Норуот уйгулаах олоҕун уһансыбыт тутаах тэрилтэ

Чурапчыга райпотребсойуус тэриллибитэ 105 сылын туолла. Бу бэлиэ сылы көрсө, тэрилтэм туһунан  иһирэхтик ахтан ааһыым.

 

Потребительскай кооперация диэн ис-иһигэр киирдэххэ, Арассыыйаны да ылан көрдөххө, төрдө-төбөтө, ол эбэтэр тэрилтэ буолан норуоту аһынан-үөлүнэн хааччыйыыга үлэлээбит биир саамай кырдьаҕас уопсастыба, тэрилтэ буолар.

Чопчу Саха сирин, Чурапчыны ылар буоллахха, бу уопсастыба тэриллиитин сүрүн төрүөтүнэн ас-таҥас тиийбэтэ, оччотооҕу атыыһыттар сыананы сиэрэ суох үрдэтиилэрэ, норуот революционнай өйө-санаата уһуктуута буолбута. Хамсааһын 1917 сыллаахтан саҕаламмыта. Дьокуускайга политсыылынай В. В. Приютов дьиэтигэр куораттааҕы потребительскай уопсастыбалар уопсай мунньахтара ыытыллыбыта. Барыта 60 киһи кыттыбыта, мунньаҕы кэнники учуонай-историк буолбут Г. В. Ксенофонтов салайан ыыппыта, потребительскай уопсастыбалар сыалларын-соруктарын тустарынан дакылааты К. О. Гаврильев оҥорбута.

Боотуруускай улууһугар (билиҥҥинэн Чурапчы) 1917 сыллаахха 5-с Хатылы нэһилиэгэр,  ахсынньы 15 күнүгэр улуус киинигэр Чурапчыга, 1918 сыл муус устарга Чакыр нэһилиэгэр, алтынньы 12 күнүгэр Алаҕар нэһилиэгэр потребуопсастыбалар тэриллибиттэрэ (“Холбосу 50 лет” 1969 с. кинигэттэн). Онон быйыл үлэлээн ааспыт тэрилтэм тэриллибитэ быйыл 105 сыла.

1918 сыл муус устар 10 күнүнээҕи декретинэн Сэбиэскэй былаас урукку тэриллибит потребительскай уопсастыбалары норуокка биэрбитэ уонна нэһилиэнньэни бүттүүнүн хааччыйар, аһылык бородуукталарын үллэрэр маассабай тэрилтэҕэ кубулуппута. Эргинэр тэрилтэлэри салайар, түмэр “Холбос” респотребсойуус тэриллибитэ. 1918 сыл ахсынньы 4-10 күннэригэр учредительнай сийиэс үлэлээбитэ. К. О. Гаврильев бастакы бэрэссэдээтэлинэн талыллыбыта. Онтон бэттэх бу тэрилтэҕэ олус элбэх араас

талааннаах салайааччылар үлэлээн аастылар.

Мин Чурапчытааҕы райпотребсоюзка үлэҕэ киирэрбэр бэрэсэдээтэлинэн Николай Антонович Кожуров үлэлии олороро. Үлэбин Дириҥнээҕи эргиэн тэрилтэтигэр  маҕаһыын оробуочайынан саҕалаабытым. Ол кэмҥэ Дириҥҥэ тэрилтэ  дириэктэринэн Мария Гаврильевна Охлопкова үлэлээбитэ. Тэрилтэ соҕуруу нэһилиэктэри—Чакыры, Хайахсыты, Хадаары, Хоптоҕону хааччыйара. Олус үлэһит, элбэх бастыҥ үлэһиттэрдээх тэрилтэҕэ үлэбин саҕалаабыппын, кэлин сааһыран баран, астына, киэн тутта ахтабын.

Тэрилтэ салайар аппаратыгар,  маҕаһыыҥҥа, остолобуойга, бэкээринэҕэ уопуттаах  кадрдар үлэлииллэрэ.

Кэлин бэрэссэдээтэлинэн үлэлиирбэр күүс-көмө буолбут биир идэлээхтэрбин иһирэхтик ахтан-санаан ылабын.

Сэбиэскэй былаас кэмигэр сотору-сотору араас уларыйыылар буолар этилэрэ. Онно сөп түбэһиннэрэн, оччотооҕу былаас кадрдары эмиэ уларытара. Анаммыт сиргэр, дуоһунаскар оҕону-урууну хаалларан үлэлии тиийэриҥ. Сыыйа дьоҥҥун аҕалан, олоххун булан үлэлээн истэххинэ, эмиэ уларытыы буолара. Райпотребсойууска, райпоҕа 30 сыл үлэлээбит буоллахпына, 1973 сылтан барыта 7 бэрэссэдээтэлгэ үлэлээбитим: Н. А. Кожуровы, Н. А. Семеновы, Н. И. Монастыреву, Ф. А.Тимофеевы, П. Г. Кириллины, А. Д. Кузьмины, эрдэ бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит М. Е. Софроновы кытары үлэлээбит кэмнэрбин күндүтүк саныыбын. Кэлин

10-ча сыл сирэй бэрэссэдээтэлинэн үлэлиирбэр  маннык үтүө дьонум бигэ тирэх буолбуттара.

