Бүгүн Ил Дархан Айсен Николаев сыллааҕы Анал этиитигэр дьадайыы таһымын кыччатарга соругу туруорда. Социальнай контракт суумата эһиилгэттэн икки бүк үрдээн 500 тыһ. солк. буоларын иһитиннэрдэ. Хатылы нэһилиэгин олохтооҕо Николай Барашков быйыл социальнай контрагынан субсидия ылан, автосервиһын материальнай базатын хаҥатта.
«Мин автосервис арынан үлэлээбитим икки сыл буолла. Быйыл алтынньыга социальнай контракт программатыгар киирсэн, хамыыһыйаны ааһан, бэйэ дьыалатын сайыннарыыга көмө субсидия ылбытым. Автосервиспар массыына өрөмүөнүгэр туттуллар араас тэрили ылыммытым. Бу үлэм сайдарыгар улахан күүс-көмө буолла. Билиҥҥи кэмҥэ сорох дьон сатаан кредит да ылбат, онуоха бу социальнай контракт баар буолан, бэйэ дьыалатын тэринэргэ, сайыннарарга саҥа саҕалааччыларга улахан тирэх буолар», — диэн Николай Степанович үллэстэр.
Улууспут социальнай контрагы ылыыга өрөспүүбүлүкэҕэ бастыҥнар кэккэлэригэр сылдьар. Ол курдук 2020 сылтан социальнай контрагы 883 киһи түһэрсэн, уопсайа 106 440 279,99 сууманы туһаннылар.