Норуот синоптига Тарас Тарасов-Тускул: “Сэтинньи ыйыгар хаар кэмчи буолуоҕа”

Сэтинньи — сахалар саамай сүгүрүйэр ыйдарыттан биирдэстэрэ. Өбүгэлэрбит Байанайы булду-алды кытары ыкса сибээстииллэрэ. Олус үөрүнньэҥ, кэһии биэрэр курдук саныыллара. Махталлаах булчукка Байанай хара тыа баайыттан үөрэ-көтө бэрсэр диэн өйдөбүл олохсуйбут.

Сэтинньигэ түүмэх түһэн барар. Түүмэх диэн син биир кыраһа курдук. Уу паара тоҥон, хаар буолар уонна сиргэ түһэр. Түүмэх, үксүгэр, былыта суох буолар. Эһиилги сыл хайдах буолуон түүмэҕинэн билэллэр. Түүмэх элбэх буоллаҕына — өҥ дьылы, түүмэх аҕыйах буоллаҕына, курааны күүтэллэр. Ый ортотугар (14 күн) сылаас таҥаһы кэтэр күн. Халлаан тымныйар. Киһи кыһыҥҥы таҥаһын кэтэр. Ый бүтүүтэ сэргэ төбөтө сэтэриччи тоҥор тымныыта түһэр. Бу өссө аам-даам буолбатах (ол ахсынньы 10-тан саҕаланыа). Күн сиэлиинэн күрэнэн иһэр. Хараҥа улаата турар.

Сэтинньигэ кыһын хайдах буолуон, саас хойутуон дуу, эрдэлиэн дуу, быһаараллар. Сэтинньи тибиитэ элбээтэҕинэ үс буолар, оччоҕо саас тоҕус тибин түһэр. Бу түбэлтэҕэ өҥ дьылы күүтэллэр. Сэтинньи ыйы ыам ыйа батыһар.

Миитэрэйэп саҕана (сэтинньи 8 күнэ) халлааҥҥа чүмэчи курдук былыттар таҕыстахтарына, сылаас кыһын буолар. Ыт атаҕын чиккэччи тэбинэн ойоҕоһунан сыттаҕына, хаар түһүө. Өрүс уута тура илигинэ кыстык хаар түстэҕинэ, куһаҕан дьыл кэлэр. Ойбону саҥа аллардахха уута толору тахсар, ардыгар модьоҕотун таһыгар охсор буоллаҕына, уулаах саас, итиэннэ өҥ сайын кэлэр. Уу нэһиилэ тахсар, өрө тэппэт буоллаҕына, сааһыгар үрэххэ уу кэлбэт, уута суох саас буолар.

Сэтинньи ый билгэтэ

Сэтинньи ый 2 күнэ – былыттаннаҕына,  кыһына ичигэс.

Сэтинньи ый 3 күнэ – Бу ыйга үс тибии түстэҕинэ, саас тоҕус тибии түһэр дииллэр. Онтон элбэх буоллаҕына, өҥ дьыл буолар. Онтон аҕыйах буоллаҕына, кураан дьыл буолар.

Сэтинньи ый 5 күнэ – Былыта суох күн хаар кыыдам­наан, элбэх кыраһа түстэҕинэ, өҥ сыл буолар. Кыраһа кыра буоллаҕына, кураан сыл буолар диэн суруйаллар.

Сэтинньи ый 8 күнэ – Сэтинньи 8 күнүттэн (Миитэрэйэп күнэ), сахалыы халандаарынан, идэһэни өлөрүү саҕаланар.Миитэрэйэп күнүгэр халлааҥҥа чүмэчи курдук былыттар таҕыстахтарына – кыһына тымныы, оттон үдүк-бадык уонна сырдыктыҥы будулҕан былыттар таҕыстахтарына, тымныы кыһыны күүтүҥ.

Сэтинньи ый 15 күнэ – Ый уонна Үргэл алтыһаллар. Ырааҕынан ааһыстахтарына, сылаас соҕус буолар. Чугаһынан ааһыстахтарына, тымныы буолар дииллэр.

