Быйыл Саха сиригэр сэтинньи ый олус сылаас буолла. Оннооҕор кыс ортото сүүрүгүрэ сытар өрүһү Саха сирэ бүттүүнэ сөҕө — махтайа көрдө. 

Оттон норуот ытыктыыр синоптига Тускул Тэтим” араадьыйаҕа маннык күннэр ахсынньы 4 күнүгэр диэри туруохтара диэн дьону-сэргэни улаханнык соһутта. Атлантическай акыйаантан кэлбит циклон дойдуну барытын “сылытан”, аны биһиэхэ, Саха сиригэр кэлбитин бэлиэтээн туран, кини быйылгы кыһын хайдах буоларын сылыктаата.

— Өтөрүнэн кыһын кэлиэ суох курдук буолла. Ол курдук, илин эҥэр улуустарга — 45 кыраадыстаах тымныы ахсынньы 20 күнүттэн эрэ  биллиэҕэ. -50 кыраадыс тохсунньу иккис дэкээдэтигэр биллиэҕэ. Киин улуустарга -45 кыраадыс тымныы аҕыйахта бэлиэтэниэҕэ. Саамай тымныы улуустарга — Өймөкөөҥҥө уонна Дьааҥыга  ахсынньы эмиэ ичигэс. Бу улуустарга тохсунньуга биирдэ эмит — 55 кыраадыс бэлиэтэнэн ааһыаҕа. Онон тохсунньуну аһара түстэрбит эрэ, күн уһаан, сылыйыы буолуоҕа, — диэн саха араадьыйатыгар быйылгы кыһын туһунан норуот синоптига, “Хайахсыт нэһилиэгэ” тыа сирин түөлбэтин баһылыга Тарас Лукич Тарасов-Тускул кэпсээтэ.

Сэмэн ЖЕНДРИНСКЭЙ