Мырылаҕа ойуур баһаара бэлиэтэннэ

«Быйылгы ойуур баһаарын сезонугар уопсайа 9 баһаар бэлиэтэннэ. Бу күннэргэ Мырылаҕа Амма өрүһүн уҥуор 1 баһаар умайа турар, атырдьах ыйын 6 күнүгэр булуллубута. Умайыы уопсай иэнэ -170 га, итинтэн 140-на ойуур, 30-та хонуу. Баһаарга 45 киһи үлэлиир, итинтэн 21-э парашютист, 24-дэ десантнай парашютистар. Урут умайа сылдьыбыт ойуур буолан, уута суох, умулларарга уустук», — диэн Ойуур хаһаайыстыбатын Чурапчытааҕы филиалын салайааччыта Василий Степанов кэпсиир.

Санатан эттэххэ,  атырдьах ыйын 6 күнүгэр Бахсыга тахсыбыт ойуур баһаарын умуруордулар. «Якутлесресурс»  Чурапчытааҕы филиалын 12 үлэһитэ, нэһилиэнньэттэн 2 киһи, 1 тыраахтар, 3 УАЗ, 1 ууну таһар массыына үлэлээтилэр. Баһаар уопсай иэнэ 1 гааҕа тэҥнэстэ.

Бу икки баһаар биричиинэлэринэн этиҥнээх чаҕылҕантан диэн быһаарыллыбыт.

Елена Макаринская