Нолуогу кэмигэр төлүөххэ

Билиҥҥи үйэҕэ хас биирдии киһи баайыгар-дуолугар сокуонунан нолуок төлүүр эбээһинэстээх. Массыынаны бас билээччилэр тырааныспар нолуогун, дьиэни-уоту бас билээччилэр баай уонна сир нолуогун төлүүллэр. Нолуоктан аккаастанар табыллыбат. Сокуонунан ааҕыллыбыт буоллаҕына, ону төлүөхтээхпит. Бу нолуоктар хаһааҥҥа диэри төлөнүллүөхтээхтэрин, чэпчэтиилэр көрүллүүлэрин туһунан чопчу билээри, Чурапчы улууһун нолуок сулууспатын иниспиэктэрин Мария Пестерованы кытта кэпсэттим.

“Хамсаабат баай-дуол ааспыт сыллааҕы нолуогун чааһынай киһи бу сыл ахсынньы бастакы күнүгэр диэри төлүүр эбээһинэстээх. Бу нолуокка чааһынай дьиэ, кыбартыыра, массыына, сир учаастага киирэллэр. Биэнсийэлээх дьон биир дьиэ, кыбартыыра, хаһаайыстыбаннай тутуу уонна алта суотайга диэри иэннээх сир нолуогуттан босхолоноллор. Биэнсийэҕэ тахсан баран нолуоктан босхолоноллорун билбэккэ, төлүү сылдьыбыт буоллахтарына, сайабылыанньа суруйан кэнники үс сыллааҕы төлөбүрдэрин төнүннэриэхтэрин сөп.

Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн төрөппүттэриттэн биирдэстэрэ сайабылыанньа суруйан, биир массыына нолуогуттан босхолонор бырааптаахтар. Ону таһынан, биир чааһынай дьиэ, кыбартыыра, сир нолуогун төлөбүрүн кыччатыахтарын сөп. Чэпчэтии бырыһыана үөһээ этиллибит баай-дуол иэниттэн тутулуктаах. Сайабылыанньаны нолуок ааҕыллыан иннинэ суруйан нолуогабай сулууспаҕа туттарыахтаахтар.

Доруобуйаларынан хааччахтаах дьон биир тырааныспар нолуогуттан босхолоноллор. Доруобуйаларын туругун бигэргэтэр докумуону аҕалаллар ону кытта сайабылыанньа суруйаллар.

Баай-дуол нолуогун таһынан, хамнас ылааччылар НДФЛ нолуогун төлүүллэр. Дохуот сууматыттан 13 % төлөнүллэр. Бу харчы тута хамнастан  тутуллан, бүддьүөт хааһынатыгар киирэр. Биир — икки оҕолоох дьон тэрилтэлэригэр сайабылыанньа суруйан, хас биирдии оҕолоругар 1400 солкуобай чэпчэтии көрүллүөн сөп. Онтон үстэн элбэх оҕолоохтор 3000 солкуобайы төнүннэрэр  бырааптаахтар. Дохуоттара  350 тыһ. солкуобай буолуор диэри көрүллэр.

 

Сыл аайы дьоҥҥо, регистрацияламмыт аадырыстарыгар эбэтэр нолуогу төлөөччү тус кабинетыгар ханнык нолуогу төлүөхтээхтэрин туһунан иһитиннэрии кэлэр. Онно нолуок эбийиэктэрэ, суумата уонна төлүүргэ анал реквизиттэр ыйыллаллар. Бэлиэтээн эттэххэ, эһиги дааннайдаргытыгар туох эмэ сыыһа-халты баар буоллаҕына, тута быһаарсыаххытын наада.

Нолуок эбийиэктэрин туһунан иһитиннэриини nalog.ru порталга киирэн билсиэххитин сөп», — диэн Мария Пестерева хаһыат ааҕааччыларыгар анаан билиһиннэрдэ.

Нолуок төлөбүрэ дойдубут бүддьүөтүгэр киирэр, ол харчы судаарыстыбаннай уонна социальнай хабааннаах сыалга туттуллар. Суоллары өрөмүөннээһин, оскуолалары, балыыһалары тутуу, уулуссалары тупсарыы, үөрэҕириигэ уонна анал категорияларга көмөҕө туһаныллар. Судаарыстыбаттан көрүллүбүт чэпчэтиилэри туһанан, нолуоктарбытын кэмигэр төлүөххэ.

Людмила Горохова