Мындаҕаайылар: “Барытын бэдэрээлинэй сокуоҥҥа сыҥалыыгыт онтон манна тыыннаах дьоннор олороллор”

Отчуоттуур II-с бөлөх бүтэһик күн Болугур нэһилиэгэр  сырытта. Отчуоту истэ, сааланы толору 92 киһи кэллэ, кинилэр ортолоругар 86 саастаах Иннокентий Ядрихинскай кэлэн иһиттэ.

Былырыын олохтоохтортон уопсайа 32 боппуруос, 5 этии киирэн эппиэттэммит, боротокуолга киллэриллибит эбит буоллаҕына быйылгы сыллаахха 40 боппуруос, 4 этии киирдэ.

Олохтоохтортон ордук көхтөөхтүк Алексей Диодоров, Молот Константинов, Иван Иванов, Афанасий Петров, Светлана Николаева, Василий Павлов, Антонина Кампеева, Туллук Новгородова, Николай Михайлов, Сахая Иннокентьева, Евдокия Саввина, Александра Прокопьева кыттыыны ыллылар. Биир бастакынан «Ымыы» уһуйааҥҥа хапытаалынай өрөмүөн боппуруоһа турда.

Былырыын Мындаҕаайыга киинтэн ититии ситимигэр холбонуу  биир сүрүн боппуруоһунан турбута. Бу да сырыыга олохтоохтор саҥа хочуолунай тутуутун туруорустулар. Маны тэҥэ улуус кииниттэн тэйиччи сытар нэһилиэккэ мэдиссиинэ көмөтө бириэмэтигэр оҥоһулларын,  сытар миэстэлээх балыыһа тутуутун хаһыс да сылларын туруорсаллар.

Нэһилиэк ытыктанар кырдьаҕаһа Николай Михайлов ааспыт сырыыга “Мындаҕаайы” кэпэрэтиипкэ анаан саҥа хотон тутуутун туруорсубут эбит буоллаҕын, бу сырыыга даамба тутуутун боппуруоһун, уопсайынан экология тиэмэтигэр санаатын этинэн, бөлөх салайааччыта Николай Афанасьевка суругун туттарда.

Оскуоланы каадырдарынан хааччыйыы, учууталларга көрүллэр хомунаалынай төлөбүрдэрин үрдэтиигэ, кырдьаҕастарга интэринээт дьиэ тутуутун, туризмы сайыннарыыга, арыгы атыытын тохтотууга, бэйэ бородууксуйатын атыылыырга ырыынагы тэрийии, олохтоох дьаһалта бас билэр территориятын хаҥатыыга үбүн улаатыннарыыга, мобильнай биригэээдэ үлэтин хаачыстыбатын тупсарарга, газгольдернай оттугу нэһилиэккэ киллэрии, Амма өрүһү харыстааһын, оҕо лааҕырын тэрийии  уо.д.а туһааннаах ыйытыылар киирдилэр.

Киирбит боппуруостарга СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы Николай Степанович бука барытыгар толорутук хоруйдаата. Улахан уопуттаах салайааччы бу үс күннээх мунньах кэмигэр, отчуоттаабыт нэһилиэктэригэр улаханнык сөбүлэттэ, мэлдьи норуот диэки буолар көрүүлэринэн итиэннэ тутатына боротокуолга киллэттэрэн “туруорсуом, тириэрдиэм” диэн этиилэрэ дьоҥҥо-сэргэҕэ олус үчүгэйдик иһилиннилэр.

Мунньах түмүгүнэн нэһилиэнньэ СӨ Бырабыыталыстыбатын үлэтин сөптөөҕүнэн сыаналаата.

 

Сэмэн Жендринскэй. Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