Алтынньы 2 -14 күннэригэр өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн чэпчэтиилээх сурутуу буола турар. Ону тэҥэ эрэдээксийэбитигэр «БЭТЭРЭЭҤҤЭ СУРУЙТАР» диэн аахсыйа ыытыллар.
Бу аахсыйаны норуот дьокутаата Дмитрий Поисеев өйөөн, улууспут 10 аҕам саастаахтарыгар «Саҥа олох» хаһыаты суруйтарда.
Ол курдук Чурапчы нэһилиэгиттэн Анастасия Петровна Филиппова, Василий Николаевич Дьячковскай, Мария Ивановна Соловьева, Клавдия Семеновна Алексеева, Дария Егоровна Федорова, Пелагея Петровна Кривошапкина, Ольга Петровна Кузьмина, Хатылы нэһилиэгиттэн Екатерина Михайловна Ефремова, Одьулуун нэһилиэгиттэн Елена Николаевна Карпова, Мугудай нэһилиэгиттэн Алексей Алексеевич Терютин үүнэр 2024 сыл бастакы аҥаарыгар улууспут хаһыатын тутуохтара.
Улууспут тэрилтэлэрэ, биирдиилээн дьон, аахсыйаҕа кыттыһан аҕам саастаах дьоммутугар «Саҥа олох» хаһыаты сурутан бэлэх уунуҥ!