Сэтинньи ый 15 күнэ – Муҥха бүтэр (Саха ыалын халандаарыгар — Мэхээлэйэп күнэ).

Сэтинньи ый 22 күнэ Былыттаннаҕына, ахсынньы 4 күнүгэр диэри ичигэс турар.

Сэтинньи ый 25 күнэ Сэтинньи 25 күнэ – Уус Алдан улууһун Курбуһах олохтооҕо Федот Николаевич Аммосов суруйбутунан – Мэхээлэйэп таҥара күнэ.

Сэтинньи ый 26 күнэ – Ый бүтүүтэ сэргэ төбөтө сэтэриччи тоҥор тымныыта түһэр. Бу өссө аам–­даам тымныы түһүүтэ буолбатах.

Сэтинньи ый 27 күнэ Саҥа үүнэр ый туруору та­­ҕыстаҕына – тымныы ый үүммүтүн бэлиэтэ.

Сэтинньи ый 28 күнэ Сулустар бачыгырыы хойуутук чаҕылыҥнастахтарына – халлаан тымныйарыгар.

Сэтинньи ый 29 күнэ Кыһынын соҕурууттан, арҕааттан салгыннаннаҕына – тымныйар. Хотуттан, илинтэн салгыннаннаҕына – тыал-хаар түһэр.

Дьэ кэлиҥҥи икки сылга былырыын да, быйыл да күһүммүт балай да уһаан иһэрэ билиннэ. Киин улуустарга кыстык хаар хойутаан түһэн хойукка диэри сүөһүлэр алаастарынан сырыттылар, бу соторутааҕыта эрэ хотоннорун буллулар. Аны Өлүөнэ эбэбит дьыл баччатыгар диэри устан мөлбөһүйэ сытар, билигин даҕаны биир да кыдьымах киирэ илик. Былырыын сэтинньи 27 күнүгэр турбута, онон олох хойутаан массыыналар эбэни туораабыттара, быйыл сэтинньибит эмиэ сымнаҕас ыйдар ахсааннарыгар киирииһик.

Урут баччаларга Өлүөнэ өрүс сабыллан, кыдьымах киирэн, сэтинньи 7 күнүгэр бастакы массыыналар туорууллар этэ. -40-45С кыраадыска тиийэ тымныылар түһэллэрэ. Бу аата Артика өттө биллэ сылыйан, хотугу муустаах муорабыт мууһун ириитин сабыдыала буолар, эһиил өссө сылыйаары турар. Онон айылҕа тосту уларыйыыларын биирдэ буолар көстүүлэрин туоһулара буолабыт.

 КИИН УЛУУСТАРГА:

Ый устата киин улуустарга хаара  кэмчи буолуоҕа, ол оннугар күн аайы кыра-кыралаан кыраһалыаҕа. Ый устата баара суоҕа 15 мм халыҥнаах хаар түһэрэ күүтүллэр.

Бу ый I дэкээдэтэ урукку сыллары кытары тэҥнээтэххэ сылаас,  күнүһүн -19С кыраадыс, түүнүн -24С тиийэ тымныйыа. II дэкээдэҕэ күнүһүн -24С, түүнүн  -28С  кыраадыс буолуоҕа. III дэкээдэҕэ күнүһүн -30С кыраадыс, түүнүн  -35С  кыраадыска тиийэ тоҥоруоҕа.

БҮЛҮҮ БӨЛӨХ УЛУУСТАРГА

Бүлүү эҥэр улуустарга эмиэ хаар суоҕун кэриэтэ буолуоҕа. Икки эрэ күн устата өлгөмнүк хаардыаҕа. Урукку сыллары кытары тэҥнээтэххэ улахан тымныы түһэрэ күүтүллүбэт. Бу ый I дэкээдэтэ күнүһүн -17С, түүнүн -21С тымныы. II дэкээдэҕэ улахан тымныы эмиэ суох, күнүһүн -21С кыраадыс, түүнүн — 27С  кыраадыска тиийэ тымныйыа. III дэкээдэҕэ күнүһүн -30С, түүнүн -35С кыраадыс тымныы буолуоҕа.

