СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр “Развитие кормопроизводства” диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи Судаарыстыбаннай бырагыраама аннынан үлэлиир “Развитие сельского хозяйства и регулирование рынков сельскохозяйственной продукции, сырья и продовольствия” салаа энергонасыщеннай тиэхиньикэлэргэ сыллааҕы төлөбүрдэригэр 95% субсидия көрөн, туһааннаах хайысхаҕа үлэлии-хамсыы сылдьар бааһынай хаһаайыстыбаларбыт саҥа тиэхиньикэлэр күлүүстэрин туттулар.
Бу күннэргэ өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 9 бааһынай хаһаайыстыба үрдүк кыамталаах тиэхиньикэлэннилэр. Ол курдук хамбаайыннар: Нам, Хаҥалас, Өлүөхүмэ, Уус Алдан улуустарыгар итиэннэ Чурапчы улууһун Болугур нэһилиэгэр кэллилэр.
- Бу бырагыраамаҕа алҕас киирэн хаалбытым. Мин сылдьар кэммэр дьиҥэр үллэстэн бүппүттэр эбит этэ. “Ханна сылдьыбыккыный?” диэн буолбута. Ол эрэн икки дуу, хас дуу хонугунан биир хандьыдааттара сотуллан хаалан, кини оннугар хапсан хааллым. Инньэ гынан хамбаайыҥҥаа тигистибит. Хамбаайыммыт аата “АVR Spirit 5200” диэн ааттаах, икки кирээдэни тэҥинэн хомуйуохтаах, буорун-сыыһын бүтүннүү ыраастаан таһаарар транспортердардаах. Былырыыҥҥа диэри хамбаайын барыан иннинэ биһиги хортуоска угун туспа тыраахтарынан биир киһи уһун күнү быһа сылдьан быһыта оҕустарар этэ. Билигин бу хамбаайын оннукка наадыйбат буолар. Сүрүн уратытынан кинини “МТЗ” кыайан соспот, инньэ гынан лизинг нөҥүө бэйэм эбии улахан тиэхиньикэ ылынан эрэбин, бу нэдиэлэҕэ ыыталлара буоллар диэн баҕалаахпын. Хамбаайын бункера, уруккулар киэннэрэ 2 туонна эбит буоллаҕына , билиҥҥибит 6 туонна хортуоппуйу батарыахтаах. Итиниэхэ буоллаҕына биһиги үс төгүл аҕыйахта тохтуохтаахпыт, ол түмүгэр оҥорон таһаарыыбыт улаатыахтаах, дьон үлэҕэ ноҕорууската аччыахтаах диэн. Холобур, хортуоппуйу сүөкүүрбүтүгэр үөһэ үлэлии турар дьон урукку өттүгэр аллара түһүөхтэрин наада буолар этэ, билигин биллэн туран үс төгүл аҕыйахта түһэр буолаллар. Биир түһүүгэ 6 туоннаны сүөкүөхтээхпит. Хамбаайыммыт олус эрэллээх диэн, ону таһынан киниэхэ электрониката олох аҕыйах, транспортердара барыта привод, кардан көмөтүнэн хамсыыллар. Уруккум гидронасостар этэ, онтубут биир эмэ боруобада быһа ыстаннаҕына улаханнык моһуоктааччы. Түгэнинэн туһанан, СӨ Ил Дархана Айсен Николаевка, СӨ Бырабыыталыстыбатыгар, СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр бу оҥорон таһаарар хаһаайыстабаларга маннык улахан көмөнү оҥорбуттарыгар дириҥник махтанабын. Ону таһынан эһиилги сылларга эмиэ салгыы өйүүллэрэ буоллар, чуолаан төлөбүрүгэр эбии субсидия көрөллөрө буоллар диэн баҕа санаалаахпын, — диэн Болугур нэһилиэгин “Сайдыы” бааһынай хаһаайыстыба баһылыга Данил Павлов санаатын үллэһиннэ.
Сэмэн Жендринскэй