Тарас Лукич эрдэ бэлиэтээбитин курдук ахсынньы ыйбыт аам-даам тымныытын лаппа биллэрдэ. Оскуола үөрэнээччилэрэ тэйиччиттэ үөрэххэ бардылар. Итини таһынан норуот сөбүлээн истэр синоптига бэйэтин билгэлээһинигэр кэккэ уларытыылары киллэрдэ.
— Ахсынньы хаһан баҕарар бүтэй кэм. Айылҕа бүттүүн утуйар. Ырыаҕа ылларыныы “сулустар сипсиһэр кэмнэрэ”. Маннык кэмҥэ биллэн туран бит-билгэтэ күүһүрэр. Ол иһин былыргы сахалар балаҕаҥҥа хаайтаран олорон, олоҥхону, остуоруйаны үлүһүйэн истэллэрэ, таабырын таайсаллара, хаадьылаһан чабырҕахтыыллара. Киһи-аймах өйө-санаата сытыырхайар, куйаар урсунунан, халлаан хаттыгаһынан айанныыр ураты кэмэ.
Дьэ, хайдах-хайдах халлаан биһигини кэтэһэрий? Эрдэ эппитим курдук, сир сүнньэ хамсаан, хабараан тымныы кэлиҥҥи сылларга илин эҥэр улуустарга сыҕарыйан иһэр курдук. Ол иһин, бу саҥа оҥорбут барыллааһыммар саамай тымныы улуустарынан — Чурапчы уонна Таатта (Ытык Күөл) буолаллар. Онтон Өймөкөөн улууһа кэлэр, ол кэнниттэн — Үөһээ Дьааҥы оройуона. Ахсынньы ый аастаҕына, тэҥнээн көрөн баран, бэйэҕит да сөпсөһүөххүт дии саныыбын. Ол иһин мантан инньэ илин эҥэр оройуоннары киин улуустартан арааран, туһунан киллэрэр буолуоҕум, — диэн кэпсиир Хайахсыт нэһилиэгин Аҕа баһылыга Тарас Тарасов-Тускул.
Сэмэн Жендринскэй