ӨЛҮӨХҮМЭ, АЛДАН, НЕРЮНГРИ КУОРАТТАРЫГАР:

 Соҕуруулуу-арҕаа улуустарга сэтинньи ыйга — үс эрэ күн устата хаардыаҕа онтон атын күннэргэ хаара суох күннэр туруохтара. Бу ый I дэкээдэтэ күнүһүн -13С, түүнүн -17С тымныы. II дэкээдэҕэ күнүһүн -17С , түүнүн -21С кыраадыс тымныйыаҕа. III дэкээдэҕэ күнүһүн -24С, түүнүн -28С кыраадыс тымныы буолара күүтүллэр.

ӨЙМӨКӨӨН УЛУУҺУГАР:

Өймөкөөн — Сахабыт сирин саамай тымныы улууһунан биллэр манна эмиэ урукку сылларга тиийбэттии сымныыһык. Алтынньы ыйга сөҥүүтэ кэмчи этэ. Онтон бу сэтинньи ыйга хаарын олох даҕаны мэлиппит, ый устата баара-суоҕа 9 мм халыҥнаах хаар түһэрэ күүтүллэр. Бу ый I дэкээдэтигэр күнүс -26С, түүнүн -32С тымныйыаҕа. II дэкээдэҕэ көннөрү тымныы буолуоҕа күнүһүн -32С, түүнүн -36С. III дэкээдэҕэ күнүһүн -36С, түүнүн -40С тымныы буолуоҕа.

ҮӨҺЭЭ ДЬААҤЫ УЛУУҺУГАР:

 Үөһээ Дьааҥы —  Сахабыт сирин биир эмиэ саамай тымныы улууһунан биллэр, ол эрэн быйылгы сыллааҕы сылыйыы кинини эмиэ тумнубатах, хаара эмиэ атын улуустар курдук кэмчи соҕус буолууһу. Сэтинньи ыйга баара суоҕа 9 мм  халыҥнаах хаар түһүөҕэ. Бу ый I дэкээдэтэ күнүһүн -23С, түүн -29С тымныйыаҕа. II дэкээдэҕэ күнүһүн -30С, түүнүн -34С  кыраадыс. III дэкээдэҕэ күнүһүн -36С, түүн -40С кыраадыска тиийэ тымныйыаҕа.

АБЫЙ, МУОМА, ХАЛЫМА, ҮӨҺЭЭ ХАЛЫМА, АЛЛАРАА ХАЛЫМА, АЛАҺЫАЙ УЛУУСТАРЫГАР:

 Халыма-Индигиир эҥэр улуустарга, алтынньы ыйга сүҥүү олох кэмчи этэ, аны бу сэтинньи ыйга кыырпах да хаар түһэрэ күүтүллүбэт. Бу ый I дэкээдэтэ күнүһүн -20С, түүн -25С тымныы. II дэкээдэ күнүһүн -30С, түүнүн -34С  кыраадыс тымныйар. III дэкээдэҕэ күнүһүн -33С, түүн -36С кыраадыс буолуоҕа.

АНААБЫР, ӨЛӨӨН, БУЛУҤ УЛУУСТАРЫГАР:

 Арктика эҥэр улуустарыгар, атын оройуоннары кытары тэҥнээтэххэ син орто хаардаах буолууһу, ол гынан ый устата 22 мм халыҥнаах хаар түһэрэ күүтүллэр. Бу ый I дэкээдэтэ күнүһүн -16С, түүн -20С тымныы. II дэкээдэтэ күнүһүн -19С, түүнүн -23С  кыраадыс. III дэкээдэҕэ күнүһүн -25С, түүнүн -28С кыраадыс тымныйыаҕа.

 

Бэлэмнээтэ Сэмэн Жендринскэй