Олунньу ыйыгар сиргэ Одун Хаан чугаһыыр. Кини чиҥ эйгэни айбыт күүс буолар. Ол иһин бу ыйга эти -сиини, буор куту бөҕөргүтүнэр үгэс урут-уруккуттан баар. Маны таһынан, олунньуну атыннык Хомуһун ыйа диэн эмиэ ааттыыллар, ол эбэтэр этэр тыл ис чиҥэ, иччитэ, күүһэ бэлиэтэнэр. Этэр тыл иччилээх, этэр күүстээх диэни билигин бука бары билэбит. Сахалар хомуһуннаах тылтан сэрэнэр үгэстээхпит. Тыл диэн ох уонна уот диэн өйдөбүл баар. Бу ыйга тыл ис күүһүн туһанар анал кэм буолар. Бу ыйга, чуолаан олунньу 13 күнүгэр — Ийэ тыл күнэ, ыйбыт 12 күнүттэн дьыбар тахсар буолар онтон 24 күнүттэн кыһыммыт ахсыыр. Былыргылар этэллэринэн, тымныы оҕуһун кута-сүрэ тостор.
Олунньу диэн онус ый бүтүүтүн бэлиэтэ. Түҥ өйдөбүлүнэн олунньу онус ый төгүрүк сылбыт тиһэх кэмэ. Төгүрүк сыл хараҥа, тымныы аҥаара – дьылбыт ол онон түмүктэнэр. Олунньуга, 11-с ый бүтэһик күнүгэр былыргылар ынах таҥарата диэни бэлиэтииллэрэ. Олунньу 12-с күнүгэр дьыл оҕуһун биир муоһа тостор. Олунньу 24-с күнүгэр иккис муоһа тууллан түһэр. Кыра Одун чугаһыыр. Одун – ахсыс халлаан айыыта буолар. Кини орто дойду буор кута. Одун – төрүт буор кут. Халлаан күннэрин, киһи бодотун – одун үөскэппит. Одун Хаан курдук дьылҕаны оҥорор эбит. Уратылара, суолталара – билиини таһаарыы. Оттон Одун Хаан – дьылҕа дьиҥнээҕин бу кэмҥэ оҥорор.
Олунньу маҥнайгы күнэ — дьыл оройо. Дьылбыт уһуна — 220 хонук. Бу кыстык кэмэ. Дьыл саҕаламмыта 110 хоммутун кэннэ — олунньу 1 күнүн ДЬЫЛ ОРОЙО диэн ааттыыллар. Кыһыҥҥы хонук аҥаара бүтэр. Кыстыкка бэлэмнэммит ас аҥаара сиэниллэр. Маҥхааһайга бурдук, кыбыыга от лоп курдук аҥаара хаалбыт буоллаҕына, үчүгэйдик дьылы тахсыахха сөп.
Олунньуга – саас кэлиитин уонна хайдах сайын кэлэрин кэтээн көрөллөр. Ый хаһыс күнүгэр сылыйар да, кэлэр ыйга ол кэмҥэ бэлиэтээһин буолар. Олунньуга сылаас, былыттаах буоллаҕына — сайына кураан онтон тымныы буоллаҕына – сайына ардахтаах буолара күүтүллэр. Тымныы тостор, сис былыта олунньу 15-20 күннэригэр буолуоҕа.
Олунньу ый билгэлэрэ
Олунньу ый 1 күнэ Дьыл оройо буолар. Кыһыҥҥы хонук аҥаара бутэр. Кыстыыр от аҥарыттан итэҕэһэ суох хаааллаҕына, дьылы үчүгэйдик тахсыллар. Бу күн хайдаҕый даҕаны, ый бүтүүтэ оннук буолуоҕа. Былыта суох, күннээх буоллаҕына, саас эрдэлиэҕэ. Эһэ арҕаҕар сытан эргийэр, биирдэ ытыһын саланар.
Олунньу ый 2 күнэ — ый дьиэлэннэҕинэ — мөлтөх үүнүүлээх сайыҥҥа диэн. Күн ортотук тыгар буоллаҕына, эрдэтээҥҥи саас оттон былыттаах буоллаҕына, хойукка диэри тыалырар диэн билгэлэнэр.
Олунньу ый 10 күнэ — хайах хостуур күнн тыалырдаҕына — сайыммыт ардахтаах буолар.
Олунньу ый 12 күнэ — Иккис Охонооһойоп, манна тымныы оҕуһун бастакы муоһа тостор. Куйуурдааһыны саҕалыахха сөп. Сырдык кэммит 9 чаас уһуур.
Олунньу ый 15 күнэ Бу күн тыалырдаҕына – саас хатааһыннаах буолар.
Олунньу ый 24 кунэ — Үһүс Охонооһойоп, тымныы оҕуһун иккис муоһа тостор. Сырдык кэммит 10 чаас уһуур.
“Олунньу ый илин эҥэр улуустарга үгүс оройуону кытары урукку сыллары кытары тэҥнээн көрөр эбит буоллахха, балай эмэ сымнаҕас буолара сабаҕаланар, олунньу ыйга хаарбыт олох суох буолууһу. Ыйбыт бастакы дэкээдэтигэр күнүһүн -30С-34С кыраадыс тымныы, түүнүн -46С-41С буолара күүтүллэр, хаара көстүбэт. Иккис дэкээдэ даҕаны кыра да хаара суох буолууһу, балай эмэ сылыйыыһы, күнүһүн -28-30С, түүнүн -30С -36С кыраадыс буолуоҕа. Үһүс дэкээдэ эмиэ хаара олох суох, лаппа сылыйыыһык. Күнүһүн -20С-23С кыраадыс, түүн -30С -33С кыраадыс тымныы буолара күүтүллэр”, — диэн Тарас Лукич анаарар.
Бэлэмнээтэ, хаартыскаҕа түһэрии Сэмэн Жендринскэй