа, Саха дьахталларыттан бастакы Сойуус спордун маастарыгар, АЛРОСА бэтэрээнигэр Мария Алексееваҕа барҕа махталбын тиэрдэбин. Маны этэн эрдэхтэрэ: «Спорт — Эйэ, Доҕордоһуу» диэн.
Ох саабыт 3 көрүҥэ Чурапчыбытыгар сайдан, чэчирээн истин. Быйылгы сыл ох спорда 60 сыллаах үбүлүөйүнэн, бука барыгытын эҕэрдэлиибин!
Мария Попова, Үлэ, спорт бэтэрээнэ.