Сур бөрөлөр Мырыла, Мындаҕаайы аттыларыттан ырааппаттар.

Бу икки нэһилиэккэ уопсай сүбэнэн булчуттар биригээдэлэрэ тэриллэн ардай аһыылаахтары сонордооһун саҕаламмыта. Мырыла булчуттара үөрэтэн көрөн бараннар, үөһэ хайаҕа, Таатта кыраныыссатын туһаайыытыгар хапкаан ииппиттэр, күн-бэҕэһээ кырдьаҕас бөрө иҥнибит.

“Сылдьыбыта балай эмэ ырааппыт бөрө эбит, хаста даҕаны кэлитэлээн барбыт суолун көрдүбүт. Ол эрэн үөрүнэн бөрө Мырыла эҥэр сылдьаллар диир кыахпыт суох. Биир үгүс Мындаҕаайыны буулаатылар”, — диэн булчуттар кэпсииллэр.

Статистика көрдөрөрүнэн, бөрө 2006 сыллаахха 3,5 тыһ. буоллаҕына, бүгүн 9,5 тыһ. ахсааҥҥа тиийбит. Сиэмэх кыыллар өссө элбээтэхтэринэ, туох буолуон сэрэйиэххэ эрэ сөп.

 

Сэмэн Жендринскэй