Хатылы сельпотугар үлэлии сылдьыбыт  эдэр сааһым кэрэ кэмнэрэ өйбөр иҥэн хаалбыттар.  Сельпону сэбиэскэй-партийнай үлэһит, бары убаастыыр киһибититтэн Василий Иванович Романовтан туппутум. Ити үлэҕэ 1989 сыллаахха Петр Гаврильевич Кириллин анаабыта. Бэрт сэргэх кэлэктиип этибит. Болтоҥо, Хатылы, Одьулуун нэһилиэктэрэ, 13 №-дээх ОПТУ остолобуойа киирэллэрэ. 1990 сыллаах даннайынан Хатылы сельпотугар 10 маҕаһыын, 2 остолобуой, бэкээринэ, 3 оскуола буфета, подсобнай хаһаайыстыба киирэллэрэ. Барыта 81 үлэһиттээх этибит.

Кэлэктиип кыһыны туоруур маһын субуотунньук күүһүнэн бэлэмниирэ. Ону тэҥэ РайПО ыытар үлэтигэр көхтөөхтүк  кыттарбыт, социалистическай куоталаһыыга хас да маҕаһыыммыт кыайыылааҕынан тахсыбыта. Табаар эргиирэ туоларыгар араас өрүттээх үлэни тэрийэрбит.

Атыы-эргиэн үлэтин хааччыйыыга тутаах салаанан тырааныспар буолар. Сүрүн схема кэлин маннык буолбута: т а б а а р + ы с к ы л а а т + ө р ү с суола+тырааныспар+маҕаһыын+нэһилиэнньэ. 70-с сылларга диэри 10-ча массыына сүүрбүт буоллаҕына, мин үлэлиир кэммэр 35 араас маркалаах массыына, 7 тыраахтар үлэлииллэрэ. Итини таһынан анал массыыналар бааллара. Суоппардар нэһилиэнньэни аһынан-үөлүнэн, табаарынан хааччыйыыга түүннэри-күннэри сыралаһаллара.

Атыы-эргиэн биир сүрүн табаарынан бэйэ оҥорон таһаарар килиэбэ, халбаһыта, бирээнньигэ, уопсастыбаннай аһылык, кондитерскай оҥоһуктар буолаллара. Тэрилтэбит сөбүгэр сыанаҕа нэһилиэнньэттэн ордорунар этин-аһын, араас отону тутара, эбэтэр табаар араас көрүҥэр атастаһара. Производство күннээн сайдыбыт кэмигэр 1200 туонна килиэби, 35-40 туонна халбаһыны оҥоро сылдьыбыппыт. Оҕо тэрилтэлэрин – оскуолалары, нэһилиэнньэни итии аһылыгынан аһатан кэлбиппит.

Биир сэдэх производство көрүҥүнэн бирээнньиги астааһын буолбута. Итини оҥорор аппараты Новосибирскайтан командировкаҕа бара сылдьан биир фирманы кытта  дуогабардаһан аҕалтарбытым, ону “Юбилейнай” маҕаһыыҥҥа туруорбуппут.

Биллэрин курдук, атыы-эргиэн саамай тутаах эйгэтэ табаары батарыы буолар. Үлэ харчы + поставщик +төлөһүү + тиэйии-таһыы схеманан барара. Итини барытын  эргинэр отдел торумнуура, дьаһайара.

1973 сыллаахха райпотребсоюз райпоҕа уларыта тутуллубута. Чурапчы райпота 1978 сыллаахха өрөспүүбүлүкэ кооператордарыгар тыа сирин нэһилиэнньэтин хааччыйыыны тупсарарга, көдьүүс уонна хаачыстыба пятилеткатын үһүс ударнай сылын ситиһиилээхтик түмүктүүргэ ыҥырыы таһаарбыта уонна болдьоҕун иннинэ толорон араапардаабыта. Эбэһээтэлистибэни чиэстээхтик толорон, кэлэктиип ити сыл бастакы уонна төрдүс кыбаарталларыгар Роспотребсойуус бырыбылыанньатын көһөрүллэ сылдьар Кыһыл Знамятын, онтон үһүс кыбаарталга “Холбос” көһөрүллэ сылдьар Кыһыл Знамятын ылбыта. Эргиэн саҥа ньымалара –самообслуживание, кэрийэ сылдьан атыылааһын, фермаларга  атыыһыта суох ларектары үлэлэтии, дьаарбаҥкалары тэрийии киирбитэ.

Түмүкпэр улуус бары кооператордарын,  араас кэмнэргэ үлэлээбит  кэллиэгэлэрбин, бэтэрээннэри Чурапчыга райпотребсойуус тэриллибитэ 105 сылынан эҕэрдэлиибин! Чэгиэн доруобуйаны, дьоллоох олоҕу баҕарабын!

 

Герасим Платонов